Оҕолорго Мария Давыдова аатынан олоҥхону толорууга күрэх тэрилиннэ

Амма улууһугар Олоҥхо сылын чэрчитинэн, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Бөтүҥ нэһилиэгин үрүҥ түнах ыһыаҕар “Оллоон олоҥхото” диэн оҕолорго күрэх тэрилиннэ. Күрэҕи айылҕаттан талааннаах, Абаҕаҕа ыытыллыбыт Үстүүн Нохсоороп үбүлүөйдээх ыһыаҕар олоҥхолоон Гран при хаһаайката буолбут, улуустааҕы,өрөспүүбүлүкэтээҕи араас таһымнаах күрэхтэргэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыт Мария Давыдова сырдык аатыгар аймахтара, дьоно-сэргэтэ тэрийэн ыыттылар.


Күрэххэ барыта 12 оскуола уонна уһуйаан саастаах оҕолор икки бөлөххө арахсан бастыҥы быһаарыстылар. Түмүккэ кыра бөлөххө, 9-12 диэри саастаахтарга бастакы Үрдэли  Айна Татаринова, улахан бөлөххө, 13-17 диэри саастаахтарга, бастакы Үрдэли  Лена Степанова  ыллылар. Онтон муҥутуур кыайыылааҕынан тахсан, » Кылаан чыпчаал» ааты Сандаара Слепцова сүктэ.

“Кыттыбыт оҕолор бары да талааннаах, инникилээх оҕолор. Онон астынныбыт. Күрэхпитигэр балтыбыт ийэтин, аймахтарын, бииргэ үөрэммит оҕолорун ааттарыттан бары миэстэлэспит оҕолор сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланан үөрэн -көтөн тарҕастылар. Оҕобут аатын ааттаппыт Бөтүҥнээҕи «Дьулуур» сынньалаҥ киинигэр улахан махталбытын тириэрдэбит. Өрүү үлэлэрэ тахсыылаах, дойдуларын туһугар үлэлии-хамсыы, сайда-үүнэ турдуннар. Ону кытта дьүүллүүр сүбэҕэ эмиэ махталбытын этэбит. Биһиги Машабыт бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит талааннаах этэ. Алын кылаастан саҕалаан «Оллоон» фольклорнай бөлөххө Софронова Анисия Даниловнаҕа сөбүлээн дьарыктаммыта. Машабыт кыра эрдэҕиттэн ыллыырын, туойарын сөбүлүүрэ. Кини ис иһиттэн талааннаах буолан, ону Анисия Даниловна таба көрөн, бэйэтин “Оллоон” коллективыгар ылан дьарыктаан барбыта. Элбэх күрэхтэргэ кыттан, ситиһии өрөгөйүн билбитэ.

Хас да төгүл олоҥхо күрэҕэр Гран при буолбута. Салгыы култуура өттүнэн үлэлиир,   ону  сайыннарар баҕалаах буолан,  9-с кылааһы бүтэрээт Дьокуускайдааҕы култуура колледжыгар театральнай отделениеҕа үөрэнэ киирбитэ. Балтыбыт барахсан наһаа элэккэй майгыннааҕа, куруутун үөрэ-көтө сылдьара. Айылҕаҕа сылдьарын, кыыллары олус сөбүлүүрэ. Куруутун аттары, ыттары, онтон да атын кыыллары кытта кэпсэтэ сылдьааччы. Оннук бэйэтэ туспа ис иһиттэн ураты иһирэх, туспа эйгэлээх оҕо этэ. Кыыллар да ону истэр курдук үөрэллэр, оонньууллар аҕай этэ. Айылҕа сылдьан маска олорон “тойуктуохпун баҕардым” диэн баран туойан барара. Олус холку майгылааҕа. Балтыбыт, оҕобут бэйэтин кылгас олоҕор аатын ааттатан барбыта. Онон биһиги кини сырдык аатын өссө ааттатаары быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын көрсө күрэх тэрийэммит астынныбыт, үөрдүбүт уонна бары кыттыбыт талааннаах оҕолорбутугар махталбытын тириэрдэбит, буолаары турар ыһыахха ситиһиилэри баҕарабыт”, — диэн эдьиийэ Серафима Яковлева сырдатта.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше