Норуот чыпчаал айымньытын үрдэлин кимнээх ыллылар?

Ахсынньы – сыл түмүгүн таһаарар кэм. Бүгүн улууспутугар историческэй нэһилиэстибэ уонна дойдуга бэриниилээх буолуу,  Түмэппий Чээбий төрөөбүтэ 155 сылларыгар, 2024 сылга Аммаҕа ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн ыытыллыбыт улуустааҕы бэстибээл Олоҥхоҕо кыайыылаахтара ааттанар долгутуулаах түгэннэрэ үүннэ.

Амма улууһун нэһилиэктэрэ икки бөлөххө арахсан, култуурабыт кииннэрэ нэһилиэк талааннаахтарын түмэн олоҥхо-испэктээхтэри туруорууга күөн көрүстүлэр.

Анал ааттар кыайыылаахтара:

Үстүүн Нохсорооп «Дыырай Бэргэн» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ олоҥхоһут оруола – Егор Никифоров (Бөтүҥ нэһилиэгэ).

Былатыан Ойуунускай «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Сабыйа Баай хотун уонна Сандыл Баай тойон оруола Сардаана Лебедева уонна Давид Алексеев (Амма-Наахара нэһилиэгэ).

Үстүүн Нохсорооп «Дыырай Бэргэн» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Аан Алахчын хотун оруола Розалия Иванова (Бөтүҥ нэһилиэгэ).

Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Тойон Дьаҕарыма оруола – Валерий Кириллин (Чапчылҕан нэһилиэгэ).

Екатерина Иванова «Аландаайы — Куландаайы» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Долгуручаан Куо оруола  – Мичийэ Матвеева (Сулҕаччы нэһилиэгэ).

Екатерина Иванова «Аландаайы — Куландаайы» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Нууралдьын Куо оруола – Зинаида Бураева (Амма нэһилиэгэ).

Илья Семенов «Бордуолаах кинээс» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Ойуун оруола — Егор Попов (Мээндиги нэһилиэгэ).

Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Кыыс Туйгун бухатыыр оруола – Светлана Сутакова (Алтан нэһилиэгэ).

«Дыырай Бэргэн» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Симэхсин Эмээхсин оруола – Екатерина Рахмонова (Бөтүҥ нэһилиэгэ).

Алексей Агапов «Алтан Сабарай бухатыыр» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Абааһы кыыһын оруола — Зоя Аммосова (Болугур нэһилиэгэ)

Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээххэ Тимир Молуодай оруола Гаврил Орлов (Сатаҕай нэһилиэгэ).

Бастыҥ үҥкүүлээх испэктээх — Илья Семенов «Бордуолаах кинээс» номох — олоҥхотугар олоҕурбут испэктээх Мээндигитээҕи «Алгыс» сынньалаҥ киинэ (салайааччы Светлана Николаевна Попова).

Ураты тыыннаах олоҥхо көстүүмнэрэ – Екатерина Иванова «Аландаайы-Куландаайы» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээх — Чакырдааҕы култуура дьиэтэ (салайааччы Күннэй Анатольевна Иванова).

Бастыҥ муусуканан киэргэтии — Е.Е. Иванова «Аландаайы-Куландаайы»  олоҥхотугар олоҕурбут испэктэк  Соморсуннааҕы «Дархан» сынньалаҥ киинэ (салайааччы Надежда Даниловна Игнатьева).

Бастыҥ тыыннаах доҕуһуол – Майрод Ноговицын аатынан Болугурдааҕы култуура киинэ  «Сарыада» фольклорнай бөлөх (салайааччы Евдокия Васильевна Платонова).

Элбэх кыттааччылаах Олоҥхо-испэктээк – Екатерина Иванова «Аландаайы — Куландаайы» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээх Киристэпиэл Махсыымап аатынан Сулҕаччытааҕы сынньалаҥ култуура киинэ (салайааччы Жанна Григорьевна Максимова).

Бастыҥ сценография – Екатерина Иванова «Аландаайы — Куландаайы»олоҥхотугар олоҕурбут испэктээх Киристэпиэл Махсыымап аатынан Сулҕаччытааҕы сынньалаҥ култуура киинэ. (салайааччы Жанна Григорьевна Максимова).

Бастыҥ режиссерскай үлэ Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээх Валерий Ноев аатынан Алтаннааҕы култуура киинин норуот тыйаатыра. Режиссер – Валерий Лобанов.

Киэҥ түһүлгэлээх оһуохайдьыт Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотугар олоҕурбут испэктээккэ – Альберт Неустроев (Алтан нэһилиэгэ).

 

Амма улууһун нэһилиэктэрэ икки бөлөххө арахсан, култуурабыт кииннэрэ нэһилиэк талааннаахтарын түмэн олоҥхо-испэктээхтэри туруорууга күөн көрүстүлэр.

Норуот уус-уран айымньытын кыттыылаахтара туруорбут улуустааҕы бэстибээлгэ 700 – кэ диэри нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр икки ардыларыгар 3 үрдэл – Мээндигитээҕи «Алгыс»сынньалаҥ киинэ туруорбут Илья Семенов «Бордуолаах кинээс» номох — олоҥхо испэктээх. 2 үрдэл – «Айыллык» Сатаҕайдааҕы норуот айымньытын киинэ туруорбут Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхо испэктээх. 1 үрдэл – Чакырдааҕы култуура киинэ туруорбут Екатерина Иванова «Аландаайы-Куландаайы» олоҥхо испэктээк.

Норуот уус-уран айымньытын кыттыылаахтара туруорбут улуустааҕы бэстибээлгэ 700 – тэн үөһээ нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр икки ардыларыгар 3 үрдэл  – Киристэпиэл Махсыымап аатынан Сулҕаччытааҕы култуура киинэ туруорбут Екатерина Иванова «Аландаайы-Куландаайы» олоҥхо испэктээх. 2 үрдэл – Степан Левин аатынан Бөтүннээҕи норуот айымньытын дьиэтэ туруорбут Үстүүн Нохсоороп «Дыырай Бэргэн» олоҥхо испэктээх. 1 үрдэл – Валерий Ноев аатынан Алтаннааҕы «Иэйии» култуура киинэ туруорбут Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхо испэктээх.

Кыайыылаахтары ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит.

 

Улуустааҕы култуура салалтатын хаартыскаларын туһанныбыт.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше