Оттук мас кыһалҕата кыһарыйда

Үнүр улуус дьаһалтатыгар баһылык бастакы солбуйааччыта Василий Бураев оттук маһын бэлэмниир урбаанньыттары кытары көрүстэ. Бу – сытыытык турар кыһалҕаны төрдүс төгүлүн төхтүрүйэн мунньахтаан быһаарарга холоннулар.

“Дьон сыарҕа үрдүттэн ыла үөрэммит…”
— диэн урбаанньыттар маһы дьон бэйэтэ бэлэмнэммэккэ бэлэми ылары ордороллорун бэлиэтииллэр. Урукку курдук, саас ойуурга тахсан саһаанныыр дьон, кырдьык, аҕыйах. Баар да буоллаҕына, бэйэлэрэ тиэйэр-таһар массыыналаах эрэ өттө оннук дьаһанар. Тиэхэньикэтэ суох, бэйэтэ тахсан бэлэмниир, тиэйтэрэн аҕалтарар соболоҥо биир оччо сыаналаах буолан тахсар. Аны, бэлэмнээбит саһааныҥ ойуурга хааллаҕына “атахтанан хаамыа суоҕа” диэн ким даҕаны мэктиэлээбэт. Билигин, былыргылыы ааны хатаабакка күрдьэҕинэн баттатан баран хаалар кэм буолбатах. Онон, атыылаһан ылбытыҥ дөбөҥ курдук. Итиэннэ чугаһынан дэлээнэ суох, чааһынай киһиҥ сатыы төһө бэйэлээх ыраах сири өтүө баарай.

Анаан оттук маһынан дьарыктанар урбаанньыт ахсаана сыл аайы аҕыйыыр. Былырыыҥҥааҥы диэри Степан Ефимов бэрт таһаарыылаахтык үлэлээн, маһынан дьону хааччыйара. Кини сыаната даҕаны киһилии – камаһынан инчэҕэй маһы 17 эрэ тыһыынчаҕа атыылыыра. Элбэх киһини абырыыра, быйыл тохтоон турар. Мунньахха маска сылдьар дьон тоҕо аҕыйаата диэн ырыҥалаан көрдүлэр. Тымныыга маһы кытары тустар сыанан аҕаабат, ыарахан, мас сыанатын түһэрэн үлэлиир барыһа суох дэһэллэр. Ойуур хаһаайыстыбата ааҕан олорорунан, күн бүгүн улуус үрдүнэн, 33 киһи урбаанньыт быһыытынан бэлиэтэммититтэн, оттук маска сылдьааччыта 10 эрэ. 7 Аммаҕа, 2 Бөтүҥҥэ уонна Чакырга 1 киһи. Онтон маһынан оттон олорор ыал ахсаана аҥардас Аммаҕа 1200. Уон урбаанньыт хайдах даҕаны уйуммата биллэр.
Итиннэ Анатолий Федоров бэрт туһалаах, эттээх санааны эттэ. Кини өрөспүүбүлүкэ таһымыгар туруорсан, оттук маһынан анаан-минээн дьарыктанар урбаанньыттары өйүүр суоллары тобуларга этии киллэрдэ. Субсидия быһыытынан харчы көрөн дуу хайаан дуу. Оччоҕо мас куубун сыаната да үрдээбэт, маска үлэлиир да дьон интэриэстэрэ улаатар диирэ оруннаах.

Кыһалҕаны быһаарарга хас да суолу хайдылар
Оттук мас кыһалҕатын быһаарарга хас да суолу ыйдылар, эрээри олору олоххо киллэрии хас эмэ сыл сиэллэнэн-кутуруктанан барыан сөп.
Бастатан туран, “Газгольдеры” Аммаҕа тэнитии. Бу, гааһынан сылытар автономнай тэриллэри атын улуустар хото киллэрэн эрэллэр. Чурапчылар, горнайдар бэлиэр холбонон абыраммыттар дэһэллэр. Бу тэрил биир заправканан сылы туоратар диэн бэлиэтииллэр. Арай, сыаната балай да ыарахана дьону сааратар. Тэрилин-тээбирин атыылаһан, туруортаран холботоруҥ уопсай сууммата 600 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Ылбычча ыал биирдэ ууран биэрэр харчыта буолбатах.
Иккиһинэн, чааһынайдар билиэт ылан баран, ону урбаанньыкка биэрэн мастаттыннар диэн санааны эттилэр. Ойуур хаһаайыстыбатын билиэтинэн биир киһи өлүүтэ – 30 кууб. Чааһынай киһи олоччу отут куубу буолбакка 10-15 эрэ куубу ылар буоллаҕына, хаалбыт куубун ханна гынар диэн ыйытыы тахсар. Мас таһар урбаанньыт ордубут куубу атын киһиэхэ атыылыырын ойуур хаһаайыстыбата кыккыраччы бобор. Онтон урбаанньыт соҕотох биир эрэ киһиэхэ отут куубун таһар эбэтэр атын билиэттээх киһи дэлээнэтигэр барар-кэлэр түгэнигэр уһаан-тэнийэн хаалар.
Үсүһүнэн, маҕаһыыннаах урбаанньыттары киин ититэр ситимҥэ холбоотоххо, маска уочарат лаппа кыччыа этэ диэн буолла. ОДьКХ тариба урбаанньыттарга үрдүгүттэн сылтаан, маҕаһыыннаахтар бэйэлэрэ хочуолунай туттан сылытыналлар.

Сыана – үүнэ-тэһиинэ суох
Мунньахха Василий Иванович сыанаҕа тоһоҕолоон тохтоото: “Бүтэһик мунньахха кураанах мас сыанатын быспыппыт. Борталаах УАЗ 6 тыһыынча гыныаххайыҥ диэн сүбэлэспиппит. Ону 8 тыһыынчаҕа атыылыыллар диэн дьон этэр”. Сыана үүнэ-тэһиинэ суох, көҥүл үрдүүрүгэр бензин сыаната ыараабытыгар, кураанах мас чугаһынан суоҕар сытар диэн масчыттар хайыҥ охсуналлар. Ааһа баран, абаҕалар букатын даҕаны кураанах мас куубун үстүү тыһыынчаҕа атыылыыллар, аммалар тоҕо онтон ордуохтаахпытый дэһэллэр. Ойуур хаһаайыстыбатын салайааччы Николай Иванов кураанах мас суоҕун бигэргэтэр. Кинилэр тыаны-сиһи кэтэннэр, чугаһынан 23-үс килэмиэтиргэ эрэ булбуттар. Ону даҕаны аҕыйах сыллааҕыта уот сиэбит куруҥ сирэ, онон кыратык үөллүҥү, суоһа мөлтөх. Онтон атын сирдэргэ кураанах маһы Бииччэ үрэҕин баһыгар, Кыра уонна Улахан Торҕолдьуҥҥа эрэ булуохха сөп эбит. Итиннэ тиийэргэ суол-иис суох, сис хаарын кэстэрэн барар эрэйдээх диэн.

Мас сыанатын мунньах устата алаадьы курдук эргитэ сылдьан ырыттылар да, биир санааҕа кэлбэтилэр. “Кураанаҕы куубун 2,5, инэҕэйи 2 тыһыынчанан быһыаххайыҥ, сөбүлэһэҕит дуо?”, — диэн Василий Иванович ыйытарын ылымматылар. Масчыттар үгүстэрэ ыраахтан аҕалар буоллахпытына, 2,5 тыһыынчаҕа атыылаабаппыт диэн иннилэрин биэрбэттэр.  Кураанах мас куубун 2,5 тыһыынчаҕа атыылыырга суос-соҕотох Анатолий Федоров эрэ ылыныах курдук саҥарда: “Мин санаабар, чахчы, үлэлиэн баҕарар, үлэлиир киһиэхэ 2,5 тыһыынча сөп сыана. Сакаас элбэх, үлэлиэххэ сөп”.

Онон, улуус дьаһалтата урбаанньыттарга кураанах маһы 2,5 тыһыынчаҕа атыылыырга сүбэтэ төһө уйуктааҕын тохсунньу ый тымныыта көрдөрүөҕэ.

Олег Егоров.

Читайте дальше