Олоҥхо ыһыаҕа: бэлэмнэниигэ графиктан хаалыы суох

Аммаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах бөлөх миэстэтигэр тахсан билистэ. Тустаах министиэристибэлэр салайааччылара тутуу, култуура, суол-иис, атыы-эргиэн, сибээс, спортивнай тэрээһиннэр өттүлэригэр туох сиппитин-хоппутун, өссө туох быһаарыллыан наадатын сиһилии кэпсэттилэр.

Санатар эбит буоллахха, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө уопсайа 123 мөл.солк. суумалаах тутуулар ыытыллаллар. Үлэни сүрүннүүр тэрилтэ – “Уран” дизайн-студия салайааччыта  Вячеслав Яроев иһитиннэрбитинэн, хантыраак быһыытынан бэс ыйын 10 күнүгэр тутуу түмүктэниэхтээх. Күн бүгүн үлэ уопсай кээмэйиттэн 70 бырыһыана бүтэн турар. Хаалбыт 24 хонукка барыта бэлэм буоларын бэдэрээччит мэктиэлиир.

Мунньах кыттыылааҕа, култуура миниистирэ Афанасий Ноев Аммаҕа ыһыллар ыһыах кэккэ уратылардаах буоларыгар тохтоон ааста. Ол курдук, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан Амма иитээччилэрэ “Сир симэҕэ” уонна “Амма чэчирэ” биллэр ансаамбыллары кытта икки олоҥхону бэлэмнииллэр. Киһи болҕомтотун тардар ураты көстүүнэн худуоһунньук Михаил Носов хартыынатынан саха былыргы таҥаһын дьүһүйүү буолуоҕа, дьүһүйүүнү 100 кырыымпаһыт киэргэтиэхтэрэ. Биир дойдулаахпыт, Москватааҕы Серпуховскай театр режиссера Ольга Геляриевна Сидоркевич ийэтин, Ольга Иванова — Сидоркевич аатынан айар кэнсиэрэ, Валерий Ноев төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт Алтаннааҕы үүнэр көлүөнэ тыйаатырын иитиллээччилэрин кэнсиэрэ көрөөччүлэр куттары-сүрдэрин тутуоҕар саарбахтаабаппыт. Маны сэргэ Ил Түмэн сударыстыбаннай мунньах бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы, Олоҥхо иккис уон сылын бэлиэтээһини бэлэмниир хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков этии киллэрэн аан маҥнайгытын ат үрдүттэн олорон ох саанан ытыыны көрдөрүү тэриллиэ.

Чугас сытар улуус буоларгыт быһыытынан даҕаны, айылҕаҕыт ураты буолан даҕаны дьон-сэргэ бөҕө Аммаҕа аат ааттаан кэлээри бэлэмнэнэ сылдьаллар. Күн бэҕэһээ ыаллыы сытар Чурапчы улууһа 180 киһилээх делегация бигэргэммитин иһитиннэрдилэр. Онуоха умнуллубат өйдөбүлү хаалларарга култуура программата сүрүн тосхоло бэлэм. Ыһыахтыыр былаһааккаҕа үлэ үмүрүйүүтэ, бэс ыйын 6 күнүттэн саҕалаан тэрийэр бөлөх, кыттааччылар кэлэннэр миэстэтигэр бэлэмнэнии саҕаланыа,— диэн Афанасий Иванович иһитиннэрдэ.

Суол-иис туругун тупсарыы, ыһыах ыһыллар күннэригэр суол быылын хаптатыы, массыыналар турар сирдэрин чуолкайдааһын, нэһилиэк иһигэр автобустар сырыыларын бигэргэтии, ыалдьыттары аһынан-үөлүнэн хааччыйыы, сибээһи, уоту быыстала суох биэрии, дьон доруобуйатыгар, олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыы курдук боппуруостар бүгүҥҥү мунньахха өссө төгүл илдьиритилиннилэр. Сорох быһаарылла илик хайысхалары Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников кэлэр нэдиэлэҕэ буолар Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах мунньахха диэри быһаарарга, чуолкайдыырга сорудахтаата.

Амма улууһа улахан таһымнаах тэрээһиннэри ыытарга үөрүйэх. Саха сирин норуоттарын Оонньууларын, спорт адаптивнай көрүҥнэригэр спартакиаданы тэрийиигэ үлэлэспит дьон үгүстэрэ кэриэтэ билигин салайа сылдьаҕыт. Ыһыах аһыллыытын, үөрүүлээх сабыллыытын ыытыыга бэйэҕит биир дойдулааххыт Сергей Расторгуев ылсан үлэлии сылдьар. Киниэхэ мас-таас курдук киһи эрэнэр. Онон бу да сырыыга туох да кыһалҕа үөскээбэтэ буолуо дии саныыбын. Ыһыах ыһыллар сирэ олус чөкө, үчүгэй эбит диэн көрдүм. Биир табыгастааҕа, амфитеатр курдук — сыыр быарыгар да төгүрүччү олорон ытыска уурбут курдук бары тэрээһиннэри көрүөххэ сөп курдук,- диэн туран Александр Жирков бэлэмнэнии үлэлэригэр кэккэ этиилэрин киллэрдэ. Бастатан туран, ыалдьыттар Аммаҕа айаннаан иһэн ыһыах тыыныгар киирэллэрин гына Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан Ыһыаҕы көрдөрөр, кэпсиир, угуйар баннердар наадаларын ыйда, кэлбит дьоҥҥо Амма бэлиэ сирдэрин билиһиннэриигэ, историятын сырдатыыга үлэни ыытар булгуччулааҕын бэлиэтээтэ.

Бу курдук Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии биир да түгэҥҥэ тохтообокко, хаалбыт ахсааннаах күннэри баттаһа ыытыллар.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше