Патриотическай тыыҥҥа иитиигэ лиссиэйгэ улахан үлэ ыытыллар

Амматааҕы лиссиэйгэ оскуола библиотекаларын көрүү ыйа олус сэргэхтик саҕаланна.

Алтынньы ый 5 күнүгэр бэлиэтэнэр Учуутал күнүн чэрчитинэн, Амма улууһун чулуу дьонуттан биирдэстэрэ, история учуутала, талааннаах салайааччы, төлөннөөх патриот, философия наукатын кандидата Василий Васильевич Федоров олоҕун уонна Амма харыстабылыгар тэрийбит үлэтин туһунан «У человека быть должна река…» диэн кылаас чаастара 7 „а“, 10 „б“, 11 „а“, „б“ кылаастарга буолан ааста.

Маны сэргэ, Саха республикатын народнай суруйааччыта, прозаик Дмитрий Федосеевич Наумов 75 сааһыгар аналлаах библиотечнай уруоктар 7 “б“, 8 „а , „б“,  9 „б“ кылаастарга ыытылыннылар.    Талааннаах биир дойдулаахпыт «Кэрэмэс» кэпсээнин дорҕоонноохтук ааҕыы тэрилиннэ. Учууталлар, үөрэнээччилэр бу тэрээһиҥҥэ олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Манна эбии алтынньы 14 күнүгэр анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыт, лиссиэй үөрэнээччитэ Александр Сысолятиҥҥа аналлаах ахтыы күнэ буолан ааста. 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ хорсун саллаат олоҕун туһунан бииргэ үөрэммит оҕолорун ахтыыларын уонна  маҥнайгы учуутала Светлана Николаевна Парфенова кэпсээнин долгуйа иһиттилэр.

Наталия РЯЗАНСКАЯ.

Читайте дальше