Полина Кононова “Олохтоохтор, кырачааннар сырдык ыра санаалара туолбута айарга-тутарга кыаҕы биэрэр”

Дьон-сэргэ олорор олохторо, үлэлиир сирдэрэ үчүгэй усулуобуйалаах буоллаҕына биир сиргэ сөбүлээн олороллоро баар суол. Усулуобуйа тэриллибит тэрилтэтигэр үлэһит үөрэ-көтө үлэлиир, оҕо-аймах билиини-үөрэҕи ылар. Амма Наахара нэһилиэгэр оннук биир сырдык тэрилтэнэн “Дуораанчык” уһуйаан буолар. Уһуйаан  “Демография” национальнай бырайыагынан тутуллан быйыл үһүс сылын кырачааннары сырдыкка, кэрэҕэ угуйан үлэлии турар.


Амма Наахара нэһилиэгэр таһаарыылаах үлэтинэн Амма улууһугар, өрөспүүбүлүкэҕэ, ону таһынан Арассыыйаҕа кытта биллэр «Дуораанчык» уһуйаан үлэлиир. Нэһилиэк 2008 сылтан быһа туруорсан,  ол кэмҥэ нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит Мария Романовна Захарова уонна сатабыллаах салайааччы Полина Петровна Кононова  кэпсэтэн-ипсэтэн, кэлэн-баран үйэлээх таас уһуйааны үлэҕэ киллэрбиттэрэ.

Бу кэмнэргэ Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир  Путин салалтатынан араас бырайыактар тахсаннар саҥа таас уһуйаан «Демография» национальнай бырайыакка киирсэн тутуута саҕаламмыта. Ити курдук бу бырайыак көмөтүнэн 75 миэстэлээх саҥа таас «Дуораанчык» уһуйаан 2021 сыллаахха аанын тэлэччи аспыта. Манна биир дойдулаахпыт Майя Андреевна Данилова экономика миниистэринэн үлэлии олорон элбэхтик сүбэ биэрэн көмөлөспүтүн салайааччы Полина Петровна махтана бэлиэтиир.

 

Билигин сырдык, ыраас, бары өттүнэн хааччыллыылаах уораҕайга «Дуораанчыктар» астынан туран үлэлии сылдьаллар. Үлэ миэстэтэ оҕоҕо, үлэһиккэ сөптөөхтүк тэриллэн бары сарсыардаттан үөрэ-көтө кэлэллэр, үлэ кэннэ үөрэ-көтө сарсыҥҥыга эрэллээх дьиэлэригэр бараллар. «На работу, как на праздник!» диэн девизтарын ыһыктыбаттар. Оҕо сылдьар усулуобуйата барыта тэриллэн үөрэх-билии үрдүк көрдөрүүтүттэн, сууйарга-соторго олус табыгастааҕыттан төрөппүттэр олус үөрэллэр. Саҥа уһуйааҥҥа исписэлиистэр  сэбиэдиссэй, логопед, музыкальнай салайааччы, психолог, физрук, медик, прачка тус туһунан анал хосторго үлэлииллэр. Метод хоско иитээччилэр киирэн сүбэлэһэр, үлэ былаанын, хаамыытын барылын оҥороллор.  Музыкальнай, аактабай, спортивнай үлэ улахан саалатыгар күннэтэ кырачааннар араас тэрээһиннэрэ ыытыллар. Киирэр ааҥҥа харабыл  уһуйааҥҥа ааһар көҥүлү биэрэр.

Онтон киэҥ «Айылҕа көстүүтэ» саалата тиэмэнэн үлэлиир. Манна попугайдар, шиншилла, хомяк олороллор. Аквариумҥа балыктар устан оҕону уоскуталлар. Маны сэргэ куруһуоктар хосторо уһуйаан аһыллыбытын кэннэ тутатына оҥоһуллубута. Быйыл үбүлүөйдээх сылга оҕо оонньуур хоһо, итиэннэ мини-музей аһыллан үлэлии турар. Кытыыга аныгы оборудованиялаах, араас салааларга арахсар кухня үлэлиир. Үлэһиттэр бары анал үөрэхтээх исписэлиистэр, үлэлэригэр толору эппиэтинэһи сүгэллэр. Дьэ бу курдук Дойдубут Бэрэсидьиэнэн көҕүлээбит национальнай бырайыак көмөтүнэн саҥа тыыннаммыт «Дуораанчык” уһуйаан инникигэ сайдыы суолунан тэҥҥэ хаамсар баҕалаах айар-тутар.

“Маннык национальнай бырайыактар киирбиттэрэ олус үчүгэй. Биһиги өр сыл туруорсубут, бары да олохтоохтор ыра санаабыт бу бырайыак көмөтүнэн дьэ олоххо киирэн олох билигин астына, дуоһуйа үлэлии сылдьабыт. Мин тус бэйэм уонна бары үлэһиттэр даҕаны Владимир Владимирович Путин, дьиҥ чахчы лидер киһибит, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар кыттарга быһаарыммытын сэргээбиппит. Кини көҕүлээбит национальнай бырайыактара, ол иһинэн үлэлиир араас бырагыраамалар олохпут социальнай эйгэтэ сайдарыгар олук буоллулар. Ол туоһутунан бу биһиги уһуйааммыт да буолар. Оҕолор билигин аныгылыы тутуллубут, бары өттүнэн толору хааччыллыылаах дьиэҕэ кэлэн сырдыкка, кэрэҕэ, төрөөбүт төрүт дойдуларын таптыырга үөрэнэллэр уонна мантан киһи киһитэ буолан тахсарга бастакы үктэллэрин ылаллар. Ол буоллаҕа эбээт, биһиги кылаабынай сыалбыт-сорукпут”, — диэн Полина Петровна бэйэтин санаатын үллэстэр.

Ирина КОРЯКИНА -ОЛЕСОВА

Читайте дальше