Сатаҕай кырачааннара кэрэни кытта билистилэр

Сатаҕайга Арассыыйаҕа  Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Амма улууһугар Олоҥхо сылынан уонна “Рисуем все” бырайыак чэрчитинэн “Киистэ кэпсээнэ” диэн уруһуй десана кэлэн кырачаан олохтоохтору кэрэни кытта билиһиннэрдэ. Десант састаабыгар Аммабыт улууһун киэн туттар худуоһунньуга Николай Рязанскай кэргэнинээн Екатерина Филипповналыын,  ону сэргэ Сулҕаччы нэһилиэгин “Чычып-чаап” уһуйаанын иитээччилэрэ Анна Баишева, Роксана Стручкова  бааллар.


Аахсыйа  тэрийээччилэрэ улуустааҕы үөрэх управленията, Сулҕаччытааҕы “Чычып-чаап” уһуйаан, Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалта буолаллар. Аахсыйа Амма улууһугар айанын Сатаҕай нэһилиэгин Д.Г.Готовцева аатынан оҕону сайыннарар киинтэн саҕаланна. Десант сүрүн сыалынан  оҕону худуоһунньук хартыыналарын нөҥүө патриотическай өйгө-санааҕа, сиэрдээх буолууга иитии буолар. Николай Рязанскай  уруһуйдаабыт хартыыналарын кэпсээбитин оҕолор олус диэн интэриэһиргээн чуумпуран иһиттилэр.

Өссө бу хартыыналара куйаар кодтааҕын туһунан “Чычып-чаап” уһуйаан иитээччилэрэ билиһиннэрдилэр уонна худуоһунньук хартыыналарынан оҥоһуллубут остуол оонньууларын оонньоппуттарын, оҕолорбут бэркэ сөбүлээтилэр, сэҥээрдилэр. Биһиги иитиллээччилэрбит  “Киистэ кэпсээнэ” диэн ойуулартан хоһоон ааҕан, кэпсээн кэпсээн иһитиннэрдилэр. Онтон “Рисуем все” диэн бырайыак  чэрчитинэн иитиллээччилэрбит, төрөппүттэрбит, үлэһиттэрбит уруһуйдарынан тэриллибит быыстапкабытын көрдүлэр. Николай Николаевич уруһуйдары көрөн бэйэтин санаатын, көрүүтүн эттэ. Ити курдук наһаа үчүгэй истиҥ көрсүһүү буолла диэн акцияны тэрийээччилэр ис-санааларын үллэһиннилэр.

Анна ИЛЬИНА

Читайте дальше