Оҕо эбийиэктэрин сылаастарын баһылык тус хонтуруолугар тутар

Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, ОДьКХ салайааччыта Виктор Кузнецов Бөтүҥ нэһилиэгэр үлэлээтилэр. Уһуйаан, оскуола дьиэлэрэ тымныы күннэргэ туруктарын билистилэр.

Бөтүҥ таас оскуолата иккис этээһэ, уһуйаан иккис куорпуһа сөрүүннэрин туһунан тыллабыр киирэн эбийиэктэр туруктарын салайааччылар баран көрдүлэр. Виктор Иннокентьевич анал тэрилинэн муннуктартан, түннүктэртэн салгын үрэрин бэрэбиэркэлээтэ. Сайын ититэр систиэмэни ыраастааһын кэнниттэн биллэ сылыйдыбыт эрээри, оскуола сорох үөрэнэр кабинеттара, аактабай саалата билигин даҕаны тымныылар диэн дириэктэр Акулина Иванова коллективын кытта кэритэ сылдьан көрдөрдүлэр. Онуоха сүрүн биричиинэнэн дьиэ хамсааһыныгар түннүктэр ыстарыллыбыт күүгэннэрэ тэйбиттэрэ буолар диэн түмүк оҥоһулунна. Аны саас, сылаас күннэр буолуохтарыгар диэри быстах кэмҥэ ититэр матырыйаалларынан бүөлээн, сайын хапытаалынайдык оҥорор наада диэн хамыыһыйа быһаарыы ылынна. Оттон ОДьКХ өттүттэн тымныы күннэргэ сылааһы биэриигэ болҕомто өссө күүһүрүө диэн Виктор Иннокентьевич эрэннэрдэ.

Уһуйаан улахан корпуһа итиинэн илгийэр эбит буоллаҕына, кыра дьиэтэ биллэ сөрүүн диэн үлэһиттэр кэпсии тоһуйдулар. Ол эрээри хамыыһыйа сылдьар кэмигэр температура ирдэбилгэ эппиэттиир диэн ОДьКХ салайааччыта анал тэрилинэн “тыктаран” көрөн түмүктээтэ. Оттон сорох күннэргэ сөрүүкүүр буоллаҕына, дьуһуурустубаҕа турбут үлэһиттэртэн эмиэ тутулуктаныан сөп, онон сэрэтии барыа диэтэ Виктор Кузнецов.

Ити курдук, нэһилиэнньэттэн олох-дьаһах ханнык баҕарар эйгэтигэр тыллабыр киирдэҕинэ улуус салалтатын өттүттэн миэрэ ылыллар. “Социальнай ситиммитигэр баар кыһалҕаны суруйдахтарына бэйэбит өттүбүтүттэн кыаллар үлэни ыытабыт. Бары бииргэ, сүбэбитин холбоон үлэлээтэхпитинэ эрэ ол барыта туоратыллыан сөп. Кыыһыран, үөхсэн буолбакка, маны быһаарыахха наада диэн биллэрдэхтэринэ үлэлэһэргэ куруук бэлэммит”,- диэн Степан Николаевич санаатын тиэрдэр.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше