Пётр Попов: “Сахалартан инникитин даҕаны хорсун уолаттар улаатан тахсыахтара”

Сахабыт сиригэр үөрүүлээх сонун көтөн кэллэ. Запорожье хайысхатыгар уһулуччу хорсун быһыыны көдөрбүт танкист уолаттарбытыгар Филипп Евсеевкэ уонна Алексей Неустроевка Дойду Президенэ Владимир Путин Россия Геройара буолбуттарын туоһулуур Кыһыл көмүс сулустары түөстэригэр аста. “Алеша” Т-80 таанка экипаһа бэс ыйыгар анал байыаннай дьайыыга утарсааччы 8 тиэхинньикэтин соҕотоҕун үлтүрүппүтүн Россия эрэ буолбакка, бүтүн Аан дойду дьоно-сэргэтэ көрөн сөрү диэн сөхтүлэр. Ол иһигэр “Юнармия” Амматааҕы отделениетын ыстаабын начальнига, саппааска сылдьар старшай лейтенант Пётр Попов.

-Саха уолаттара кыргыһыы толоонугар хорсуннарын, булугастарын-талыгастарын история бигэргэтэр. Сунтаар уонна Уус Алдан уолаттара ону өссө төгүл итэҕэттилэр.

 

Кэнники кэккэ сылларга ыччаты патриотическай тыыҥҥа, Дойдуну таптыырга, киниэхэ бэриниилэх буоларга иитиигэ болҕомто күүһүрдэ. Мин итэҕэйэбин — Аммабыт үүнэр көлүөнэтэ бу Уолаттар курдук дойдуларыгар бэриниилээх, ыарахантан чаҕыйбат уонна хорсун буола улаатыахтара! Онуоха олук уураллар. Улууспутугар “Юнармия” оҕо, ыччат общественнай хамсааһын 2019 сылтан үлэлиир. Билигин кини кэккэтигэр 8 оскуола, 1 оҕо уһуйаана киирдилэр. Иитиллээччилэр Юнармеец буолан төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх, дьоҥҥо сэргэҕэ туһалаах, үөрэххэ ситиһиилээх буола улааталлар. Ол курдук, “Юнармия” оҕоҕо дойдутун саалаах эрэ буолбакка үлэтинэн эмиэ көмүскүүр гына иитэр. Биһиги ыччаттарбыт биир улахан ситиһиилэрэ диэн, быйыл Чурапчыга буолбут “Снежный барс” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ 3 миэстэ буоллулар. Кинилэртэн, Юнармеец уолаттартан, кыргыттартан бу Саха сирин геройдарын курдук хорсун, өйдөөх уонна дойдуларыгар бэриниилээх дьон улаатан тахсыахтара! Оҕоҕо кыратыттан оннук өйдөбүлү ииттэххэ эрэ патриотизм тыынын тииннэриэхпит.

Читайте дальше