Амма Болугуругар Күллэки учаастагар саха ынахтара кыстаан турбуттара түөрт сыл буолла. Быйыл бэһис сылларыгар барыахтара. Дьэ быйылгы кыстыктара кинилэргэ үтүө буолар чинчилээх. Ол курдук СӨ “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтэ аныгылыы матырыйаалынан оҥоһуллубут бэртээхэй хотону туттаран бүтэрэн эрэр. Тутууну “Навигатор” диэн тутуу тэрилтэтэ тута сылдьар.
“Биһиги бу хотону тутууга инвестор буолабыт. Ол эбэтэр бэйэбит суоппутугар тутан биэрэбит. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ атыылаһан ылыахтаах. Маннык типтээх бу үһүс хотоммут буолар. Александр Еремеевич Артемьев дириэктэрдээх “Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтин кытта үлэлэспиппит балайда буолла. Хотон сэндвич-панелинэн тутуллар. Сотору, нэдиэлэ курдугунан көҥдөйө бүтүө. Дьэ ол кэнниттэн иһигэр киирэн, уотун-күөһүн, уутун-хаарын оҥоруохпут”, — диэн тутуу тэрилтэтин салайааччыта Павел Филиппов этэр.
“Навигатор” тэрилтэ Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар. Тутууга уопуттаахтара үлэлии сылдьалларыттан көстөр. Уолаттар бэрт үөрүйэхтик туттан-хаптан, сэндвич-панеллары тимир каркаска туттаран иһэллэр. Хотон уһуна 72 миэтэрэ, онтон кэтитэ 10 миэтэрэ буолар эбит. Аны туран хочуолунайдаммат, сүөһүлэр бэйэлэрин сылаастарынан сылытыллар эбит. Павел Егорович бэлиэтээбитинэн, өссө итии буолар эбит. 120 төбөҕө диэн эбит да, “ол улахан боруодаларга анаммыт бырайыакка буоллаҕа дии. Онтон саха сүөһүтэ кыра буоллаҕа. Онон хайа баҕарар 150 да төбө киириэн сөп” диэн этэр. Атын саҥа киирэр комплекстартан атына диэн, ноһуому таһаарыы механизацията суох. Учаастак хаһаайына Трофим Окороков хотоно бүтэрин дьэ кэтэһэр. Сотору сүөһүлэр сайылыктарыттан киирэн, саҥа хотоҥҥо тута киириэхтэрэ. Эргэлэрэ олох хаарбах туруктанан, сууллар кутталлаах. Билигин үрдэ ыһыллан турар. Онон дьэ сүөһүлэрэ киэҥ-куоҥ, этэргэ диэри сырдык-ыраас хотоҥҥо киирэллэриттэн сэмээр үөрэр.Кыһалҕата быһаарыллан олоххо киирэн эрэриттэн астынарын биллэрэр. Саҥа эбийиэк үөрүүлээх арыллыыта сэтинньи ыйга буолуоҕа.
“Амма олоҕо” хаһыат