Тохсунньу 12 күнэ Бөтүҥ оскуолатыгар ураты, бэлиэ күн. Биһиги оскуолабыт аатын сүгэр Саха Республикатын оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС уонна РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна Иванов Николай Егорович төрөөбүт күнэ. Кини баара буоллар бүгүн 90 сааһын туолуо этэ.
Николай Егорович 1934 с. Бүлүү оройуонугар 1-Чочу нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Талааннаах салайааччы Амма улууһун оскуолаларыгар барыта 36 сыл директордаабыт: Абаҕа, Амма 1 №-дээх, Эмис оскуолаларыгар. Оттон Бөтүҥ орто оскуолатыгар 1980 с. үлэтин саҕалаабыта. Николай Егорович өр сылларга үлэлээбит директор Дьячковскай Иван Михайлович хорутуулаах үлэтин ыһыктыбакка утумнаахтык салҕаабыта. Үлэни өрө тутан хас да сыл оскуола үлэлэрин көрдөрүүтэ инники күөннэ сылдьар. Оскуола биир улахан ситиһиитинэн 1986 с. үлэ лааҕырдарын күрэхтэһиитигэр Россияҕа 1 миэстэни ылбытынан урукку көлүөнэ киэн тутта кэпсиир, биһиэхэ холобур оҥорор. Николай Егорович үлэтин салҕыы, военнай үөрэхтээһини өрө туппут Новиков Иосиф Иосифовичка туттарбыт.
Билигин үтүө үгэһи салҕаан, оҕону үлэнэн иитиигэ программа ылынан үлэлии сылдьабыт. Ол туоһубут 2018 с. муус устар ыйын 5 күнүгэр Москваҕа А.С.Макаренко аатынан ХХVI международнай күрэххэ кыайыыны ситиспиппит буолар. Ону салҕаан 2023 с. Дьокуускайга А.С.Макаренко аатынан күрэх буолбутугар 3 миэстэни ылбыппыт.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ санаан ааһыаҕыҥ 2005 с. Николай Егорович аатын оскуолаҕа иҥэрэргэ үлэлэспит дьоммутун — А.Е.Артемьевы, П.И.Емельянованы, Л.В.Заварзинаны, И.С.Климентовы, С.В.Борисованы, И.И.Новиковы, М.И.Лонгиновы уо.д.а. Идеятын 1996 с. Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, документалист-суруйааччы Дмитрий Гаврильев бастакынан көтөхпүтэ.
Билигин биһиги оскуолабыт Николай Егорович аатын үйэтитэргэ 2007 с. бастакытын, онтон 2011 сылтан сыл ахсын Иванов Николай Егорович аатынан оскуола иһинэн Ивановскай ааҕыылары ыытабыт. Бу сыллар тухары 400 тахса оҕо, 200 тахса учууталлар, төрөппүттэр кыттыыны ыллылар. Сылын ахсын билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох хайысхалары киллэрэн биэрэбит. Дакылааттарга сылтан сыл интэриэһинэй темалар кэлэллэр, сорох оҕолор мантан оскуола иһинээҕи күрэхтэн куорсун анньынан Республикаҕа тиийэ научнай-практическай конференцияларга кыттыыны ылаллар. Ол курдук, бастакы ааҕыыга кыттыбыт үөрэнээччилэр улаатан республика араас муннугар үлэлии-үөрэнэ сылдьаллар, үөрэ ааттыыбыт – 7 «б» кылаастан кыттыбыт билигин Владивосток куоракка идэ ылан кэлэн Саха сиригэр үлэлии сылдьар Константинова Нарыйаны, медалист выпускница, республика олимпиадатыгар тиийэ сайдыбыт студентка Иванова Аиданы, 4 кылаастан кыттан Бүтүн Россия таһымнаах ааҕыыларга оскуолаларын аатын ааттаппыт Слепцов Георгийы. Билигин Гоголева Рада, Семенова Саша республикаҕа миэстэлэһэн, Россияҕа күрэхтэһэ барарга путевка ыллылар. Салайааччылара Семенова О.Н. көҕүлээһининэн 2014 с. Николай Егорович 80 сааһын көрсө «Бөрө Бөтүҥҥэр» диэн бырайыагынан бастакытын сетевой дистанционнай ааҕыылаары ыыппыппыт. Николай Егорович үлэлээбит оскуолаларыттан Абаҕаттан, Эмистэн, Амма 1-кы №-дээх оскуолаларыттан кыттыыны ыларга этии көтөхпүппүт. Ааҕыы түмүгүнэн резолюцияҕа Николай Егорович саҥа оскуоланы тутуутун күүскэ туруорсууну сүбэлэспиппит уонна бюстун эргэ оскуолаҕа буолбакка саҥа оскуолаҕа туруоруохха диэн быһаарбыппыт.
2016 с. Васильева А.М. – Сэбиэт Аана 100 сыллаах юбилейын көрсө Николай Егорович ааҕыыларын Амма 1-кы №-дээх оскуолатын базатыгар ыыпыппыт. Үрдүк таһымнаах ааҕыылар буолбуттара.
Саҥа оскуола тутуутун өссө 1991 с. Николай Егорович оскуола 60 сыллаах юбилейгыгар дакылаатыгар эппититин видео туоһулуур. Туруорсалларыгар оскуола таас бырайыагын «Бөтүҥ» совхоз үбүлээн, ол кэмҥэ совхоз директора Борисов Афанасий Иннокентьевич оҥотторбуттар. Дойду үрдүнэн ыарахан 90-с сыллар саҕаланан олоххо сатаан киирбэтэх.
2007 с. директор Новиков Иосиф Иосифович үлэлиир сылларыгар 165 миэстэлээх оскуола бырайыагын проектно-изыскательнай үлэтин ыыттарбыта. 2019 с. өр туруорсубут-күүппүт оскуолабыт үлэҕэ киирбитинэн, ол сылларга Николай Егорович эппит этиитэ олоххо киирбититтэн олус үөрэбит.
2017 с. муус устар 14 күнүгэр бастакы свая түспүтүгэр этии киллэрбиппитин ылынан, Николай Егорович кыыһа учуутал Семенова Оксана Николаевна аймахтарыгар ыҥырыы таһааран бюст туруорууга үлэни саҕалаан барбыта. Ол түмүгэр оскуола киирбит сылыгар 2019 с. алтынньы ый 4 күнүгэр Учуутал күнүн көрсө Николай Егорович бюстун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыппыт. Аймахтара түмсүүлээхтэрин көрдөрөн бюст оҥотторон, Учууталлар сквердэрэ буолар сирбитин бастакы олугун ууран, оскуола тас бырайыагар ол сылларга Амма улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччы Иванов Дмитрий Дмитриевич уларытыы киллэттэрэн Учууталлар сквердэрэ баар буолбута. Бюст дизайнын выпускникпыт художник Левин Владимир Степанович сүбэтинэн скульптор Павлов Илья оҥорбута. Учууталлар сквердэрин тротуарнай плитатын нэһилиэкпит дьаһалтата, ол кэмҥэ баһылыкпыт Борисова С.В., солбуйааччыта Никитин А.Н. өйөөн көмөлөспүттэрэ.
Алексеевтар-Ивановтар дьиэ-кэргэн бюст арыллыытын үөрүүлээх күнүгэр «Педагогическай династия» бэлиэ хаһаайынынан буолбуттара.
2020 с. сайын оскуола учууталлара, үлэһит эр дьоно эбии дьоҕус скамейка турар миэстэтин оҥорбуттара. Сыл ахсын сквербыт тупсан иһэр.
Учуутал идэлээх дьиэ кэргэн Мария Семеновна уонна Михаил Андреевич Дмитриевтар оҕолоро оскуола арыллыытыгар сквергэ анаан уунэйи ыларга үбүнэн көмөлөспүттэрэ. Ол түмүгэр Ботаническай садтан, Амматааҕы юннаттар станцияларыттан декоративнай талахтары ылан олордубуппут. 2021 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр 1975 с. выпустар оһуордаах бэйэ илиинэн оҥорбут кэрэ скамейка бэлэхтээбиттэрэ.
2022 с. сайыныгар фонтан оҥорбуппут. Фонтан ыларга 2019 с. оскуолаҕа киирэрбитигэр выпускниктарбыт көмөлөспүттэрэ. Бу идеяны «Дьол фонтана» диэн проект оҥорон олоххо киллэрсибит дьоммутугар махтанабыт. Проекпытынан Улуус баһылыгын 25 тыһ. солк. суумалаах, «Матери России» ЯРО общественнай түмсүү көҕүлээбит гранын ылбыппыт. Салайааччы — технология учуутала Степанов С.М., 8 кыл. үөрэнээччилэрэ Иванов Аян, Семенов Ренат. Бөтүҥҥэ «Матери России» түмсүү салайааччыта Егорова А.В. куруук сүбэ-ама буолар. 2023 с. итини салҕаан «Глобус» бырайыагы олоххо киллэрэргэ 50 тыһ. солк. суумалаах Грант ылары ситистибит. Глобуспутун 2024 с. тутуохпут.
Көмөлөспүт бар дьоммутугар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Доруобай буолун, кэнчээри ыччат сайдарыгар киллэрсибит үтүө кылааккыт бэйэҕитигэр 100 төгүл үтүөнэн эргийдин!
Сквербытын тупсаран 2022 с. сайын биир дойдулаахпыт, учуонай Федоров И.А. бэлэхтээбит халлаан күөх харыйатын олордубуппут. Кэлин ол улаатан, элбэтэммит Москваҕа баар Кремль таһыгар үүнэр халлаан күөх харыйалар лаглаһа үүнүөхтэрин баҕарабыт. Сквербыт тула күөх үүнээйи элбии турдун. Оҕолор, учууталлар куруук сынньанар, дьон-сэргэ сөбүлүүр сирэ буоллун диэн баҕарабыт. 2023 с. Россияҕа Педагог уонна наставник сыла биллэриллибитинэн улууска эдэр учууталлар форумнарын тэрийбиппит. Саха сиригэр Үлэ сыла биллэриллибитинэн – улуус үөрэнээччилэригэр үлэни холобур оҥостон «Үлэ күүһэ» диэн күрэх тэрийбиппит.
2023 с. Николай Егорович аатын үйэтитэр сыалтан, 90 сааһын туоларыгар бэлэмнэнэн сиэнэ, эдэр учуутал Семенова Юлия Андреевна оскуола сайтыгар туспа страница арыйан оҕолору кытта материал хомуйан оҥордо. Оскуолаҕа киириигэ Николай Егорович стендэтин аныгылыы тупсаран биэрэр былааннаахпыт. Олунньуга Николай Егорович 90 сааһын көрсө үлэлээбит оскуолаларын түмэн сетевой научно-практическай конференция ыытар былааннаахпыт.
Николай Егорович үлэтэ үтүө холобур буоллун!
Дириӊ билиилээх, талааннаах салайааччы төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан кылгас видео-эҕэрдэлэри кѳрѳргүтүгэр ыңырабыт.
Сахалыы видеону оскуолабыт 2022 с. выпускницата Ксенофонтова Маша, салайааччыта Мартынова В.Д. оңорбуттара. Онтон нууччалыы видеону Николай Егорович сиэттэрэ, оскуолабыт 2023 с. выпускнига Иванов Коля, салайааччыта Семенова Ю.А. оңорбуттара.
Акулина ИВАНОВА.