Амма нэһилиэгин «Алаас» түөлбэ бэрэссэдээтэлэ Петр Табунанов сокуоннай сааһын туолуоҕуттан биир да быыбар хампаанньатын көтүппэккэ көхтөөхтүк кыттар. Чугас дьонун, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин быыбарга кыттан бэйэлэрин санааларын этинэллэригэр өрүү көҕүлүүр. Быйыл «Алаас» түөлбэ активын кытта олохтоохтору түмэн, бары сахалыы сиэдэрэйдик таҥнан-симэнэн быыбардыыр учаастакка тиийэн, бэйэлэрин гражданскай иэстэрин толорон, дойду Бэрэсидьиэнин таларга куоластарын биэрдилэр. Арассыыйа сайдыытыгар улахан суолталаах быыбарга кыттыытын туһунан Петр Валерьевич санаатын бу курдук үллэстэр:
«»Алаас» түөлбэ олохтоохторо Дойду Бэрэсидьиэнин талар быыбарга көхтөөхтүк кытта сылдьаллар. Биһиги быйыл Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан бары сахалыы таҥаспытын кэтэн тиийэн куоластаатыбыт.
Үгүс быыбардааччы сахалыы таҥастаах сылдьалларын көрөргө олус үчүгэй, буола турар быыбарга ураты тыыны биэрэр, киһи санаатын көтөҕөр. Быыбардааччылар ахсааннара сарсыардаттан элбэх. Дьон дойду олоҕор улахан суолталаах быыбар буола турарын сөпкө өйдөөн, бииргэ түмсэн, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара көстөр. Хас бирдии сокуоннай сааһын сиппит киһи быыбарга кыттара бу дойду сайдарыгар, инникитэ кэскиллээх буоларыгар тус бэйэтин кылаатын киллэрэрин өйдүөхтээх. Онон биир дойдулаахтарбын бу буола турар Дойду Бэрэсидьиэнин талар быыбарга хайаан даҕаны көхтөөхтүк кыттын диэн ыҥырабын».
Вера ИВАНОВА