Олом Күөл учаастагар топосъемка үлэтин ыыттылар

Эмис нэһилиэгин Олом Күөл учаастагын тула сири топосъемкалааһыҥҥа үлэ барда. Нэһилиэк землеустроителя Николай Ноговицын кадастровай инженер Михаил Неустроевтыын дуогабардаһан, икки күн устата Эмис нэһилиэгин тула хааман , онтон салгыы үһүс күннэригэр Олом Күөлгэ баран учаастак тула топосъемка оҥордулар.


“Топосъемканы ыытарга нэһилиэк булчута Егор Федоров уолаттар хаамар ыллыктарын буранынан тэпсэн биэрэн бэркэ диэн көмөлөстө. Маны тэҥэ дьаһалта Олом Күөл учаастагын сайыҥҥы уу ситимигэр үлэ ыытар. Оломҥо анаан 50 000 солкуобай сыаналаах Shimge уу насоһун атыыласпыппытын таһааран Егор Константиновка туттардым. Кини оператордыаҕа. Эмиэ Умсааннаахха курдук кыттыһыы принцибинэн быйыл сайын уу ситимин киллэриэхпит. Онтон ыаллар пластиковай турбаҕа кыттыһыахтара. Хомпу үрэх ыраас элгээниттэн уу дьиэлэргэ кэлиэҕэ, — диэн нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин билиһиннэрдэ.

Саргылаах үлэлэр сайдыыны сахтыннар.

Прасковья БУБЯКИНА

Читайте дальше