Оҕолор полиция үлэтин кытта билистилэр

Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолатын 4 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ Амматааҕы ИДьО сырыттылар. Манна кинилэр полиция үлэтин билистилэр, отделение иһинэн тэриллибит түмэли бэркэ сэргии көрдүлэр.


“Оҕолор ис дьыала отделыгар сылдьан олус астыннылар. Кинилэр манна  Амматааҕы ИДьО иһинэн тэриллибит, милиция старшай прапорщига Михаил Прокопьевич  Уваров аатынан түмэлгэ сырыттылар  уонна сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэлэһэр полиция майора Лилия Никодимовна  Никифорованы, полиция участковай болумуочунайа Айтал Валерьевич  Ивановы кытта көрүстүлэр.

 

Лилия Никодимовна оҕолорго буруйу оҥоруу уонна эппиэтинэс туһунан кэпсээтэ. Онтон түмэлгэ олус интириэһинэйдик, оҕоҕо тиийимтиэ гына, полиция үлэтэ биһиги улууспутугар хайдах тэриллибит историятын полиция отставкаҕа олорор  подполковнига Матрена Михайловна кэпсээтэ, сэдэх экспонаттары көрдөрдө. Учаастактааҕы боломуочунай ⁠Айтал Валерьевич билигин үлэлии-хамныы сылдьар полиция сотрудниктара  үлэлэригэр туһанар тэриллэрин, формаларын туһунан оҕолору интириэһиргэтэр гына кэпсээтэ, көрдөрдө. Биһиги кылаас аатыттан бэртээхэй интэриэһинэй экскурцияны тэрийбит, кэпсээбит, сырдаппыт дьоммутугар махтанабыт. Үлэлэригэр ситиһиини, доруобуйаны баҕарабыт. Оҕолор бу тэрээһинтэн саҥа арыйыылары, олоххо туһалаах сүбэлэри ыллылар. Полиция үлэһитэ буолуон баҕалаах оҕо ахсаана эбилиннэ”, — диэн кылаас салайааччыта Виктория Дьяконова сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше