"Тыл культурата тыл сайдыытын үтүө үгэстэрин, бастыҥ холобурдарын тутуһар. Норуот культуратын бүттүүнүн сайдыыта тыл культуратын доҕуһуолланыахтаах: олох сайдыытыгар сабыдыаллыыр буоллаҕына тыл байар уонна культурата үүнэр". Гаврил Филиппов.
Тыл иччилээх диэн өйдөбүл өбүгэ саҕаттан үгэс, итэҕэл быһыытынан бу аныгы кэмҥэ диэри тиийэн кэллэ. «Киһи тыла – ох» диэн өбүгэ өһүн хоһооно мээнэ этиллибэтэх буолуохтаах, билигин дьон бу ох тыл суолтатын умна быһыытыйдылар. Киһи айылҕа оҕото (Саха киһитэ бэйэтин айылҕа оҕотобун дэнэр) айылҕа курдук кэбирэх, айылҕа курдук уйан майгылаах ону умнар сатаммат. Саха омуга үөрбүтүн, хомойбутун иһигэр тутар сэмэй майгылаах, ол гынан баран аныгы киһи сиэринэн санаатын аһаҕастык этэр, ис туругун биллэрэр.
Тыл киһиэхэ хайдах тиийэн киһи санаатын уларытара барыта туох суолталаах тыл буоларыттан уонна хайдах, киминэн этиллибититтэн олус улахан тутулуктаах. Ханнык баҕарар тылга мара тыл-өс баар. Сахаларга «Тириитин таһынан киирэр» диэн этии баар. Тыл дорҕооннорун охсуулара киһи өйүгэр-мэйиитигэр киирэн бэйэтигэр сөптөөх доргуйуулары, хамсааһыннары таһаарар уратылаахтар. Ол иһин үчүгэйдик иһиллибэт буоланнар эйэлээх сыһыаҥҥа мэһэйи оҥороллор. Этиллибит тыл суолтата киһи өйүгэ-санаатыгар түһэн, иҥэн киһи санаатын уларытар кыахтааҕа – ол тыл күүһэ буолар. Киһи буолан баран сөбүлэспэт, кыыһырсар, иирсэр, хомуруйар, сиилэһэр-хоһулаһар, үөхсэр даҕаны түгэнэ баар буолар. Куруубай, хадаар, үөхсүү тыл киһи санаатын алдьатар, дьоһунун түһэрэр. Киһи кыыһырсыытын, өйдөспөт буолуутун киэҥ көҕүстээх (ордук саха киһитэ) холку майгылаах буолан аһарыахтаах. Кыыһырбыт уоҕу аһарыы бэйэтэ эмиэ майгы биир туспа көстүүтэ. Ыгылыйбычча, кыыһырбычча чугас киһигин үөҕэн, куһаҕан тылынан саҥаран хомотуу, сыыһа быһыыланыы, бэйэмсэх буолууну көрдөрүү буолар. Онтон оннук түгэнтэн киһи бэйэтин эйгэтин харыстаан, ырааска сылдьа сатаан тумна сатыахтыахтаах. Дьон иирсээни күөдьүтэн, эбэтэр буойбакка туора хааман барыы киһи суобаһын оонньотуохтаах, иирсээни тохтото, аралдьыта, умуннара сатыыр майгыны баһылыахтаах. Сыыһа-халты, мээнэ тыллаах буолуу киһи культурата намыһаҕын, иитиитэ мөлтөҕүн, майгыта куһаҕанын ыйар. Маннык киһи тулалыыр эйгэҕэ, бэйэтин олоҕор хараҥа түгэннэри үксэтэн биэрэр.
Киһи бэйэтэ саҥарар куһаҕан тыллара кини өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ дьайар. Хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ иҥэрэн үөрэппит үчүгэй уонна куһаҕан быһыылара диэн өйдөбүллэр иҥэн сылдьаллар. Бу өйдөбүллэр оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэн, үгэс буолбут буоллахтарына, киһи өйүттэн-санаатыттан хаһан да олоҕун ханнык да кэмнэригэр умнуллан хаалбаттар. Олох ыарахан кэмнэригэр үтүө, аһыныгас майгыга үөрэммит оҕолор улааттахтарына ордук аһыныгас, харыстас майгылара күүһүрэр.
Киһи бэйэтин саҥатын истэн эмиэ үөрэнэр, үгэс оҥостор дьоҕурдааҕын «Куһаҕан тыллары тыллаһыма» диэн үөрэтэр этии баара бигэргэтэр. Кыра оҕо «өлөрүөм, быһыам» дии-дии сүүрэкэлии сылдьар буоллаҕына, ити этэр тыла өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэн ууруллан иһэр. Ол олоҕун ыарахан, соһуччу түгэннэригэр эмискэ өйүгэр түһэн кэлэн толоруллан хаалыан сөптөөх дьайыы буоларын туһунан уйулҕа үөрэхтээхтэрэ дакаастаан тураллар. Кыра оҕону бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ охсуһарга, этиһэргэ, алдьатарга, былдьаһарга, куһаҕан тыллары тыллаһарга үөрэппэт буолуу, кини киһилии майгылаах буола улаатарын хааччыйар биир сүрүн ирдэбил буолар. Тыл культуратыгар оҕону үөрэтии оҕо ийэ иһигэр үөскүөҕүттэн саҕаланыахтаах, кэрэни кэрэхсииргэ, холку куолаһы хайгыырга, үөрбүтү-хомойбуту биллэрэри сатыырга иитиллиэхтээх. Оҕо бодоруһан, саастыылаахтарын кытта сыһыана сайдар кэмигэр саха тылын ийэ сүмэһинин сатаан туттар, туһанар буолуохтаах. Саҥарар тылын суолтатын өйдөөн, этэр этиитин сөпкө толкуйдаан саҥарарга дьулуһуохтаах. Аҥардас сарсыарда улахан киһини, эбэтэр доҕорун көрсөөт дорооболоһуута (доруобуйаны баҕарыыта) бу оҕо иитиитин көрдөрөр, бу аптаах тылы сөпкө туһаныы, тыл саҥарыллыытын интонациятын сөпкө туттан саҥарыы туһуламмыт киһиэхэ сырдыгы саҕар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин омугун тылын, культуратын билиэхтээх, оччоҕуна эрэ атын омук тылын, культуратын ылынар киһи буола улаатар. Биллиилээх педагог Константин Ушинскай: «Иитии киһи аймаҕы, норуоту, кини тылын кытары бииргэ үөскээбитэ. Төрүт тыл – народнай педагог», — диэн этиитэ тыл хайа да омукка иитии сүнньэ буолар диэн халбаҥа суох түмүк санааны үөскэтэр.
Дьон бэйэ-бэйэтигэр сыһыаныгар истиҥ-иһирэх тыл иһиллиитэ аҕыйаата. Билигин, бэл, сорох төрөппүт оҕотун ымманыйа таптаан истиҥник-иһирэхтик ыҥырбат, ааттаабат. Эгэ туора дьон оҕону сүргэтин көтөҕөр, алы гынар, ымманьытар, үөрдэр-көтүтэр, көнньүөрдэр тылы дэлэччи туттуохпут дуо? Тоҕо сатамматый күннээҕи саҥарар тылбытыгар: бырастыы гын, кыһалла сатаа кытаатан, этэҥҥэ буол, хомойума-хоргутума, баалаама, хом санаама, уоскуй, намыраа, барҕа махтал, махталы кытта, санааҕар тутума, алҕас саҥардым, аҕыннахпыан, күүтүөхпүт, сэргэхсий, ахтыахпыт-суохтуохпут, атаахтатар тыллар: доҕоор, сэгээр, үөлээннээҕим, барахсаныам, оҕоккоом, чыычааҕыам, көмүсчэйим, далбарайым уо.д.а. киһи майгытын бэлиэтиир, кэрэ эйгэлээх, сылаас-иһирэх тыллары туттарбыт. Тыл киһи сиэрэ-майгыта сайдыытыгар улахан сабыдыаллаах. Киһи киһиэхэ үчүгэйи баҕарыытын, атын киһи ситиһиититтэн ордук үөрүүтүн көрдөрөр, бэлиэтиир тыллары туттар буоллахха тустаах киһи киһилии сиэрэ тупсара биллэр, онтон туттубат буолуу майгы-сигили тутахсыйыытыгар тиэрдэр. Сиэр-майгы, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан уларыйыыта хас биирдии киһи иитиититтэн, культуратыттан, сайдыытыттан тутулуктаах буолар.
Аҥардас тыл күүһэ киһини сороҕор «уон харыс уһатыан, үрдэтиэн» арыт «сэттэ харыс сиҥнэриэн, хаҥыннарыан» сөп. Тыл киһини кубарытар, кытардар, сүрэҕин тэбиитин эмискэ күүһүрдэр, түргэтэтэр, хаанын баттааһынын үрдэтэр, тымныы көлөһүнүнэн бүрүннэрэр уо.д.а. араас иэйиилэри үөскэтэр кыахтаах. Саха дьоно «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилээхтэр. Киһи санаатын уурдаҕына ханнык баҕарар дьыаланы оннуттан хамсатара санаа, киһи санаата баһылаан, уруттаан иһэр оруолун быһаарар. Ханнык баҕарар дьыаланы кыайарга аан маҥнай санааҕа хотуохха, кыайыахха наада.
Тыл бэйэтигэр иҥэн сылдьар күүстээх ону сатаан туттар буолуу, дьон-сэргэ барыта үрдүк культуралаах, киһи бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык, эйэҕэстик, элэккэйдик сыһыаннаһыыта, үтүө баҕа санааларын атастаһыылара, сымнаҕастык бэйэ-бэйэҕэ санааны көтөҕүүлээхтик кэпсэтиилэрэ – барыта киһи чэгиэн-чэбдик буолуутугар, өйө-санаата сайдыытыгар, олоҕо дьоллоох-соргулаах, уһун үйэлээх буолуутугар сүҥкэн суолталаахтар. Төрүт культура этэринэн, саха омуга – холку киэҥ көҕүстээх, уһуну-киэҥи ыраҥалаан көрөр, сырдыгы ыралыыр сиэрдээх, майгылаах.
«Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ!» диэн бэргэн этии билиҥҥи киһи майгыта сырдыкка, кэрэҕэ дьулуһуутун ыҥырыыта буоллун! Бэлэхтиэҕиҥ бэйэ-бэйэбитигэр истиҥ тыллары, эйэҕэс мичээри, иһирэх санааны!
- Феврония ДАНИЛОВА,
- О.П. Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы.