Оскуола иитэр үлэтигэр төрөппүт улахан оруолу ылар

Амма 1№-дээх оскуолатыгар төрөппүтү кытта үлэ ыкса сибээстээхтик ыытыллар. Төрөппүт сэбиэтэ сыллааҕы былаан ылынан, ону тутуһан, түмүктээх үлэ тахсарын туһугар олус кыһаллар.

Ол чэрчитинэн бүгүн биһиги оскуолабытыгар оҕолорго «Аныгы сибээс тэриллэрэ оҕо доруобуйатыгар уонна сайдыытыгар сабыдыаллара» диэн остуол тула дебат ыыттылар. Кэпсэтиигэ  5, 6, 7, 8  кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Оҕолор төрөппүттэри кытта 4 группаҕа арахсан билиҥҥи гаджеттар доруобуйаҕа туох буортуну  аҕалалларын, бэйэни хайдах көмүскэниэххэ сөбүн биллилэр, үөрэттилэр уонна тута ватмаҥҥа сурукка түһэрэн көмүскээтилэр.

Маннык сонун тэрээһини ыыппыт төрөппүттэрибитигэр Анна Винокуроваҕа уонна киниэхэ күүс көмө буолбут Петр Табунановка, Айталина Колесоваҕа, Вера Олесоваҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Мария Слепцова, Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын социальнай педагога.

Читайте дальше