Улуустааҕы култуура управлениета 2024 сылга ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын көрсө “Олоҥхо айан” диэн улуус бары нэһилиэктэринэн бэлэмнэнии десанын тэрийэн ыытта. Ол чэрчитинэн Амма нэһилиэгэр Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлээтэ. Амма талба талааннаахтарын быыстапкатын көрдө, фольклор жанрдарын толорооччуларын иһиттэ. Маны таһынан Амма нэһилиэгин олохтоохторун, тэрилтэ салайааччыларын, түөлбэ бэрэссэдээтэллэрин кытта көрсөн, олоҥхо ыһыаҕын тула санааларын атастаста, этиилэрин иһиттэ.
Быыстапкаҕа Дарья Иванова салайааччылаах «Сыккыс» уһуйаан чилиэттэрэ Власий Пестерев хатыҥ удьурхайыттан кымыс хамсатара, удьаа хамыйаҕа, алгысчыт остуола, Галина Кузьмина “Ат симэҕэ” үлэтэ, сиэдэрэй чаппараахтара, кычымнара, Лариса Дьячковская өттүк симэҕэ, Галина Неустроева кылтан-сиэлтэн олбоҕо, Светлана Михайлова маллаах иһитэ, кылтан суумката, Дарья Иванова ыаҕыйалара, Анастасия Сирдитова “Туос тойуга” оҥоһуктара, маны сэргэ “Кэнчээри”, “Хатыҥчаана”, “Сардаана” оҕо уһуйааннарын иитээччилэрин, төрөппүттэрин оҕону сайыннарарга туттар олоҥхо персонажтарынан куукулалара, сахалыы остуоруйаларынан араас остуол оонньуулара, тарбах тыйаатыра оҥоһуктара турдулар. Бу күн норуот маастардара Валентина Стручкова уонна Клавдия Новикова маастар-кылаас көрдөрдүлэр.
Амма нэһилиэгэр “Олоҥхо десана” аһыллыытыгар СӨ култууратын туйгуна Анфиса Федорова алгыс сиэрин-туомун ыытан, Амма Далбар Хотуттара түптэ буруотун унаарытан сырдык, ыраас эйгэни олохтоохтулар.
Салгыы “Күөгэйээнэ” фольклорнай ансаамбыл кыттааччылара олоҥхолоон доллоһуттулар. Ол кэнниттэн улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениетын салайааччыта Иван Иванов, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов кыттыылаах Амма нэһилиэгин общественноһын, тэрилтэ салайааччыларын, түөлбэ бэрэссэдээтэллэрин кытта Олоҥхо ыһыаҕын тула кэпсэтии буолла. Көрсүһүүнү Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев салайан ыыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт быһаарбытынан, Олоҥхо ыһыаҕа 2024 сыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Амматааҕы И.А. Швердин аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар ыһыллыаҕа. Күн бүгүн Олоҥхо ыһыаҕын ыытыы былаана уонна сүрүн тутуулар үптэрэ-харчылара, уопсайа 363 мөл солк суумалаах смета быһаарыллан турар. Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытын уонна сабыллыытын киэн туттар биир дойдулаахтарбыт: режиссерунан СӨ уонна РФ үтүөлээх артыыһа Сергей Расторгуев, сценариһынан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Гольдерова-Саргы Куо үлэлиэхтэрэ. Олоҥхо логотиптарын поэтесса Зинаида Архипова “Алта” кинигэ кыһатын дизайнердарын кытта оҥоруохтара. Олоҥхо ыһыаҕын концепцията Александр Жирков бэрэссэдээтэллээх Олоҥхо национальнай кэмитиэккэ көрүллэн, биһирэбили ылбыт. Уопсай барылын Эмистэн төрүттээх эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов, оттон сүрүн идеяларын улуустааҕы үөрэх управлениетыгар өр сыл таһаарыылаахтык үлэлээбит Клара Кириллина оҥорбуттар. Саха фольклорун араас көрүҥнэригэр барыта 17 куонкурус ыытыллара былааннанар. Биир сонун уонна сэргэх көстүүнэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев-Байаан Бааска салалтатынан нэһилиэк аайыттан кырыымпаһыттар түмсэннэр, 100 кырыымпа оонньоон ыһыах түһүлгэтин киэргэтиэхтээх. Маны таһынан ыһыах үөрүүлээх аһыллыытыгар 80-ча сахалыы кытыылаах, оноолоох сонноох дьахталлар уонна эр дьон сэлэлии хаамыахтара. Итиэннэ биллэр худуоһунньук Михаил Носов хартыыналарын тилиннэрэр улахан быыстапка туруохтаах.
Үйэтитии үлэтигэр 10 кинигэ тахсара былааннанар. Манна сүрүн кинигэнэн Амматтан төрүттээх биллэр этнограф, фольклорист Виктор Васильев Аммабыт олоҥхоһуттарыттан устан, суруйан хаалларбыт Эмистэн Михаил Новиков-Мэлэк Мэхээлэ, Бөтүҥтэн Филипп Егоров уонна Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхолорун тиэкистэрэ бэчээттэнэллэрэ буолар. Итиэннэ эдэр чинчийээччи-олоҥхоһут Юрий Борисов «Фольклор Амгинского улуса: традиции и современность» диэн кинигэтэ тахсыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, Юрий Борисов 2015 сыллаахха өрөспүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхо күрэҕин кыайыылааҕа, «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхо ааптара буолар.
Улуустааҕы култуура управлениетын начальнига Иван Иванов күн бүгүн туох үлэ-хамнас бара турарын билиһиннэрдэ. Амматааҕы култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар эргэ эбийиэктэр бары көтүрүллэн, тутуу хампаанньата саҕаламмыта. Манна нэһилиэктэр ураһалара уруккутунан хаалан, саҥардыллан биэрэллэр. Генбылаан быһыытынан ыһыахтыыр түһүлгэҕэ киирэр сүрүн аарка, ону тэҥэ ойоҕос ааркалар уларыйаллар, бары биир истииллээх, халыыптаах буолаллар. Дьон олорор трибуната хайысхата уларыйан, илин диэки күн көрсөр сири көрөн олорор буолабыт. Саҥа трибуна үйэлээх буоллун диэн тимир каркаһынан оҥоһуллар, 3000 киһи олороругар учуоттаммыт. Трибуна утары Олоҥхобут ыһыаҕын сүрүн бэлиэтэ Аал Луук мас турар буолар. Маны таһынан олоҥхоһуттарга аналлаах Моҕол ураһа, ол икки өттүнэн оҕолор уонна ыччаттар олоҥхолуур балаҕаннара, күнү көрсөр сир, Ытык дуоҕа, холумтан, аһыыр сир, Ил Дархан уонна Ил Түмэн улахан ураһалара, оһуокайдьыттарга аналлаах Алтан сэргэ, Аар баҕах диэн кымыс иһиитин сиэрин-туомун ыытар комплекс, тимир уустарын түһүлгэлэрэ, онтон да атын тутуулар ыытыллыахтара.
«Дьэ, бу 3000 киһи олорор трибунатын 3000 сабыс-саҥа сукунаттан тигиллибит олбоҕунан хааччыйыахтаахпыт. Ол инниттэн хас биирдии нэһилиэктэн 200 устуука олбох тигэргэ эттибит. Маны сэргэ уопсай тутуулары киэргэтэргэ хас биирдии нэһилиэктэн сахалыы төрүт ньыманан хатыллыбыт, туос оҥоһуктардаах 100-түү миэтэрэ ситии быатын баайарга сорудахтаатыбыт. Амма нэһилиэгэ улуус киинэ буоларынан 500 м ситии быаны хатарга бэлэм олорор. Маны таһынан биир сүрүн сорукпут сметаҕа киирбэтэх, улуус бэйэтэ уйунар бирииһин фондатын хааччыйыахтаахпыт. Үөһээ Бүлүү уонна Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ бу фондаҕа анаан 10 мөл солк хомуйбуттар. Ону биһиги, аммалар, даҕаны кыайа-хото тутуохпут дии саныыбын. «Амма улууһугар култуура сайдыыта” диэн саҥа фонда тэриллибитэ. Салайааччынан Роман Александрович Алексеев, солбуйааччынан мин бэйэм буолабыт. Олоҥхо ыһыаҕа буолара сэттэ эрэ ый хаалла. Ол иһин бу хаалбыт кэмҥэ, үс кыбаартал аайы биирдии күннээх хамнаспытын хомуйарга диэн быһаардыбыт. Амма улууһугар аны биэс, уон сылга улахан тэрээһин ыытыллара суох. Онон бары түмсэммит Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымҥа ыытарга үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ диэн ыҥырабын, — диэн Иван Федорович сүрүн санаатын тэрилтэ салайааччыларыгар, Аммабыт бары олохтоохторугар тириэртэ.
Кэпсэтиигэ Амма нэһилиэгин Общественнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Корякин Олоҥхо ыһыаҕын туһунан архивка хаалар документальнай киинэ устарга, кинигэ маҕаһыынын дириэктэрэ Анна Брызгаева олоҥхо ыһыахтарын кыайыылаахтарын туһунан тэттик кинигэ оҥорорго, “Күөгэйээнэ” фольклор ансаамбылын салайааччыта Александра Артемьева дьону ыалларга түһэртииргэ эрдэттэн үлэни ыытарга, Амма нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Василий Дьяконов ыһыах спортивнай күрэҕэр уонна ат сүүрдүүтүгэр болҕомто ууралларыгар санааларын эттилэр.
Вера ИВАНОВА