Нэһилиэктэр баар кыһалҕаларын хото туруорустулар

Улуус дьаһалтатын отчуоттуур бөлөҕө иккис күнүн арҕаа нэһилиэктэринэн сырытта. Отчуот Сатаҕай нэһилиэгиттэн саҕаланна. Онтон эбиэттэн киэһэ Алтан уонна Эмис нэһилиэктэригэр буолла. Ааспыт сыллааҕы үлэни нэһилиэнньэ бэрт көхтөөхтүк кэлэн иһиттэ. Боппуруостарын да хото биэрэн, хоруйдары ылан, ыытыллыбыт үлэни биһирээтилэр.

Сатаҕайдар хаһан да буоларын курдук күүстээх уот линиятын туруорустулар. Ону кытта биллэн туран, саҥа оскуола тутуута уонна Бүтэйдээх, улахан айан суолуттан киирии суол туруга долгутта.

Улуус баһылыга Степан Николаевич Кузьмин бу саҥа састаабынан кэлэн бастакытын отчуоттаата. Отчуот саҥа аныгылыы форматынан барара үчүгэй. Хаһыакка да тахсыбыт отчуот бэрт өйдөнүмтүө, салаа салааларынан араарыллан оҥоһуллубута ааҕарга бэрт этэ. Биһиги учуутал дьон быһыытынан ону сэргии көрбүппүт. Үлэ барбыт, биһириибит. Инникитин кэлэр отчуоттарга боротокуолга киирбит боппуруостар хайдах туолбуттарын кэлэн нэһилиэккэ билиһиннэрэллэрэ буоллар өссө көдьүүстээх уонна үчүгэй буолуо этэ”, — диэн  Е.А. Шишигин аатынан орто оскуола дириэктэрэ Иванна Шишигина санаатын үллэһиннэ.

Алтаннар эмиэ уот күүһүрүүтүн тумнубатылар.  Маны сэргэ уһуйаан тутуута, суол-иис, эмчит тиийбэтэ биир сүрүн боппуруостар буоллулар. Ону таһынан өссө да киин ититиигэ холбоно илик нэһилиэктэр салгыы холбонуулара, уһук илин гектарынан төһө сир баарын, элбэх оҕолоох ыалларга уһаайба биэриитэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэнигэр көмө, уу скважината хаһан үлэҕэ киирэрэ, Сатаҕайга барар муоста оҥоһуута, ОПТУ эбийиэктэрин дьылҕаларын уонна да атын суол боппуруостар Алтан олохтоохторун долгуттулар.

Улуус дьаһалтата маннык кэлэн отчуоттуура үчүгэй буоллаҕа. Туох-ханнык үлэ сыл устата барбытын, ситиһиилэри үчүгэй баҕайытык билиһиннэрдилэр. Мин салалта иннигэр быраас тиийбэтин туһунан туруорустум. Бу боппуруос аҥардас улуус, нэһилиэк эрэ кыһалҕата буолбакка, үрдүкү салалтаҕа туруон наада. Холобура биһиги бу эҥэр үс нэһилиэк бырааһа суох олоробут. Ол-бу буолар түгэнигэр  туох буолуон киһи этиэн да куттанар. Онон эмчиттэр баар буолууларын олох улаханнык туруорсар кэм кэллэ”, — диэн уопсастыбанньык, нэһилиэк олохтооҕо Наталья Борисова бэйэтин санаатын тириэртэ.

Эмис нэһилиэгэр отчуоттуур бөлөххө нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин  отчуокка киириэх иннинэ, нэһилиэк олоҥхо ыһыаҕар хайдах бэлэмнэнэ сылдьарын стендэҕэ көрдөрөн билиһиннэрдэ. Маныаха эмистэр бу үлэлэрин олус бэркэ оҥорбуттар. Ватманынан оҥоһуллубут стендэҕэ нэһилиэк хайдах түмсэн үлэлии сылдьара, улуус ирдэбилэ, нэһилиэк тугу оҥоруохтааҕа, туох оҥоһуллубута барыта киирбит. Улуус баһылыга Степан Кузьмин уонна атын да салайааччылар бэртээхэй үлэ, бэлэмнэнии хаамыытын көрдөрөр экран оҥоһуллубут эбит диэн сэргээтилэр.

“Маны нэһилиэктэр холобурга ылыахтарын наада эбит” диэн түмүгү оҥордулар.  Отчуоту истэ саала иһэ толору мустубут. Дьон-сэргэ ортотугар нэһилиэк баһылыга анал байыаннай дьайыыттан кэлэ сылдьар биир дойдулаахтарыгар “Эмис киэн туттуута” бэлиэни туттарда. Эмистэр улуус салалтатыгар эмиэ боппуруостарын хото биэрдилэр. Ол курдук эмиэ бу эҥэр сытар нэһилиэктэр курдук уот күүһүрүүтэ, суол-иис, ону кытта биллэн туран саҥа оскуола тутуута. Олохтоохтору маны сэргэ киин ититэр ситимҥэ холбонуу, уһаайба боппуруостара эмиэ долгуталлар. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Анна Устинова  суол кытыытыгар олорор буоланнар, кэнники кэмҥэ сылгыларын үнтү көтүү элбээбитин, маныаха улуус дьаһалтата суолга сөптөөх знактары туруорулларыгар көмөлөһөрүгэр көрдөстө.

Мин улуус дьаһалтата ыытан кэлбит отчуотун биһириибин. Барытын көрдөрөн кэпсээбиттэрэ үчүгэй. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии туһунан эмиэ сырдаата. Биһиги нэһилиэк эмиэ ыалдьыттары аан бастакынан көрсөр дьон буоларбытынан күүскэ бэлэмнэнэ сылдьабыт”, — диэн Анна Николаевна санаатын тириэртэ.  Эмистэр биир санаанан куоластаан, ыытыллыбыт үлэни «биһириибит» диэн биллэрдилэр.

Отчуокка кэпсэтиилэри сиһилии «Амма олоҕо» хаһыакка ааҕаарын.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше