Саргылана Рожина: “Көҕө суох дьонноох судаарыстыба өнүйбэт, инникитэ суох”

Улуус биир иннигэр уктар урбаанньыта Саргылана Рожина бөлүүн түүн үлэтин сырыытынан Дьокуускайтан кэлээт, бүгүн сарсыарда Амматааҕы 46 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка тиэтэйдэ. Кини “Конституционнай бырааппын туһанан санаабын этэр биир түгэни хайдах мүлчү тутуохпунуй?” диэн бигэ санаалаах. “Белые ангелы” патронажнай хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, “Мэҥкэр” дьиэ кэргэн ферматын төрүттээччи, быйылгы Үлэ сылын лауреата  Саргылана Афанасьевналыын кэпсэтиибит кини маҥнайгы быыбарын туһунан ахтыыттан саҕаланна.

-Оччолорго Дьокуускайдааҕы мэдисиинэ училищетыгар 9 кылаас кэнниттэн сүүмэрдииллэрэ. Онон 14 саастаахпар Дьокуускайга үөрэнэ киирбитим. Сокуоннай сааспын ситэн быыбардыыр бырааптаммыт сылбар маҥнай куоластааччыларга сакалаат игин бэлэх ууммуттара олох өйбөр хатанан хаалбыт. Ол кэмтэн ыла быыбар миэхэ ытык иэһи толоруу эрэ курдук буолбакка, бырааһынньыкка холоонноох. Хас биирдии киһи олоххо актыыбынай позициялаах буолуохтаах дии саныыбын. “Мин соҕотох куолаһым тугу быһаарыай?” диэн саныыр дьон олох сыыһаллар. Хас биирдии киһи санаата сыаналаах, ыйааһыннаах. Кып-кыра хаар кыырпахтара холбостохторуна улахан халҕаһа үөскүүрүн тэҥэ буоллаҕа. Быыбардыыр учаастакка кэлэммит биһиги судаарыстыбабыт инники сайдыытыгар кылааппытын киллэрэбит. Кини инники сайдыытын түстүүбүт. Олохтоохторугар, нэһилиэнньэтигэр быыбардыыр кыаҕы биэрбэт, көҕө суох дьонноох Дойду – инникитэ суох, оннук судаарыстыба сайдыбат. Мин оҕолорбун эмиэ оннук санааҕа иитэбин. Ол иһин үлэлиир, үөрэнэр сирдэригэр биир бастакынан баран куоластааччылар, биир даҕаны быыбары көтүппэттэр. Бэйэбит эрэ буолбакка, оҕолорбут инникилэрин түстүүр түгэни болҕомтото суох хаалларарбыт хайдах даҕаны табыллыбат.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше