Эмис нэһилиэгин олохтоохторо нэһилиэктэрин иһин тупсарыы үлэтигэр өрүүтүн көхтөөхтөр. Ол курдук бэйэлэрин күүстэринэн суолларын да оҥороллор, муосталары да туталлар, өрөмүөннүүллэр даҕаны. Бу күннэргэ нэһилиэк эдэр эр киһитэ Данил Тимофеев өссө биир үлэни көҕүлээтэ.
“Эмиспит биир киэн туттар ыччата, Данил Авдеевич Тимофеев нэһилиэк иһигэр сырыыны олус атахтыыр сири эр дьону көҕүлээн оҥорон кэбистэ. Ол курдук Набережнай уулусса, “Куула” түөлбэ эр дьоно түмсэннэр Данил көҕүлээһинин өйөөннөр нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр туһалаах улахан үлэни оҥордулар.
Уолаттар Отоһуттан Кудуга киирэр саас аайы эрэйдиир, өрүү суолу быһар үрүйэҕэ муостаны туттулар. Манна элбэх техника үлэлээтэ, киһи хамсанна. Ол түмүгэр Куду Эбэни тула техника сылы эргиччи сылдьар кыахтанна. Эр дьоммут Федор Неустроев, Алексей Захаров, санатан эттэххэ, өссө бу саас Куула эҥэр үс сиринэн суол куһаҕан өттүн оҥорон тураллар. Чахчы да бэйэбит уйгубутун бэйэбит эрэ оҥостор кыахтаахпыт. Онон нэһилиэгим көхтөөх дьонугар махталбын тириэрдэбин”, — диэн этэр Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин.
“Амма олоҕо” хаһыат