Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын киинэ бэйэтин быйылгы, 94-с сезонун “Чаҕыл түгэн” диэн бырайыагынан аста. Көрөөччүлэр күннэтэ эппиэттээх үлэҕэ түбүгүрэ сылдьар салайааччылар талааннарын сөҕө, ытыстарын тыаһын харыстаабатылар.
Амма улууһун бары култуураларын киинэ быйылгы сезоннарын араас тиэмэлэринэн олус сэргэхтик саҕалаатылар. Хайа да нэһилиэк бэйэтин дьонун сөхтөрөр гына тэрээһиннэрин ыытта. Онтон Петр Кулаковскай салайааччылаах улуус киинин норуотун айымньытын дьиэтэ хайа да тэрээһиннэрэ эмиэ сэргэхтэр, сонуннар. Быйылгы сезоннарын “Чаҕыл түгэн” диэн ааттаан улуус салайааччыларын кытыннардылар, күннээҕи түбүктэрин кыратык да буоллар умуннара түстүлэр. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ манна барыта күүстээх аҥардар кытыннылар. Дьоро киэһэни Дьокуускайтан анаан-минээн ыҥырыллан, Сахабыт эстрадатын биир чаҕылхай сулуһа Айгылаан кэлэн ыытта, ырыатын-тойугун бэлэхтээтэ. Көрөөччүлэр Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, үөрэх управлениетын салайааччыта Юрий Шишигин, култуура уонна норуот айымньытын управлениетын салайааччыта Иван Иванов, В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Ларионов, спорт уонна физическэй култуура управлениетын салайааччыта Дмитрий Наумов уонна да атын салайааччылар сценаҕа тахсыыларын уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр.
“Тэрээһини олус сөбүлээтим, 94-с уус-уран айымньылаах үлэ сезонун Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин кэлэктиибэ сүрдээх сонуннук, умнуллубаттык, чаҕылхайдык астылар. Ааттыын даҕаны «Чаҕыл түгэн» киэһэтэ буолла. Норуоттар Сомоҕолоһууларын күнүгэр, «Искусство түүнүгэр» («Ночь искусств») бырайыакка да барытыгар сөп түбэһэр музыкальнай бырайыак тэриллибитэ наһаа оруннаах буолла. Кыттааччылар бары бэйэбит эдэр кэскиллээх салайааччыларбыт, эр дьоммут, бары түбүктээх үлэлэрин быыһыгар бириэмэ аттарынан бэлэмнэнэн кыттыбыттара барыбытын үөртэ, долгутта. Наһаа да талааннаах, бары өттүнэн дэгиттэр салайааччылар үүнэн тахсыбыттар диэтим. Ырыалара, үҥкүүлэрэ, саҥалара- иҥэлэрэ, тутта-xапта сылдьаллара үрдүк культураларын, киһилии майгыларын сыана тута көрдөрөр. Сыана бэйэтэ туспа кистэлэҥнээх, кини «лакмусовай кумааҕы» курдук киһини ытыска ууран биэрэр”, — диэн улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова санаатын үллэстэр.
Кэнсиэр түгэннэриттэн Ф. Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин ютуб каналыгар көрөн сэргээҥ.
«Амма олоҕо» хаһыат