Оҕону олоҥхоҕо үктэннэрэр аныгы кэм кинигэтэ

Айымньы чочуллан, байытыллан иккистээн кинигэ буолан тахсара — сонун  көстүү. Онуоха эбии ааптар туруорсуутунан буолбакка, бэчээт кыһата тыл көтөҕөн таһаарар буоллаҕына — бу кинигэ суолтатын, ааҕааччыга тиэрдэр ис хоһооно сыаналааҕын биир тыла суох дакаастыыр. Манна биир чаҕылхай холобурунан биир дойдулаахпыт Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» кинигэтэ буолар. Кинигэ иккистээн бэчээттэнэн киэҥ араҥаҕа тарҕаммытын Юрий Петрович чугас дьонун ортотугар бэлиэтээтэ.

Биллэр олоҥхоһут, Олоҥхо институтун Лингвофольклористика салаатын сэбиэдиссэйэ бу кинигэтэ ааҕааччыга, олоҥхону толорооччуларга сөбүлэппит биир өрүтүнэн олохсуйбут тиэкистэртэн лаппа кылгаһа буолар. ХИФУ профессора Василий Илларионов эппитин курдук, былыр үс түүннээх күнүс буолбакка, биир киэһэ иһинэн ааҕыллар «сээн олоҥхо» диэн баара. Маннык олоҥхо уһуйааннарга, оскуолаларга табыллан үөрэтиллэр. Оҕо толороругар чугас, өйдөнүмтүө. Ол аата өбүгэ тылынан уус-уран айымньытын үүнэр көлүөнэ ааҕар, толорор, истэр буоларыгар олук уурар. Ону таба көрөн «Айар» кинигэ кыһата этии киллэрэн хаттаан бэчээттэппитэ — инникини өтө көрүү, ЮНЕСКО тэрилтэтэ аан дойду норуоттарын тылынан уус-уран айымньыларын бастыҥа диэн билиммит тылынан уус-уран айымньытын үйэтитии диэн махталлаах тылларынан бэлиэтиир оруннаах.

Үгүстэр билэллэрэ буолуо, «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотун Юрий Петрович өссө 6-7 кылааска Эмис орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан саҕалаабыта.

Оччолорго даҕаны Юрий бар дьон билиниитин үктэлигэр тиийиэ, Олоҥхону олох үрдүк чыпчаалга таһаарыа диэн билэр,  сэрэйэр этим. Бэйэтигэр даҕаны итинник диэн эппитим. Ону кинигэтин билиһиннэриитигэр сылдьан бараммын, тыл, олоҥхо хайысхатыгар билиилээх, санаалара сыаналанар дьон этиилэрин истэн бараммын, ол таһымҥа тиийбит, санаабытын, сыалбытын ситиспит эбиппит диэн олус үөрдүм, үөрэнээччибинэн киэн тутуннум. Аҥардас ХИФУ Бэрэсэдьиэнэ Евгения Исаевна Михайлова: «Өссө устудьуоннуур сылларыттан Юрий талааныгар сүгүрүйэбин» диэн туран символическай «алмаас» статуэтканы туттарбыта даҕаны элбэҕи этэр.

Бииргэ үлэлиир коллегалара, айар талааннаах дьон, биир дойдулаахтара бу көрсүһүүгэ кэлэнннэр уолбут үлэтин, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах улуустарынан кэрийэн үйэтитии ыытар бырайыагын, олоҥхону тарҕатыыга үтүмэн сыратын сыаналаан тыл эппиттэрэ докторскай диссертациятын көмүскээри сылдьар киһиэхэ күүс-уох, сэниэ эппиттэрэ саарбаҕа суох,- диэн Юрий учуутала Татьяна Тарасовна Степановна бэркэ долгуйан, үөрэн санаатын үллэстэр.

Кинигэ аныгы олох сиэринэн куйаар куодтаах. Телефон камератын таҕайдахха Юрий Петрович олоҥхону толоруута иһиллэр, кини олоҥхотун оҕолор толороллоро видеонан көстөр. Онон, чахчы, иитэр-үөрэтэр суолатата улахан.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше