Римма Алексеева: “Таксистар биһиги улахан өйөбүлбүт буолаллар”

“Амарах сүрэх” уопсастыбаннай түмсүү чилиэннэрэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар оҥоһуллар көмөҕө таксистар оруоллара улахан диэн этэллэр. Салайааччы Римма Алексеева уолаттарга барар баһыылкалары илдьиигэ, сиэккэ өрүүтүгэр да туттуллар табаардары аҕалыыга “Элита” такси сулууспа таксистара биирдэ да аккаастаабатахтарын махтана бэлиэтиир.


“Биһиги түмсүүбүт бары күүс-көмө буолар дьоҥҥо махталбыт улахан. Кинилэр истэригэр баһыылкаларбытын туһааннаах аадырыска буор босхо тиэрдэр, аны сиэккэбит өрүүтүгэр туттуллар араас табаарбытын аҕалыыга эмиэ өйөбүл буолар Дьокуускайга Ньургуйаана Вячеславовна Платонова уонна Аммаҕа Екатерина Егоровна  Баишева диспетчердээх “Элита” такси сулууспатын бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Маны сэргэ куоракка баһыылкалары Анжела уонна Николай  Третьяковтар бэйэлэрин массыыналарынан наадалаах сиргэ тиэрдэллэр. Бу соторутааҕыта сиэккэлэри төһө да кыра массыыналаах буоллар сулууспа таксиһа Юрий Федоров аҕалбыта. Кини биһиэхэ бу хаһыс да сырыытын көмөлөһөр. Ону кытта ааттыахпын баҕарабын Егор Солдатовы, Николай Винокуровы, Николай Тихоновы. Кинилэр куруутун биһиэхэ күүс-көмө буолаллар.

 

Такси сулууспата суох биһиги көмөбүтүн ыытарбытыгар уустук буолуо этэ. Бу күннэргэ эмиэ 25 устуука баһыылканы, отон барыанньатын, саллаакка наадалаах табаардары ыытан эрэбит. Биһиэхэ баһыылка мөһөөччүктэрин Елизавета Никитична Романова тигэн биэрдэ, онтон онно эмблемэбитин урбаанньыт Надежда Васильевна Шараборина түһэрбитэ.

 

Бу курдук бары биир санаанан дойдубут көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө буолан, сотору кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэллэригэр ис сүрэхтэн баҕарабыт. Баһыылкалары кытта саллааттарга анаммыт суруктары эмиэ ыытабыт” , — диэн “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Римма Алексеева санаатын тириэрдэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше