Петр Табунанов: «Хирургтар мобильнай биригээдэлэрэ дьоҥҥо туһалааҕа көһүннэ»

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн «Мобильнай хирургическай киин» диэн сэдэх бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Балаҕан ыйын 24 күнүгэр “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалыгар Айсен Сергеевич быһа эпииригэр бу боппурос эмиэ турбута. 


Амма улууһугар хирургтар биригээдэлэрэ кэлэн үлэлээбитэ ый аҥара номнуо буолла. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын туйгуна, анестизиолог-реаниматолог быраас Петр Табунанов санаатын билистибит.

Нэһилиэнньэҕэ олус туһалаах бырайыак дии саныыбын. Дьон олорор сирдэриттэн ырааппакка үрдүк технологическай көмөнү миэстэтигэр ылаллар. Билигин саҥа биригээдэ кэлэн үлэлии сылдьар. Номнуо 29 эпэрээссийэни оҥордулар, ол курдук 23 киһиэхэ муруннарын көннөрдүлэр, биэс ыарыһахха тобуктарын, таастарын уҥуоҕун искусственнайга уларыттылар, итиэннэ биир пациеҥҥа тостубут уҥуоҕар анал конструкция олордон бигэргэттилэр. Маны таһынан тоҕус варикоз, 11 үөс уонна биир грыжа эпэрээссийэлэрин оҥордулар. Онон маннык бырайыак дьоҥҥо туһалааҕа, көмөлөөҕө көһүннэ, — диэн Петр Валерьевич этэр.

 

Вера ИВАНОВА.

Читайте дальше