Сахалыы оонньууну оҕолор сэргээтилэр

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн Амма лиссиэйигэр 5-7 уонна алын кылаас 2-4 кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар сахалыы өркөн өйү тургутан көрөр квиз-оонньуу ыытылынна. 6-лыы киһилээх хамаанда туруоран, 5 тохтобулунан кылаастар күөн көрүстүлэр.

Түмүккэ орто сүһүөхтэргэ 1 миэстэни 7 «а» кылаас, 2 миэстэни 7 «б» кылаас, 3 миэстэни 5 «б» кылаас хамаандалара ыллыллар.

Оттон алын кылаастар икки ардыларыгар 1 миэстэҕэ 2 «а», 2 «б», 2 миэстэҕэ 4 «а», 3 «б» уонна 3 миэстэҕэ 3 «а», 4 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ тигистилэр.

Сахалыы төрүт тылынан ыытыллыбыт квиз оонньууну оҕолор олус сэргээтилэр, үгүһү-элбэҕи билэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше