Бүгүн Амма эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ барыта киэн туттар далбар хотуна Прасковья Емельянова баар буоллар 60 сааһын томточчу туолан, төһө эрэ үөрүө этибит. Ону баара дьылҕа хаан кытаанах буолан биэрдэҕэ. Ыарахан ыарыы үтүө үлэһит киһини дэҥиэ тыҥыраҕар тутан барбыта номнуо биэс сыл ааһа оҕуста. Ол эрээри кини хас биирдии улуус олохтооҕор, алтыһан ааспыт дьонугар тыыннаах. Прасковья Емельянова үбүлүөйдээх сааһыгар олоҕун анаабыт улууһугар үтүөкэн үлэһит киһини ахтан-санаан аастылар.
Сарсыарда эрдэттэн Бөтүҥ нэһилиэгэр Светлана Ефимовна Николаева аатынан Ийэ скверигэр баар Прасковья Ивановнаҕа анаммыт ыскамыайкаҕа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Манна улуус баһылыга Степан Кузьмин, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, СӨ дьахталларын тэрилтэлэрин координатора Светлана Ефимова, бааһынай хаһаайыстыбалар Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Александра Цыпандина, салайар эйгэҕэ уһуйбут, кини араас мындырдарын сүбэлээбит далбардара Саргылана Борисова, ону сэргэ Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Никитин, бииргэ үөрэммит доҕотторун ааттарыттан Марфа Дмитриева, Терентий Сутаков, Мария Дьяконова, бииргэ төрөөбүт балта Туяра Андреева, чугас дьоно-сэргэтэ кыттыыны ыллылар.
Бу кэнниттэн Амматааҕы академик Л.В. Киренскэй аатынан лицей аактабай саалатыгар “Емельянова П.И. — учуутал уонна наставник: кини Амма улууһун сайдыытыгар суола уонна кылаата” диэн “төгүрүк остуол” ыытыллынна. Кэпсэтиини улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова салайан ыытта. Кэпсэтиигэ олус истиҥ иһирэх иһитиннэриилэри Прасковья Ивановна төрөппүт кыыһа, улуустааҕы эпиэкэ салаатын салайааччыта Саргылана Хван, “Подруги-Дьүөгэлэр” аһаҕас форум Амма улууһугар салайааччыта Любовь Заварзина, А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолатын дириэктэрэ Людмила Александрова, лицей дириэктэрэ Дария Захарова, Бөтүҥтэн оҕуруот үүннэриитинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалаах Елена Степанова, Н.Е. Иванова аатынан агрооскуола дириэктэрэ Акулина Иванова, “Радуга” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Вера Конникова, улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Николай Ларионов оҥордулар.
Кинилэр Прасковья Ивановна дойдутун олус таптыырын, кини сайдарын, инники күөҥҥэ сылдьарын туһугар бэйэтин бүүс бүтүннүү биэрэн үлэлээбитин, ылыммыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр үрдүк эппиэтинэстээҕин, хас биирдиилэригэр кини сүбэтэ-амата ыытар үлэлэригэр көмөлөөҕүн бэлиэтээтилэр, кини киһи быһыытынан боростуойун, хас биирдии киһиэхэ тэҥ сыһыаннааҕын чорботон эттилэр. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова “төгүрүк остуолга” кыттыбыт эдэр салайааччылар бүгүҥҥү этиилэртэн киһи төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буоллаҕына, үлэтэ таһаарыылаах буоларын чугастык өйдөөн уонна ол олоҕу холобур оҥостуохтара диэн кэпсэтии түмүктүүр чааһыгар эттэ. “Төгүрүк остуол” кыттыылаахтара кииннэммит бибилэтиэкэ тэрийбит кинигэтин быыстапкатын сэргии көрдүлэр. Билэргит курдук Прасковья Ивановна аҥардас салайааччы эрэ буолбакка, үйэтитии үлэтигэр, чуолаан кинигэ таһаарыытыгар олус ылсан үлэлээбитэ. Ол курдук 15 сыл устата улууска, кини дьонугар-сэргэтигэр, уратытыгар анаммыт 200-чэкэ кинигэ бэчээттэммитэ. Маны барытын Прасковья Ивановна иилээн-саҕалаан, оҕолорун курдук иитиэхтээн таһаарбыта. Амма улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ кинигэ таһаарыытыгар куруутун инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Бу бэлиэ тэрээһиннэргэ кыттыыны ылбыт П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл дириэктэрин солбуйааччы Линда Иванова “Аммалар кинигэ таһаарыытыгар инникилэр, дэлэҕэ да Амма феномена диэн этиэхтэрэ дуо” диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Салгыы Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр истиҥ ахтыы киэһэтэ ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Степан Кузьмин уһулуччулаах салайааччы, уопсастыбаннай деятель Прасковья Ивановна Емельянова сырдык аатын үйэтитиигэ үлэ ыытылларын, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө кини аатынан сквер аһыллыаҕа диэн этэн туран, кини аатынан бастакы бочуоттаах бэлиэни “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Бөтүҥ нэһилиэгэр куратора, элбэх оҕолоох ийэ, бастыҥ дьиэ кэргэн далбар хотунугар Александра Егороваҕа туттарда.
Күндү киһибитин иһирэх тылынан ХИФУ бочуоттаах бэрэсидьиэнэ Евгения Михайлова, “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Прасковья Борисова, Саха дьахталларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева, Уус Майа улууһун баһылыгын маҥнайгы солбуйааччы Софья Александрова, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл дириэктэрин солбуйааччы Линда Иванова, Прасковья Ивановна кэнниттэн кини суолун тэлбит, социальнай боппуруостарга баһылыгы солбуйан үлэлээбит Иванна Шишигина, Саргылана Назарова, Саргылана Борисова, Саха дьахталларын тэрилтэлэрин координатора Светлана Ефимова ахтан-санаан аастылар, кини салайааччы, наставник быһыытынан сырдаттылар.
Бу күн үтүө-мааны киһибитин, дьиҥ чахчы олоҕун тапталлаах улууһугар бүүс бүтүннүү анаабыт Прасковья Ивановнабытын саныыр үтүө тыллары кытта, “Оо, баара буоллар билигин…” диэн курус тыллар иһиллиннэллэр даҕаны, Амматын дьоно кинини син биир бу баардыы саныыбыт, ахтабыт.
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бөтүҥ, Амма улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Прасковья Емельянова туһунан “Амма олоҕо” хаһыакка сиһилии сырдатыахпыт.
“Амма олоҕо” хаһыат