Бүгүн кырыа кыһыммыт саҕаламмыт Бокуруоп күнүгэр Аммабыт нэһилиэгин биир бастыҥ үлэлээх “Хардыы” түөлбэҕэ үөрүүлээх күн тосхойдо. Ол курдук хардыылар 2022 сыллаахха олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа кыттаннар, быйыл улахан дьон дьарыктанарыгар аналлаах уулусса тренажердарынан толору хааччыллыбыт былаһаакканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар.
“Хардыы” түөлбэ олохтоохторун үөрүүтүн Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, Дьокуускай куораттан “Romana” оҕо оонньуур, спортивнай оборудованиелары оҥорор собуот атыыга отделын салайааччыта Семен Кривогорницын, Амма нэһилиэгин дьокутаата Гаянэ Петрова, “Алаас” түөлбэ салайааччыта Петр Табунанов эҕэрдэлээтилэр. “Хардыы” түөлбэ бэрэссэдээтэлэ Мария Кузнецова бары үлэлээбит дьоҥҥо махтал суруктары кытта сэмэй бэлэхтэри туттарда.
Николай Захаров-Сахаачча аатынан “Хардыы” түөлбэ киэҥ-куоҥ былаһааккатын киһи астына, киэн тутта көрөр. Манна араас эти-сини эрчийэр тренажердартан ураты Саха сиригэр аан бастакытынан теннистиир остуол турбут. Бу хардыылар тус баҕалара, бэйэлэрин туруорсуулара буолар. Түөлбэҕэ улууска биллэр теннисчиттэр Зоя Павлова уонна Николай Афанасьев олороллор. Үчүгэйэ диэн хас биирдии тренажерга ханнык былчыҥ сайдарын кэпсиир анал куйаар куодтаах.
Инникитин манна аныгы ыччат сөбүлээн эрчиллэр кроссфит, воркаут, онтон да атын күрэхтэр тэриллиэхтэрэ, дьон-сэргэ сөбүлээн мустар миэстэтэ буоларыгар саарбахтаабаппыт. Онон Аммабыт нэһилиэгэр өссө биир аныгылыы тупсаҕай, спортивнай тэриллэринэн толору хааччыллыбыт былаһаакка баар буолбутунан Амма олохтоохторун эҕэрдэлиибит, хардыыларга махтанабыт.
Вера ИВАНОВА