«Прекрасен наш союз!» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх түһүмэҕэ

Болугур оскуолатыгар учууталларга улахан тэрээһин буолла. Ол курдук, Саха ѳрѳспүүбүлүкэтин нуучча тылын учууталларын методическай холбоһуктарын күрэхтэрин түмүктүүр сүрүн түһүмэхтэрэ биһиги оскуолабытыгар Россия үѳрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үѳрэҕириитин туйгуна Марфа Юдовна Иванова сырдык кэриэһигэр анаан тэрилиннэ.

Биһиги оскуолабытыгар учуутал үрдүк аналын, сыралаах үлэтин сыаналыыр, үйэлэргэ хаалларар «Плеяда талантливых педагогов Амгинского улуса» диэн бырайыак үлэлиир. Манна оҕо аймаҕы сырдыкка сирдээбит учуутал дьону кэпсиир стендэлэр бааллар. Быйылгы тиэмэ Марфа Юдовна туһунан буоллар. Бу «Плеяда» ааптара Кожурова Сахаяна Юдовна буолар. Эрдэ биһиэхэ тэриллибит кѳрсүһүүлэргэ кыраайы үѳрэтээччи Маркел Тихонович Михайлов аатынан конференция, саха тылын учуутала Валентина Семеновна Григорьева аатынан ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи уруок күрэхтэрэ,  пионер-баһаатай Людмила Евсеевна Филиппова  аатынан пинерскай сбор  буолбуттара.

Марфа Юдовна Иванова — тѳрүт Болугур, үгүс сыл тухары нуучча тылын, литэрэтиирэтин учууталынан ситиһиилээхтик, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 3 кылааһын оҕолоро үтүѳ сиэрдээх дьон буолан тахсалларыгар кыһаммыта, БКЭ, ОГЭ эксээмэннэригэр ситиһиилээхтик, үрдүк бааллаах туттаран тахсалларыгар сыратын уурбута. Научнай кэмпириэнсийэлэргэ, олимпиадаларга, араас ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн да күрэхтэргэ оҕолор дьоҕурдарын сайыннаран кытыннарбыта. Нуучча тылын кабинетын хоһоон ааҕарга анаан тупсаран, ситэрэн  оӊорбута. Үѳрэнээччилэр айар суруйууларынан кинигэ оӊорбута. БКЭ бэлэмниир сорудахтары кѳмѳлѳѳн оӊорбуттарын туһана сылдьаллар. Спортмен, ырыаһыт, олох бары салаатыгар кѳхтѳѳх, үтүѳ майгылаах, кѳнѳ сүрүннээх кэрэ  киһи этэ.

Бу күн күндү, ытыктыыр учууталбыт Марфа Юдовна Иванова сырдык аатын үйэтитэн, нуучча тылын кабинетыгар иӊэрдибит. Халыӊ аймахтара, бииргэ тѳрѳѳбүттэрэ, дьиэ кэргэнэ  уонна үѳрэппит 3 кылааһын оҕолоро кэлэн кытыннылар, истиӊ тылларын эттилэр. Учууталга махтал тылларын истэргэ сүрдээх үчүгэй. Оскуолабыт дириэктэрэ Татьяна Ивановна Иванова Марфа Юдовна туһунан чугас дьүѳгэ, үтүѳ сүбэһит быһыытынан истиӊник-иһирэхтик тыл эттэ. Мантан ыла Марфа Юдовна сырдык мѳссүѳнэ күннэтэ үгүс сыллар тухары оҕо дьону билиигэ ыӊыра туруоҕа.

Нуучча тылын кабинетын сэбиэдиссэйэ Седалищева Марианна Лазаревна нуучча омук оонньуурдарын, иһитин-хомуоһун, туттар тэрилин, сувенирдарын  4 остуолунан быыстапка оӊорбута  дьон болҕомтотун тарта.

Күндү киһибитигэр Марфа Юдовнаҕа анаан,  үлэтин, кылаастарын, иитэр үлэтин, дьонун-сэргэтин кѳрдѳрѳр быыстапка оӊордубут. Үѳрэппит 3 кылааһын оҕолоро ахтыы хомуйан, хаартыска мунньан, альбом оӊорон аҕалбыттар. Биһиги кинини 8 кырыылаах алмаас таас быһыытынан кѳрдѳрдүбүт. Бэйиэт Сергей Васильев «Киһи аҕыс кырыылаах буолуохтаах, алмаас таастыы чаҕылыйа оонньуохтаах» диэн этиитин кытта ситимнээтибит.

Ону кытта Амма улууһун оскуолаларын олохторун оскуолаҕа, оҕо аймаҕы иитиигэ-үѳрэтиигэ анаабыт учуутал дьон туһунан быыстапка күрэҕэр ыӊырбыппыт. Ол күрэххэ Амма 1№-дээх оскуолатыттан Михайлов Маркел Тихонович, лиссиэйтэн Александрова Елена Александровна, Бѳтүӊтэн Иванов Николай Егорович, Амма-Наахараттан Александрова Зоя Семеновна, Майскайтан  Семенова Валентина Федоровна  диэн убаастанар, улахан буукубаттан суруллар ааттаах  ытыктанар учууталларын, улахан дьоннорун тустарынан бэртээхэй быыстапкалары аҕалан кэпсээтилэр. Бу дьоннорун тустарынан матырыйаалы олус кичэллээхтик уура сылдьыбыттара сѳхтѳрѳр.

 

Бу 1-гы түһүмэҕи ааспыт холбоһуктартан 6 оскуола кэлэн, аны биһиэхэ 4 түһүмэххэ күүстэрин холоннулар. Ол курдук, «Командное планирование фрагмента урока», «Самопрезентация МО», «Мастерская педагога» уонна «Открытое заседание методического совета» диэн күрэхтэргэ илин-кэлин түһүстүлэр. Инньэ Хаӊалас Өктѳмүттэн, Чурапчыттан, Уус-Алдантан, Дьокуускай куорат 26 уонна 29 нүѳмэрдээх оскуолатыттан, Амма лиссиэйиттэн кытыннылар.

Үѳрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр үнүстүүттэн методистар Николай Иннокентьевич Бугаев, Варвара Васильевна Аммосова, Амма управлениетыттан Екатерина Васильевна Огоюкина учууталлар үлэлэрин сыаналаатылар.

Хамаандалар Болугур үѳрэнээччилэригэр уруок ыыттылар, кэллиэгэлэригэр мунньах тэрийдилэр, бэйэлэрин кѳрдѳрдүлэр, атыттары кѳрдүлэр. Аныгы күүстээх технологиялары, ньымалары туһанан, оҕолору үѳрэтиигэ сүбэлэрин түмтүлэр. Биһиги уруоктары трансляция кѳмѳтүнэн кѳрдүбүт-иһиттибит. Уруок ыыппыт учууталлар биһиги үѳрэнээччилэрбитин билиилэрин, сатаан кэпсииллэрин, холкутук санааларын этэллэрин хайҕаан бардылар.

Марфа Юдовна аймахтара, табаарыстара, оҕолоро, кэллиэгэлэр, бэтэрээн учууталлар бу күн нууччалыы, сахалыы хоһоон бѳҕѳтүн аахтылар. Екатерина Барабанова оҕо сылдьан үѳрэппит хоһооннорун барытын ѳйүгэр хатыы сылдьара элбэҕин сѳхтүбүт. Кини литературнай салон кыайыылааҕа буолла.

Бу салоӊӊа кыттааччылар хоһоон да аахтылар, хоһоон этиилэрин салҕаан суруйдулар, хоһоону хомуйуу диэн түһүмэхтэргэ куоталастылар. Чахчы даҕаны хоһоону, поэзияны сѳбүлүүр дьон мустан оонньоотулар.

Түмүккэ бу нуучча тылын методическай холбоһуктар ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи 5 түһүмэхтээх күрэхтэрэ бүтэн,  маннык миэстэҕэ таҕыстылар: 1 миэстэ – Дьокуускай куорат 26 № оскуолатын учууталларын хамаандата. 2 миэстэ — Дьокуускай куорат 29 № оскуолатын хамаандата. 3-с миэстэ – Чурапчы хамаандата.

Бу улахан күрэхтэр спонсордара Марфа Юдовна бииргэ тѳрѳѳбүттэрэ Барабановтар  сүрүн кыайыылаах бѳлѳххѳ бириэмийэ туттарда.  Ону таһынан дьиэ кэргэнэ,  кэргэнин Станислав Михайлович Иванов бииргэ тѳрѳѳбүттэрэ, Чурапчы Сылаӊар, Болугур оскуолатыгар бииргэ үѳрэммиттэрэ, СГУга  бииргэ үѳрэммиттэрэ, 3 кылааһын оҕолоро, 2 кылаас оҕолорун тѳрѳппүттэрэ,  бэтэрээн учууталлар, аймахтара Михайловтар – бары күрэх кытыылаахтарыгар уонна аата иӊэриллибит кабинетыгар ис сүрэхтэн харчынан кѳмѳ буоллулар.

Онон, ыалдьыттар да, кыттааччылар да, олохтоох дьон да бары бу үрдүк таһымнаах тэрээһиӊӊэ элбэҕи, туһалааҕы билэн-кѳрѳн, астына-дуоһуйа кэпсэтэн, ыллаан-туойан, хоһоон ааҕан тарҕастыбыт. Бу курдук учуутал сыралаах үлэтин сыаналыыр, үйэтитэр «Плеяда талантливых учителей Амгинского улуса» диэн Сахаяна Юдовна Кожурова тэрээһинэ буола турдун диэн баҕа санаабытын этэбит.

Татьяна ПЕТРОВА, Болугур.

Читайте дальше