Олоҥхо ыһыаҕынан кэккэ быһаарыылар ылылыннылар

Тохтообокко түспүт хаардаах, өссө сайыҥҥылыы дохсуннук түспүт ардахтар “Амма” региональнай суолу алдьатан, Олоҥхо ыһыаҕын өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйатын көһө сылдьар мунньаҕа куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна. Мунньаҕы тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайан ыытта. Кэпсэтиигэ бары туһааннаах министиэристибэлэр кыттыыны ыллылар.
Мунньахха бастатан туран тутуу боппуруоһа көрүлүннэ. Иһитиннэриини СӨ тутууга миниистирин солбуйааччы Евгений  Афанасьев оҥордо. Онно биллибитинэн күн бүгүн 12 эбийиэккэ контракт түһэрсиитэ ыытыллыахтаах. Амма улууһун тутууга солбуйааччыта Виктор Смирников ыһыах ыытыллыахтаах И.А. Швердин аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар бэлэмнэнии үлэлэрэ ыытылла туралларын иһитиннэрдэ. Сергей Васильевич тырааныспар министиэристибэтиттэн айан суолугар туох үлэлэр ыытылла туралларын, аны сайын дьон харгыһа суох кэлэллэригэр туох оҥоһулла турарын сураста. Боппуруостарга СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев эппиэттээтэ. Онтон биллэххэ, 2024 сыл тохсунньу ыйтан “Амма” региональнай суол Мэҥэ Хаҥалас территориятыгар баар учаастагар бэдэрээччит уларыйыахтаах, саҥа контрактар түһэрсиллиэхтээхтэр. Бу манна кыайбыт бэдэрээччит суолу 3 сыл устатыгар көрүөхтээх. Тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ суол оҥоһуутугар бэдэрээччити кытта өрөмүөн графигын чопчулаһалларыгар, сүрүн үлэлэр бэс ыйыгар диэри бүтүөхтэрин наадатын ыйда. Улуус баһылыга Степан Кузьмин миниистиргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар суолу көрөр тэрилтэни хайаатар да уларытарга көрдөстө. Маныаха миниистир кинилэр эмиэ бэдэрээччит ыытар үлэтинэн астымматтарын, ол гынан баран ким манна салгыы үлэлиэхтээҕэ олохтоммут федеральнай сокуон ирдэбиллэринэн быһаарыллыаҕа диэн эттэ.
Салгыы дьүүллэһиигэ ыһыах култуурунай өрүтэ турда. Иһитиннэриилэри СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, ыһыах аһыллыытын уонна сабыллыытын режиссера Сергей Расторгуев оҥордулар. Афанасий Иванович алтынньы ый 25 күнүгэр диэри ыһыах концепцията оҥоһуллан бүтэрин, атын култуурунай өрүттэр быһаарылла сылдьалларын эттэ уонна ыһыаҕы дьүүллэһэн баран бэс ыйын 19-21 күннэригэр ыытарга былааннаабыттарын иһитиннэрдэ. Тэрийэр хамыһыйа бу күннэри бигэргэттэ. Онон ыһыах аһыллыыта бэс ыйын 20 күнүгэр, сабыллыыта бэс ыйын 21 күнүгэр ыытыллыахтара. Сергей Расторгуев бэйэтин иһитиннэриитигэр ыһыах аһыллыыта да сабыллыыта да атын инники буолбут ыһыахтара майгынныа суоҕа диэн эттэ. Маны сэргэ тэрийэр хамыһыйа СӨ инновация миниистирин солбуйааччы Андрей Сусловы иһиттилэр. Министиэристибэ ыһыахха сибээс баар буолуутугар уонна сырдатыыга эппиэттиир. Маныаха кинилэр 5 мөл. солк бюджетнэй бырагыраама оҥорбуттарын иһитиннэрдилэр.
Түмүккэ Сергей Местников хамыһыйалар үлэлэрин күүскэ саҕалыылларыгар, Амма улууһугар хас биирдии хамыһыйа тахсан көһө сылдьар мунньахтарын ыытарыгар, тутуу үлэлэригэр контрактары баттаһыыны түмүктүүллэригэр, ылыныллыбыт болдьохторунан тутуһан үлэ барарыгар эттэ. Култуурунай бырагыраама ахсынньы 1 күнүгэр диэри тэрийэр хамыһыйа бигэргэтиитигэр киирэригэр сорудахтаата. Кэлэр мунньах сэтинньи ыйга ыытыллыа.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше