Сааскы булт саҕаланара аҕыйах хонук хаалла. Итинэн сибээстээн, бүгүҥҥү күҥҥэ Амма оройуонугар сааны — саадаҕы туттууга быһыы-майгы хайдаҕын билиһиннэрэбит.
Ол курдук, Россия ИДЬМ Амма оройуонунааҕы салаатын бастааҥҥы силиэстийэ группатын дознавателлэринэн Российскай Федерация холуобунай Кодексын 222 ыстатыйатынан, ол эбэтэр сааны-саадаҕы, кини сүрүн чаастарын, ытар тэриллэри дэлби барар биэссэстибэли уонна дэлби тэбэр тэриллэри сокуоннайа суох булунуу, биэрии, атыыга батарыы, харайыы, таһыы эбэтэр илдьэ сылдьыы иһин 2023 сыл түмүгүнэн 3 киһи, 2024 сыл 2 ый түмүгүнэн 1 холуобунай эппиэтинэскэ тардылынна. Холобурдаан эттэххэ бу холуобунай дьыалалар докумуона суох эрэдэһииннээх буулдьа саатын, ботуруоннары анал көҥүлэ суох булунуу, харайан сытыарыы, илдьэ сылдьыы, атыылааһын түмүгэр, ону таһынан РФ Росгвардиятын управлениетын Лицензияны биэрэр, көҥүллүүр киинигэр учуокка турар сааны сокуоннайа суохтук быстах кэмҥэ уларсыы, харайыыга хаалларыы түмүгэр көбүтүллэн, буруйдаахтар холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыбыттара.
Сокуоннайа суох харайыыга туох киирэрий? Бастакытынан уонна үгүс түбэлтэҕэ көстөрүнэн, урут ылыллыбыт, регистрацияламмакка хаалбыт эргэ саа. Иккиһинэн, саа хаһаайына өллөҕүнэ, ол саа оҕотугар дуу, аймаҕар дуу көҥүлэ суох тигистэҕинэ. Маны тэҥэ, хантан эрэ булуллубут саа, ботуруон, ытар, дэлби тэбэр тэрил эмиэ сокуоннайа суохтук харайыыга киирэллэр.
Хантан эрэ булуллубут, регистрацияламматах саа, ботуруон, ытар, дэлби тэбэр тэрил сокуоннайа суох харайыыга киирсэр буолан, Росгвардия лицензияны биэрэр киинин полицейскайдарыгар баҕа өттүнэн туттарыллыахтаахтар. Төлөбүр сууммата үрдээн, нэһилиэнньэ сокуоннайа суох харалла сылдьар сааны-сэбиргэли туттарыыта көхтөөх. Гражданин аҕалан биэрбит саатын-саадаҕын хамыыһыйа тутар, онтон бэрэбиэркэ барар (ханна эмит регистрацияламмыт, уоруллубут, буруйу оҥорууга кыттыбыт эҥин буолуон сөп). Ол кэнниттэн хамыыһыйа “харчы төлүүргэ” диэн быһаарыы таһаарар, ол харчы баан каартатыгар, счеттарыгар түһэр. Гражданин сааны туттарбытын иһин манньатыгар: эрэдэһиннээх (нарезное) булт саа – 8000 солкуобай, кылааккай (гладкоствольное) уостаах саа – 6000 солкуобай харчынан наҕараадаланар.
Урукку өттүгэр сааны эркиҥҥэ, тоһоҕоҕо таах ыйаан туруоруу эбэтэр орон анныгар кистээһин, хоспоххо, гарааска, ампаарга көннөрү ууран кэбиһии түмүгэр тахсыбыт быһылааннар үгүстэр. Оттон билигин саалаах киһи барыта билэр буолуохтаах – саа анаан-минээн сейфэҕэ хатаныахтааҕын. Сейфэ туора дьон, оҕолор тиийбэт, ылбат, булбат сирдэригэр туруохтаах. Маныаха Росгвардия лицензияны биэрэр салаатын иниспиэктэрдэрэ киһи саатын хайдах көрө-харайа сылдьарын сыл устатыгар хайаан да бэрэбиэркэлиэхтээхтэр.
Ону таһынан, статистика көрдөрөрүнэн, элбэх киһи оҕотугар, аймахтарыгар саатын уларсарын буолуохтааҕын курдук ылынар, ол эрэн бу быһыы Российскай Федерация сокуонун ирдэбилинэн көҥүллэммэт, холуобунай дьайыыларга киирсэр. Холобурдаан эттэххэ аҕа уолугар эрэдэһииннээх саатын уларыстаҕына, сокуоннайа суох биэрии буолар, оҕотугар — сааны сокуоннайа суох булунуу, илдьэ сылдьыы, харайыы буолар, холуобунай эппиэтинэскэ иккиэн тардыллаллар.
Сэп-сэбиргэл туттуулаах ыар быһылаан таҕыстаҕына, саа хаһаайына Российскай Федерация Холуобунай кодексын 224 ыстатыйатынан, ол эбэтэр уотунан эстэр сэби дьалаҕайдык харайыы иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар.
Саа кимиэхэ көҥүллэммэтий? Сыл иһигэр административнай сокуону икки төгүл соруйан кэспит; Сууттаммыт; Сокуоннай сааһын ситэ илик; Олорор сирэ суох; Психическэй ыарыылаах дьоҥҥо уонна, биллэн турар, докумуоннара ситэ хомуллубатах буоллаҕына.
Сааны бэлэхтээһин. Нэһилиэстибэ быһыытынан кэлбит сааны бэйэ аатыгар суруттарарга, бэйэҕэ көһөттөрөргө бастаан Росгвардия управлениетын начальнигын аатыгар сайабылыанньа суруллар. Доруобуйа туругун туһунан 002 уонна 003 формалаах ыспыраапка, полиция участковай боломуочунайын уонна лицензияны биэрэр салаа иниспиэктэрин аахталара, госпошлина төлөммүтүн туоһулуур квитанция, хаартыскалар, булт билиэтэ баар буолуохтаахтар. Сааны ылааччы киһи сууттамматах уонна саа харайар сейфэлээх буолуохтаах. Саатын ыллаҕына, икки нэдиэлэ иһигэр учуокка туруохтаах.
Киһи олоҕун ханнык эмит бэлиэ түгэнигэр сааны бэлэхтиир үгэс баар. Бэлэхтээһин нотариус нөҥүө оҥоһуллуохтаах. Бэлэх биэрээччи “бу сааны бэлэхтиибин, миигин учуоттан устуҥ” диэн сайабылыанньа суруйуохтаах. Лицензия сааны бэлэх ылар киһи аатыгар суруллуохтаах. Нотариуска кини бу докумуонун туппутунан тиийиэхтээх. Ол эрэн, өскөтүн аҕа уолугар, убай быраатыгар эҥин (олох чугас аймахха) бэлэхтиир буоллаҕына, туох да нотариуһа суох, Росгвардия лицензияны биэрэр салаа үлэһитэ бэйэтэ оҥорон биэриэн сөп.
Докумуоннары туттарыы туһунан этэр буоллахха, сэп-сэбиргэл көҥүлүн болдьоҕо бүтүө икки-үс ый иннинэ Росгвардия отделыгар тиийэн, докумуоннары туттарары умнумаҥ. Эбэтэр “Госуслуги” диэн сайтка киирэн, электроннай сайабылыанньа ыытан, боппуруоһу түргэнник быһаарыахха сөп. Сааскы бултааһын саҕаланыан иннинэ, болдьохторун уонна чопчу ханнык сирдэргэ көҥүллэммитин чуолкайдаһыҥ – ол улуус аайы уратылаһар. Итиэннэ сэби-сэбиргэли, сааны-саадаҕы илдьэ сылдьыы, туттуу быраабылаларын тутуһуҥ. Айаҥҥа турунуоххут иннинэ бултуур билиэккитин, көҥүллүүр докумуоннаргытын бэрэбиэркэлэниҥ.
Россия ИДЬМ Амма оройуонунааҕы салаатын бастааҥҥы силиэстийэ группата.