Сэтинньи 16 күнүгэр алын сүһүөх кылаас учууталларыгар «Олоҥхо ыллыгынан» лаборатория үлэтин сүнньүнэн Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыгар улуустааҕы семинар ыытылынна. Семинар Олоҥхо декадатыгар уонна кэлэр 2024 сыл Амма улууһугар буолар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтигэр ананна, ону таһынан Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Амма улууһугар Историческай нэһилиэстибэ уонна патриотизм сылын чэрчитинэн, үгэс буолбут Амма улууһун оскуолаларын көһө сылдьар «Айыы намыһын ырыаһыттар» педагогическай бырайыакка тирэҕирэн торумнанна. Барыта 6 оскуолаттан 20 учуутал, 23 оҕо, 5 төрөппүт кыттыыны ыллылар.
Күн бастакы аҥарыгар оскуола директора Акулина Иванова «Бырайыактыыр ньыманан Амма олоңхотун үѳрэтии-чинчийии опыта» диэн дакылаатынан улуустааҕы семинары аста. Олоҥхо кылааһын концепциятын сырдатта Мария Иванова Бөтүҥ орто оскуолатын учууталлара бырайыактыыр ньыманы уруокка хайдах тутталларын көрдөрөн аһаҕас уруоктары, дьарыктары ыыттылар. Ону таһынан «Олоҥхо – норуот баайа» Төрөөбүт тылбыт саха тыла сарсыҥҥыта: уопут атастаһыы маастар-кылаастары, ньымалары көрдөрөр, бэйэ уопутун үллэстии былаһаакката тэрилиннэ. Бу былаһаакканы Амма үөрэҕириитин саламтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Е.В. Огоюкина иилээн-саҕалаан ыытта. Барыта 7 учуутал уопуттарын үллэстэн, ирэ-хоро санаа атастастылар. Ол курдук Амматааҕы Л.В. Киренскэй аатынан лицей учууталлара Карамзина О.В. «Урок в технологии ТМДО «Аал луук мас», Абрамова С.П. «Олоҥхо педагогикатынан үлэлиир тэтэрээттэр», Петрова С.Н. «Сомоҕо домоҕо» — электроннай пособие, Е.С.Никитина аатынан Алтан орто оскуолатыттан Петрова А.С. «Оҕо иҥнибэккэ, толлубакка сөпкө саҥарар дьоҕурун сайыннарыы», Неустроева М.Е. «Ааҕыы уруоктарыгар туттар ньымаларым», Бөтүҥтэн Иванова М.Д. «Тылы сайыннарыыга бырайыактыыр ньыманы уруокка туһаныы», Гоголева Дария Егоровна «Олоҥхону оонньуу ньыматынан үөрэтии».
Бу күн олоҥхо опытно-экспериментальнай 3 кылаас оҕолоро, сал. Дьяконова М.К., «Аландаайы Куландаайы» Е.Иванова олоҥхотун толордулар уонна «Оллоон» СӨ оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай ансаамбыла уонна биирдиилээн баҕалаах оҕолор Ю.П.Борисов «Кэскил бухатыыр» диэн куукуланан испиктээк көрдөрдүлэр, сал. Лазарева А.Н., Егорова С.О.
Күн иккис аҥарыгар «Оҕо уһуйааччытынаан» күөн-күрэс ыытылынна: уруһуй, панно, олбох, тута хоһуйуу, хаһыат оҥоруутугар күрэхтэстилэр.
Түмүк маннык буолла:
Уруһуй күрэҕэр: Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лицейтэн Архипова М.М., Климентова София -1 м., Е.С.Никитина аатынан Алтан орто оскуолатыттан Петрова А.С., Васильева Милана — 2м., Амматааҕы лицейтэн төрөппүт Колосова Н.М., Колосов Радмир-3 м.
Олбох тигиитин күрэҕэр: В.М. Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатыттан Иванова В. И. Степанова Сайаана -1м., Амматааҕы лицейтэн төрөппүт Петрова Р.К., Петрова Ванесса-2м., В.В. Расторгуев аатынан Амма иккис нүөмэрдээх оскуолатыттан Сивцева З.П., Слепцова Дайаана-3 м.
Панно күрэҕэр В.М.Новиков Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатыттан төрөппүт Дмитриева Т.Г., Дмитриева Лиана -1 м., Е.С.Никитина аатынан Алтан орто оскуолатыттан Неустроева М.Г., Пономарева Элиналыын — 2 м., Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыттан төрөппүт Миронова Л.Е. Васильева Викалыын — 3 м.
Тута хоһуйуу күрэҕэр: В.М. Новиков Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатыттан уһуйааччы Владимирова М.И., Устинова Ньургуйаана-1м., Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыттан Дьяконова М.К., Павлова Маша— 2м.
Олоҥхоҕо сыһыаннаах оҥоһукка: Алтан орто оскуолатын оҕолоро – 1м, Эмис орто оскуолатын оҕолоро – 2 м., Болугур орто оскуолатын оҕолоро – 3 м. буоллулар.
Күрэх халыыба бырайыактыыр ньыманан ыытылынна, оҕо сатабылын сайыннаран, талан ылбыт сорудаҕынан уһуйааччытынаан көмөлөөн, үлэлэрин оҥордулар. Бөтүҥ нэһилиэгин тумус туттар бэйэлэрэ дьоҕурдаах дьоммут кэлэн дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Неустроева С.А., Нестерев С.Д., Борисова М.С., Семенова Л. А. Түгэнинэн туһанан бары көмөлөспүт дьоммутугар махтанабыт.
А.Н. Лазарева, пресс-киин салайааччыта,
хаартыскаҕа түһэрдэ 7 кыл. үөрэнээччитэ Радмир Дьяконов.