Амма улууһугар Олоҥхо сылын чэрчитинэн СӨ култууратын уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Үлэ бэтэрээнэ, Софья Сидорова аатынан, «Амма киэн туттуута», «Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран айымньытын сайдыытыгар тус кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэлэр хаһаайыннара, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Оллоон» СӨ көрдөрүүлээх оҕо фольклорнай ансаамбылын салайааччыта Анисия Даниловна Софронова аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин!» олоҥхону толорууга уһуйаан, оскуола оҕолорун уонна улахан дьон ортолоругар күөн күрэс буолан ааста.
Аммабыт улууһуттан Амма, Бөтүҥ, Абаҕа, Соморсун, Эмис, Болугур, Өнньүөс, Мээндиги, Сэргэ-Бэс нэһилиэктэриттэн, Мэҥэ-Хаҥаластан Лоомтукатыттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 106 кыттааччы уһуйаан, оскуола оҕолоро, ыччат дьон, 36 – тан үөһээ саастаахтар толорооччулар биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн тус туһунан кэрдиистэринэн арахсан күрэстэстилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ, Дьокуускай куораттан анаан-минээн айаннаан кэлбит ыалдьыттарбыт: Сысолятина Зоя Григорьевна — «Олоҥхо тыйаатыра» СӨ АТ научнай-методическай уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ, Артемьева Александра Ивановна – СӨ үтүөлээх учуутала, «Күөгэйээнэ» бөлөх салайааччыта, Старкова Вера Никитична – Хатастааҕы 70 №-х «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаанын фольклорга, төрүт култуураҕа исписэлииһэ, Протодьяконова Елена Николаевна – «Олоҥхо тыйаатыра» СӨ АТ научнай-методическай уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ, Олоҥхо ассоциациятын вице-президенэ, Флегонтова Ульяна Михайловна — «Олоҥхо тыйаатыра» СӨ АТ научнай-методическай уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ, Харитонова Сардаана Васильевна – А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба колледжын төрүт култуура хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ үлэлээтилэр.
Бу дьоро күн дэгиттэр талааннаах эбии үөрэхтээһин педагога Амма улууһугар норуот фольклора, сайдарыгар сүдү кылааты киллэрсибит Анисия Даниловна туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтан-санаан аастыбыт. Төгүрүк остуолу СӨ Үтүөлээх учуутала Светлана Алексеевна Неустроева ыытта. Ону таһынан Старкова Вера Никитична олоҥхону уһуйааччыларга маастар кылаас ыытта.
Уһуйаан уонна оскуола саастаах оҕолору биһиги оскуолабытыгар аактабай саалаҕа иһиттилэр. Кыттан бүппүт оҕолору өбүгэ оонньууларын оонньотон аралдьыттылар.
Анисия Даниловна Софронова олоҕун көрдөрөр «Олоҥхо – олоҕум оҥкула…» быыстапка тэрилиннэ.
Түмүк маннык буолла.
6 саастаах уһуйаан иитиллээччилэрин икки ардыларыгар:
Кылаан чыпчаал — Соморсунтан Кузьмина Сайнаара Ю.Борисов «Көмүскэс санаалаах айыы киһитэ Кэскил бухатыыр» (сал. Лебедева М.П.);
I үрдэл — Амма «Кэнчээри» уһуйаан иитиллээччитэ Никита Назаров С.Васильев «Эрчимэн Бэргэн» (сал. Харитонова М.В.);
II үрдэл – Соморсун Гоголев Айаал К.Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» (сал.Владимирова Е.Н.);
III үрдэл – Амма «Хатыҥчаана» иитиллээччитэ Шамшиева Яшмина П.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (сал Шамшиева А.П.);
«Дорҕоонноох олорооччу» анал ааты ылла Өнньүөстэн Пахомов Ганя Ю.Борисов «Кэскил бухатыыр» (сал. Мартынова Т.З.);
«Уһун тыыннаах толорооччу» анал ааты ылла Өнньүөстэн Кузьмина Уйгууна С.Васильев «Эрчимэн Бэргэн» (сал. Мартынова Т.З.);
«Кэскиллээх толорооччу» анал ааты ылла Сэргэ-Бэстэн Софронеева Сайаана (сал. Михайлова А.Н.);
«Түөлбэ үгэһин тутааччы» анал аат тигистэ Өнньүөс уһуйаанын иитиллээччитигэр Романова Мираҕа Ю.Борисов «Кэскил бухатыыр» (сал. Мартынова Т.З.).
Бөлөҕүнэн толорууга уһуйаан оҕолорун ортолоругар:
Кылаан-чыпчаал Бөтүҥ «Мичээр» уһуйаан иитиллээччилэрэ «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольлорнай бөлөх буолла, сал. Жиркова М.А.;
I үрдэл Амма «Сардаана» уһуйаан иитиллээччилэрэ Олоҥхо түһүлгэтин кэскиллэрэ Прокопьева Ульяна Николаевна «Хороҕор муостаах, соҕотох ынахтаах, Хобороонньо эмээхсин» (сал. Прокопьева У.Н., Тимофеева А.В., Кононова Н.И.).
Биирдиилээн толорууга оскуола оҕолоругар 7-13 саастаахтарга
Кылаан чыпчаал Бөтүҥтэн Татаринова Айна, 9 саастаах Ю.Борисов «Баабый Баатыр» (сал. Дьяконова М.К.)
I үрдэл Бөтүҥтэн Павлова Маша, 9 саастаах Е.Иванова «Аландаайы-Куландаайы бухатыыр» (сал. Дьяконова М.К.);
II үрдэл Бөтүҥтэн Борисова Айсена, 13 саастаах К.Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» (сал. Иванова С.О.);
III үрдэл Бөтүҥтэн Жиркова Мариела, 9 саастаах С.Васильев «Мөҥүрүүр Бөҕө»(сал. Иванова С.О.);
«Түөлбэ үгэһин тутааччы» анал аат Бөтүҥтэн Артемьева Арина, 11 саастаах Ю.Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» (сал. Иванова С.О.);
«Түөлбэ үгэһин тутааччы» анал аат Бөтүҥтэн Обутова Нарыйаана, 11 саастаах Е.Иванова «Аландаайы-Куландаайы бухатыыр» (сал. Иванова С.О.);
«Дорҕоонноох толорооччу» анал аат Эмистэн Устинова Ньургуйаана, 10 саастаах «Көмүскэс санаалаах күн айыы киһитэ Кэскил бухатыыр» (сал.Владимирова М.И.- Силигийээнэ);
«Дорҕоонноох толорооччу» анал аат Бөтүҥтэн Никитин Дамир, 9 саастаах С.Васильев-Борогонскай «Үөлэн Хардааччы» (сал. . Иванова С.О.);
«Кэскиллээх толорооччу» анал аат Бөтүҥтэн Иванова Айылаана, 11 саастаах К.Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» (сал. . Иванова С.О.);
«Уһун тыыннаах толорооччу» анал аат Сэргэ Бэстэн Фомина Алина, 8 саастаах Е.Иванова «Аландаайы-Куландаайы бухатыыр» (сал. Михайлова А.Н.)
«Кэскиллээх толорооччу» анал аат Сэргэ Бэстэн Другин Теодор, 9 саастаах П.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (сал. Михайлова А.Н.).
Биирдиилээн толорууга оскуола оҕолоругар 14-17 саастаахтарга:
Кылаан чыпчаал – Амматтан Дьяконова Надя 14 cаастаах У.Нохсоороп «Дыырай Бэргэн» (сал. Кириллина А.М., Григорьева В.Г.);
I үрдэл – Бөтүҥтэн Степанова Лена 14 cаастаах Ю.Борисов «Көмүскэс санаалаах күн айыы киһитэ Кэскил Бухатыыр» (сал.Иванова С.О.);
II үрдэл – Бөтүҥтэн Слепцова Сандаара 16 саастаах Т.Захаров Чээбий «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун Бухатыыр» (сал.Иванова С.О.);
III үрдэл – Васильев Сандал 15 саастаах Ю.Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» (Харитонова С.В.)
«Ийэ кылыһахтаах толорооччу» – Старостина Кристина, 16 саастаах Т.В. Захаров Чээбий Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун Владимирова М.И. – Силигийээнэ.
Бөлөҕүнэн толорууга оскуола оҕолорун ортолоругар
Кылаан чыпчаал – «Оллоон» улахан бөлөх 5-7 кылаастар В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма», сал. Иванова С.О.
I үрдэл 3 кылаас оҕолоро 3 кылаас Е.Иванова «Аландаайы Куландаайы бухатыыр» сал. Дьяконова М.К.;
II үрдэл «Үрүйэчээн» 1-4 кылаас Ю.Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр», сал. Мартынова Т.З., Өнньүөс
III үрдэл «Арылхан» 3 кылаас Ю.Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр», сал. Платонова Е.В., Бологур
«Сэргэх бөлөх» анал аат «Оллоон» орто бөлөх 1 — 4 кылаастар Ю.П. Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» сал. Иванова С.О. , Бөтүҥ.
Биирдиилээн толорууга 18-35 саастаах эдэр ыччат:
Кылаан чыпчаал– Никифоров Виталий Мэҥэ-Хаҥалас, Лоомтука П.А. Ойуунускай «Дьурулуйар Ньургун Боотур»;
I үрдэл – Егорова Мира Бөтүҥ Эрилик Эристиин «Буура Дохсун».
II үрдэл – Ефремов Александр Бөтүҥ . Үстүүн Нохсоороп «Дыырай Бэргэн»
III үрдэл – Никифоров Егор Бөтүҥ Н.С. Александров – Ынта Микиитэ “Көр Буурай”
Биирдиилээн толорууга 36 саастан үөһээ:
Кылаан чыпчаал – Кириллина Анна, Амма Т. В.Захаров –Чээбий «Ала Булкун» Тимофей Васильевич –Чээбий «Ала Булкун»
I үрдэл – Порядина Мотрена, Абаҕа Үстүүн Нохсоороп «Дыырай Бэргэн»
II үрдэл – Борисова Вера, Мээндиги «Кыыс Дэбилийэ»
III үрдэл – Михайлова Анастасия, Сэргэ-Бэс Е.Иванова «Аландаайы Куландаайы Бухатыыр»
«Бастыҥ салайааччы» анал ааттар Бөтүҥнээҕи «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай бөлөх салайааччытыгар Иванова Софья Олеговнаҕа, Бөтүҥнээҕи «Мичээр» уһуйаан «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай бөлөх салайааччытыгар Жиркова Мария Афанасьевнаҕаҕа туттарылыннылар.
Тэрээһин СӨ «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай ансаамбылын, улахан дьон «Ситим» фольклорнай бөлөҕүн эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.
Иванова Нарыйа, Бөтүҥ оскуолатын пресс-киинин чилиэнэ, 7 кылаас үөрэнээччитэ.