Ох саанан ытыы күрэҕэр 17 спортсмен баран күрэхтэстэ

Олунньу 10-11 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Майаҕа, саха төрүт ох саатынан ытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэх ыытылынна. Күрэх тренер-уһуйааччы, СӨ чөмпүйүөнэ, призера Анатолий Васильевич Никифоров 65 сааһыгар ананна. Бу күрэххэ Амма улууһун чиэһин көмүскүү 17 спортсмен баран кэллэ. Түмүк хайдаҕый?

Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төрүт ох саанан дьарыктанан эрэллэрэ спорт сайдыытыгар, ох саа көрүҥэр саҥа долгуну киллэрдэ. Күрэх барыта 200-чэкэ охчуту түмтэ. Бу күн күрэххэ Амма улууһа көхтөөхтүк кытынна. Ол курдук Амматтан, Амма Наахараттан, Эмистэн аан бастаан 17-тэ спортсмен кыттыыны ылла.

Спортсменнар биирдиилээн бастыыр иһин куобах, кус, тииҥ көрүҥнэргэ күөн көрүстүлэр. Күрэх алта салааҕа араҕыста: дьахталларга 2005-1984 с.т., 1984-1975 с.т., 1974- онтон үөһэ с.т., эр дьоҥҥо 2005-1984 с.т., 1984-1975 с.т., 1974- онтон үөһэ с.т. диэн. Амматтан саҥа саҕалааччылары кытта уопуттаах спортивнай дьиэ кэргэн Любовь, Егор Барановтар күрэхтэстилэр. Любовь бэйэтин салаатыгар 34 спортсментан 14 миэстэни ылары ситистэ. Онтон Егор Баранов куобахха 12 очколаах 1 миэстэ, куска 22 очколаах 1 миэстэ, тииҥҥэ 27 очколаах 2 миэстэ буолан уопсай түмүккэ  бастакы миэстэни ылан чемпион үрдүк аатын сүгэн улууһугар кыайыы өрөгөйдөөх кэллэ.

Спортка киэҥ көрүүлээх спортсменнарбытын түмэн, өйөөн, сомоҕолуур ситиһиини эрэ аҕалыа этэ. Онтон уопуттаах спорсмен Егор Баранов Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын иннинэ охчуттары түмэ тардан маастар кылаас биэрэн, бэйэтин уопутун тарҕатан Олоҥхобут ыһыаҕар күүстээх хамаандалаах көрсөрбүт буоллар диэн баҕа санаа үөскүүр. Онтон саҥа саҕалаабыт спортсменнарбын бу маҥнайгы күрэххэ холонуу кэннэ харахтара уоттанан, дьулуурга тардыһан, улахан спортивнай үлэҕэ турунуохтара диэн эрэниэҕин!

«Дьулурҕан – чөл олох көстүүтэ,

Дьулурҕан – барыбыт үөрүүтэ

Күүс-күдэх эрчимэр талаһыҥ,

Тус бэйэ ис кыаҕын арыйыҥ!»- Степан Юмшанов сытыы  этиитэ хас биирдии спортсмеҥҥа кыайыыга суолдьут буоллун.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше