Амма Наахараҕа «Рисуем все» бырайыак чэрчитинэн «Төрөөбүт дойдум — Өнньүөһүм» диэн нэһилиэк иһинэн уруһуй күрэҕэ ыытылынна. Күрэҕи Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолата тэрийдэ.
Күрэх сыалынан уруһуй кэрэ эйгэтигэр дьону көҕүлээһин, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии буолла. Маны сэргэ бу бырайыагынан саҥа талааннары арыйыы, уруһуй нөҥүө айар — тутар сатабылы сайыннарыыга усулуобуйа тэрийии, төрөөбүт дойдунан киэн туттууну үөскэтии соруга турда. Үлэ бары ирдэбилин тутуһан, биирдиилээн үлэҕэ тиэмэни арыйан, өҥү сөпкө туттан хаачыстыбалаахтык үлэлээн улахан дьоҥҥо алын сүһүөх учуутала Сардаана Александрова кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ. Иккис миэстэҕэ эмиэ алын кылаас учууталлара Надежда Никифорова, Марианна Устинова таҕыстылар. Үһүс миэстэҕэ «Дуораанчык» уһуйаан иитээччитэ Фёкла Илларионова, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрин үлэтэ, итиэннэ эмиэ алын сүһүөх учуутала Мария Пахомова айылҕаны уруһуйдаабыт уруһуйдара таҕыстылар. Үөрэнээччилэргэ «Мин дьиэ кэргэним» диэн күрэх биллэриллэн ыытылынна. Манна үһүс миэстэни 3-с кылаас үөрэнээччитэ Ньургустаана Гаврильева, иккис миэстэни 3-с кылаас үөрэнээччитэ Сеня Александров, бастакы миэстэни 4-с кылаас үөрэнээччитэ Айхаана Макарова ыллылар. Күрэххэ кыттыбыттар бары туоһу суругунан, кыайыылаахтар дипломунан бэлиэтэнэллэр. Киирбит үлэлэр П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар «Рисуем все» бырайыак эстафетатын бэлиэтин туттарар тэрээһиҥҥэ быыстапкаҕа турдулар.
«Дуораанчык» уһуйааҥҥа «Тэҥҥэ уруһуйдуубут» бырайыакка кырачаан иитиллээччилэр үөрэ — көтө кытыннылар. Иитээччилэр оҕолорун илдьэ киирэн музыкальнай саалаҕа бэлэмнэммит остуолга төгүрүйэн олорон «Рисуем все!» диэн улахан буукубалар истэригэр уруһуйдары түһэрдилэр. Оҕолор киистэнэн тутта үөрүйэх буолан олуһун дуоһуйан олорон үлэлээтилэр. Бырайыак үлэтэ ыытыллар кэмнэригэр нэһилиэк эмиэ оҕолорго күрэх ыыппыта. Манна кыайбыт оҕолор үлэлэрин нэһилиэккэ баннерга туруоруохтара. Уруһуй күннэригэр уруһуй учуутала Светлана Алексеева 7-с кылаастарга аһаҕас уруок ыыппыта. Үөрэнээччилэр хамаандаларга арахсан үбүлүөйдээх уруһуйдааччылар тустарынан хаһыат оҥорбуттара. Өссө биир күүтүүлээх күнүнэн Светлана Алексеева эйэҕэс эбээлэргэ анаан бырайыак чэрчитинэн ыытыллар «Уруһуй кэрэ эйгэтигэр» диэн айар — тутар дьарыкка ыҥырыыта буолла. Тоҕус эбээ киистэ, гуашь илдьэ кэлэн бырайыагы өйөөн, үөрүү — көтүү аргыстаах, үлэлииргэ бэлэм кэлэн кыттыыны ыллылар. Эбэлэр сөбүлүүр, таптыыр Өнньүөстэрин айылҕатын уруһуйдуурга холоннулар. Учуутал уруһуй техникатын билиһиннэрэн эбэлэри уруһуйдаппыта көрүөхтэн кэрэ араас уруһуй оҥоһуллан, ама бу мин уруһуйдаатым дуо диэн саҥалар иһилиннилэр. Үөрүү, астыныы түгэнигэр инникитин бары өссө дьарыктанар баҕаларын этэн, учууталга махтанан тарҕастылар. Уруһуйунан өй-санаа сааһыланыытын күннэрэ олус сэргэхтик, умнуллубаттык аастылар.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА