Руслан Федотов “Аммалар бары биирбит”

Үс күннээх быыбар түмүктэнэн, арыый уоскуйбучча буоллубут. Ол да буоллар бу үс күннээх долгутуулаах чаастара өссө да баар. Онон бэйэ бэйэни эҕэрдэлэһии, кыайыынан уруйдаһыы социальнай ситим нөҥүө бара турар. Биһиги быыбар түмүктэрин хайдах сыаналыырын туһунан Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Руслан Федотовтан ыйыталастыбыт.


“Бастатан туран Арассыыйаҕа  ураты суолталаах быыбар түмүктэммитинэн эҕэрдэ! Үс күн устата ыытыллыбыт  быыбар түмүгэ – бу Арассыыйа  харгыстартан чаҕыйбакка, сайдыы  сөптөөх суолун талбытын мэктиэтэ буолар. Онно Аммам дьоно-сэргэтэ олус көхтөөхтүк кыттан, дойду дьиҥ лидэригэр Владимир Владимирович Путиҥҥа 90-тан тахса бырыһыаны биэрдэ уонна хаачыстыба өртүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолла. Бу улуус дьон түмсүүлээҕин, биир санаалааҕын туоһута. Инникитин бу курдук  улууспут уйгулаах олоҕун туһугар түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ! Биһиги Аммабытыгар саҥа тутуулар дьэндэйдиннэр, олох бары хайысхатыгар кыайыы- хотуу өрөгөйдөөтүн! Аммалар бары биирбит! Иккис болдьоххо талыллыбыт Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Федеральнай Мунньахха оҥорбут тосхоллорун олоххо киллэриигэ бары биир санаанан үлэлиэҕиҥ, олохпут уйгутун оҥостуоҕуҥ. Онтон хайаатар да олохпут тупсуоҕун, сайдыаҕын бу быыбар көрдөрдө. Онон Арассыыйаны кытта бииргэ иннибит диэки кыайыыга!”, — диэн Руслан Еремеевич өрө көтөҕүллэн санаатын тириэртэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше