“Владимир Путинныын сыл түмүктэрэ” быһа эпиир сыллата буоларын курдук дьон болҕомтотун тардар гына сүрдээх көхтөөхтүк ыытылынна. Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович бары ыйытыыларга болҕомтолоохтук, киэҥник уонна толору эппиэттэрин сэргии иһиттэ.
— Арассыыйа уонна Кытай гуманитарнай сибээстэрин салгыы сайыннарарга этиитин бэйэбитигэр чугаһатан эттэххэ, биһиги улууспут дьаһалтата сөбүлэҥ түһэрсибит Суйфэньхэбытын кытта салгыы олох бары эйгэтигэр үлэлэһэргэ тирэх буолар. Аны сайын ыытыллар Олоҥхобут ыһыаҕар Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллэрэ бочуоттаах ыалдьыт буолан, бэйэлэрэ культурнай бырагыраамалаах кэлэллэригэр үлэлэһэбит. Маны таһынан дойду бэрэсидьиэнэ тыа сиригэр бары хайысхаларга, чуолаан доруобуйа харыстабылыгар болҕомтону өссө күүһүрдүөххэ диэбитэ быһа эпиир биир уратыта буолла, — диэн Нюргуяна Ивановна бэлиэтиир.
Вера ИВАНОВА.