О.П.Иванова – Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинигэр оскуола оҕолороаһаҕас кэпсэтиигэ кытыннылар. Кэпсэтии “Махтал. Таптал. Эрэл” диэн ааттанан барда.
Кэпсэтиини киин методистара Феврония Данилова, Александра Егорова иилээн-саҕалаан тэрийдилэр. Кэпсэтиигэ “Үрдэл” оҕолор уопсастыбаннай холбоһуктарын кыттыылаахтара, Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, ону сэргэ ыҥырыылаах ыалдьыттар дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго социальнай көмөнү оҥорор отделение социальнай үлэҕэ исписэлииһэ Марфа Прокопьева, психолог Дария Павлова, улуустааҕы административнай хамыыһыйа эппиэттээх сэкирэтээрэ Анатолий Стручков, Амма нэһилиэгин, улууһун бочуоттаах олохтоохторо Марфа Харитонова, Анна Васильева, үһүс көлүөнэ оскуола салайааччыта Наталья Дьячковская уонна эбии үөрэхтээһин педагогтара кытыннылар.
Кэпсэтии сүрүн тиэмэтинэн оҕолор уонна улахан дьон сыһыаннарын тула буолла. Кэпсэтии бастакы түһүмэҕэр Махтал туһунан кэпсэттибит. Оҕолор Махтал диэн тылы хайдах өйдүүллэрин, махталларын чугас дьонноругар хайдах биллэрэллэрин эттилэр. Ол курдук махталы биллэрии араас көрүҥнээх эбит тылынан тиэрдэллэр. Ол курдук холобура, көмөнү оҥороллор, чугас киһилэрин сыллаан — уураан, имэрийэн, кууһар, ис сүрэхтэриттэн бэлэх биэрэллэр. Манна психолог Дария Павлова сүбэлэрин эттэ. Олоххо баай уопуттаах, Анна Андреевна Васильева үөрэппит оҕолорун махталлара кинини олоххо кынаттыылларын, өрүү олох үөһүгэр сылдьарыгар төһүү күүс буоларын бэлиэтээтэ. Махталлаах эрэллээх киэн туттар дьонноох буоллахпытына дойдуга бэриниилээх буолуу, дойдуга таптал үөскүүр. Бэйэҕэ махтал, дьоҥҥор, учууталларгар киэҥ туттуу үөскүүр. “Махтанабын олохпор кини күн аайы хатыланарыгар, махтанабын таптыыр дьоммор, аттыбар баалларыгар, махтанабын ийэбэр, миэхэ олох бэлэхтээбитигэр” – диэн тылларынан бастакы түһүмэхпитин түмүктээтибит.
Кэпсэтиибит иккис түһүмэҕэр Таптал туһунан сэһэргэстибит. Түһүмэҕи Феврония Данилова салайан ыытта. Муус устар ый Айыыһыт ыйа. Кини баар буолан сиргэ Таптал, Кэрэ үөскээбит, тэнийбит. Айыыһыт хайыспыт сиригэр үөрүү олохсуйар. Кини үктэммит сиригэр уйгу – быйаҥ түһэр. Айыыһыт – оҕо төрөөһүнэ, дьиэ кэргэн, оҕону иитии Айыыта. Айыыһыт айбытын курдук дьон – сэргэ иитиллэн тахсан дьоллоохтук – соргулаахтык олоруохтаах. Ыытааччы оҕолорго таптал төрөөбүт дойдуга, чугас дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ, кыыс уол сыһыаннарыгар баарын эттэ. Кыыс уонна уол тапталлаахтарын көрсөн ыал буолан, оҕо төрөтөр аналлаах бу Орто дойдуга кэлэллэр. Маҥнайгы таптал билсиһииттэн, бодоруһууттан, табаарыстаһыыттан, доҕордоһууттан саҕаланар. Ол доҕордоһуулара улаатан ыал буолууга тиэрдиэн сөп. Таптал, доҕордоһуу, бодоруһуу сыһыаннарыгар сөптөөх психологтар сүбэлэрин ааҕан иһитиннэрдэ. Ол курдук бодоруһуу сыһыаныгар кыыс (уол) көстүүтэ үчүгэйин тала сатыыллар, төгүрүччү кэрэ идеалы көрдүүллэр. Ол эрээри тас көрүҥүнэн, тас кэрэтинэн эрэ тапталы сыаналааһын ситэтэ суох. Киһи ис эриэнэ өссө биллибэт. Уоллаах кыыс сыһыаннарыгар табаарыстыы кэмҥэ бэйэ бэйэлэрин быһыыларын майгыларын үчүгэйдик билсиэхтээхтэр. Ол курдук доҕордоһор киһин сыһыана сымнаҕас, эбэтэр толоос, тымныы, үлэҕэ көмөлөһөр- көмөлөспөт, ыарахан түгэннэргэ харыстыыр-харыстаабат, кэпсэтиигэ биир тыллаах, көнө эбэтэр халбаҥ, албын, барыны бары кыайыгас хотугас эбэтэр мөлтөх, оҥорорун бүтэрбэт, тиһэҕэр тиэрпэт, быһыыта лоп бааччы, дьоһун эбэтэр солуута суох тыллаһар, этиһэр, куһаҕан дьаллыктаах эбэтэр чөл олоҕу батыһар, билэрэ-көрөрө элбэх эбэтэр мунаарара элбэх, муҥкук, табаарыстарыгар мөлтөх өртүн көрдөрөр. Бу майгылар көстүүлэриттэн кини өйүнэн –санаатынан бэйэтигэр чугас уолу, кыыһы талан доҕордоһуохтаах. Онон саҥа улаатан эрэр уоллаах кыыс бодоруһалларыгар бэйэ –бэйэлэрин үөрэтэн, кэтээн көрөн, майгылаларынан, өйдөрүнэн санааларынан төһө сөп түбэһэллэрин ырытан, толкуйдаан көрөн эрэ баран тапталга хардыыларын оҥоруохтарын сөп эбит. Олоххо көстөрүнэн оҕо саастарыттан доҕордоһон, ыал буолбут дьон элбэх оҕолоохтор, дьиэлээхтэр – уоттаахтар, сүөһүлээхтэр- астаахтар, байылыат олохтоохтор, дьон – сэргэ ытыктабылын ылаллар. Биһиги нэһилиэкпитигэр 50 сыл ыал буолан олорон, көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит дьоһун саастаах дьоммут бааллар. Холобура, Анна Васильевна, Алексей Егорович Филипповтар, Татьяна Васильевна, Дмитрий Сергеевич Федоровтар, Анатолий Денисович, Зинаида Федоровна Алексеевтар, Борис Иннокентьевич, Татьяна Гаврильевна Яковлевтар о.д.а. Бу ытык дьоммут ааттарын оҕолорго киэн туттан туран ааттаатыбыт. Дьиэ кэргэн иһигэр сыһыан олохтонуутугар төрөппүттэр улахан оруолу сүгэллэр. Ийэ да аҕа да өртүттэн сыыһа – халты туттунууларыттан оҕо киһи майгыта – сигилитэ, өйө – санаата уларыйан, утарылаһар, төттөрүлэһэр санаата киирэр. Ийэ уонна уол оҕо сыһыаннарын туһунан кэпсэтиигэ холобур быһыытынан «Оҕону мэһэй курдук көрүү» кэпсээни ааҕан иһитиннэрдибит. Бу кэпсээҥҥэ Мичил уол балтытынаан соҕотох ийэҕэ иитиллэллэр. Ийэлэрэ Николай Ивановиһы кытта билсиэҕиттэн ыла уолун Мичили мэһэйдэтэр буолбут. Була сатыы- сатыы мөҕөр, хаһытыыр, оннооҕор үөҕэр, туохха барытыгар буруйдуур эбит. Кэпсээн түмүгэр уолу соҕотохтуу хаалларан ханна эрэ баран хаалаллар. Мичил саамай чугас киһититтэн, ийэтиттэн кэлэйэн, дьоҥҥо эрэлэ сүтэрэ чахчы. Онтон эрэлин сүтэрбит киһи саамай кутталлаах киһи диэн этэллэр. Кини синигэр түһэр тугу да оҥороро син биир буолар. Онон таптыыр киһи сүрэҕин аймаамаҥ, эрэннэрэн баран акаары диэн ааттаамаҥ, итэҕэтэн баран албыннаамаҥ, сыһыан олохтоон баран кэлэтимэҥ, санаатын сыыска-буорга тэпсимэҥ, ордук сананан тапталгытын тэйитимэҥ…
Кэпсэтиибит үһүс түһүмэҕэр Эрэл туһунан кэпсэттибит. Эрэл диэн өрүү бу олоххо туох барыта үчүгэй, кэрэ буолуоҕа диэн кэхтибэт, өрүү өйгөр – сүрэххэр хатана сылдьар күүстээх баҕа санаа, кини эйигин үйэҥ тухары батыһа, сирдии сылдьар. Ол курдук Эрэл киһи бэйэтин итэҕэйэригэр наадалаах. Бэйэҕэр эрэнэр буоллаххына, тугуҥ барыта сатанар. Оҕолор да улахан да дьон бары бэйэҕэ эрэл барытын кыайар диэн этиигэ сөпсөһөн санааларын үллэһиннилэр. Анатолий Стручков оскуолатааҕы кэмиттэн түгэннэри ахтан – санаан оҕолорго кэпсээтэ. Салгыы “Дьоллоох оҕо сааһым өйдөбүлэ суох” диэн үөрэнээччи суругуттан ааҕыыны иһиттибит. Сурукка үөрэнээччи иһээччи аҕата ийэлэрин уонна оҕолорун атаҕастыыра кэпсэнэр. Ийэ киһи кырбанарын тулуйа – тулуйа ханна да барар сирэ суох буолан оҕолоругар дьоллоох оҕо сааһы көрдөрбөтөх. Аҕаларыгар оҕолор эрэллэрэ сүтэн, кэлин улаатан баран ийэлэрин аҕаларыттан бэйэлэрэ көмүскэһэр буолбуттар. Төһөлөөх элбэх оҕо ити аһыы утахтан эрэйи көрө сылдьара буолуой? Үөрэнэр усулуобуйа суоҕа эмиэ итинтэн төрүөттэнэр. Чөл олохтоох ыаллар эбиттэрэ буоллар оҕолоругар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиэх этилэр. Оҕоҕо дьоллоох оҕо сааһы төрөппүттэрэ, доҕотторо, тулалыыр эйгэтэ бэлэхтииллэр. Дьоллоох оҕо саас диэн хайдах буолуохтааҕый? Холобура, сорох төрөппүттэр оҕолоругар сыаналаах малы, харчыны биэрэн баран оҕоҕо кыһаллабыт,тапталбытын, эрэлбитин маннык биллэрэбит дииллэр. Ити сыыһа өйдөбүлтэн оҕо кэнникитин малга – салга сыһыана чэпчэки, харыстаабат, сыаналаабат буола улаатар. Оҕо ымсыырбытын барытын атыылаһан биэрэн, баҕарбытын толорон дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиибит диэн тутах санаа буолуо. Дьиэ кэргэн иһигэр сылаас сыһыан, эйэлээх — иллээх олох, өйдөһүү, өйөнсүү, эрэнсии, көмөлөсөһүү, итэҕэйии баар буоллаҕына дьоллоох оҕо саас баар буолар. Ол инниттэн дьиэ кэргэн үгэстээх буолуохтаах, дьоллоох түгэннэр элбэх буолуохтаахтар, чугас дьоммут аттыбытыгар баар буолуохтаахтар, дьол малынан – салынан кээмэйдэммэт.
Кэпсэтии түмүгэр оҕолор да улахан да дьон маннык кэпсэтиилэр, санааны атастаһыылар өссө да буола туралларыгар баҕа санааларын эттилэр. Аһаҕас кэпсэтии бэрт сэргэхтик ааста, оҕолор олуһун интириэһиргээтилэр, санааларын атастастылар. Олоххо буолбут түбэлтэлэри истэн, ытык дьоммут сүбэлэрин ылан дуоһуйан тарҕастылар. Түмүккэ инникитин кэнэҕэски ыччакка интириэһинэй форманан араас тиэмэнэн аһаҕас кэпсэтиилэри, тэрээһиннэри ыытыахха сөп эбит диэн санааҕа кэллибит.
Александра ЕГОРОВА, О.П. Иванова – Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин методиһа.