Сатаҕай оскуолата сыл арыллыытын сэргэхтик арыйдылар

Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын үлэһиттэрэ, төрөппүттэрэ уонна үөрэнээччилэрэ үүммүт сылы үөрүүлээхтик астылар.


2024 сыл бэлиэлэрин арыйар үөрүүлээх тэрээһин дойдубут өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Үүммүт саҥа сыл Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ-кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Биллэрин курдук, дьиэ-кэргэн уопсастыба туллар тутааҕа, кини сорҕото. Дьиэ-кэргэн бөҕө тутуллаах, байылыат олохтоох буоллаҕына, судаарыстыба эмиэ бөҕөргүүр, сайдар, бигэ туруктаах буолар. Онтон  дьиэ -кэргэн туллар тутааҕа, алаһа дьиэ араҥаччыта –Ийэ барахсан. Ийэ баарын тухары ийэ сирбит чэлгийэр, ийэ баарын тухары дьоллоох олох түстэнэр. Биһиги бөһүөлэкпит элбэх герой Ийэлэринэн биллэр нэһилиэк.  Кинилэр элбэх оҕону төрөтөн, иитэн дьоһуннаах олоҕу биэрбит ытык ийэлэр буолаллар. Бу үүммүт дьиэ-кэргэн сылынан Герой ийэ Феврония Федотовна Никитина олус үөрэн долгуйан туран эҕэрдэтин эттэ уонна бу дьоллоох оҕо сааска оҕолор үөрэхтэригэр кыһаллан үөрэхтээх үлэһит дьон буолан тахсалларыгар баҕатын тириэртэ.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сыла биллэриллибитэ. Биһиги оскуолабыт манна ураты болҕомтотун уурарын биллэрэн, кэнчээри ыччаппыт инники сайдыытыгар үгүс үлэни былаанныырын биллэрдэ уонна “Оҕо саас диэн саамай үчүгэй кэм. Киһи саамай  сайдар, үчүгэйгэ, сырдыкка талаһар кэмэ, онон быйылгы сыл тэрээһиннэрэ олус интэриэһинэй көрсүһүүлэри, айаннары, үгүс үөрүүлэри тосхойуо”-диэн оскуола үөрэх салаатыгар дириэктэри солбуйааччы Надежда Адамова мустубут дьоҥҥо туһаайан эттэ.

Онтон Аммабыт улууһугар быйылгы сыл Олоҥхо сылынан түстэммитэ. Онон Олонхо  сылын бэлиэтээн кыра кылаас үөрэнээччилэрэ “Тураҕас кугас аттаах Тойон Дьулустаан бухатыыр” олоҥхону бэркэ толордулар.

Кыһыл хаалтыстаах, горн, барабаан ньиргиэрдээх пионерскай сбордар, кутаа тула түмсүүлэр умнуллубаттар, өйгө-санааҕа үтүө өйдөбүл буолан хатанан сылдьаллар. Бу үүммүт сылга Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ тэриллибитэ 100 сааһын бэлиэтиибит. Сатаҕай оскуолатыгар   уһун сылларга  методист баһаатайынан  үрдүк таһаарыылаахтык  үлэлээбит    Анастасия Николаевна Лукина уос номоҕор сылдьар Улуу Москуба куораттан наҕараадалаах пионер баһаатай Дягилева Мария Ивановна туһунан иһирэхтик санаан ылла уонна оччотооҕу кэмҥэ бу кыра дэриэбинэттэн биэс оҕо “Артек” лааҕырга сынньаммыттарын, кэлин “Океан”, “Орленок” лааҕырдары санаан кылгас ахтыыны оҥордо, төлөннөөх эҕэрдэтин эттэ уонна  “Мин төһө даҕаны сынньалаҥҥа олордорбун оскуолам олоҕун истэ-билэ олоробун, оҕолор эһиги  кыайыыларгытыттан олус үөрэбин, эһиги ситиһиилэргитинэн эдэрбэр түһэбин” –диэн истиҥ иһирэх санаатын тириэртэ.

Бу бэлиэ күнү көрсө өссө  биһиги оскуолабытыгар «Битва хоров» күрэх үһүс төгүлүн ыытылынна. Маннык күрэх төрөппүтү, оҕону, оскуоланы, нэһилиэк олохтоохторун  түмэр сыаллаах ыытыллар. Кыттааччылар үс бөлөххө арахсан пионерскай ырыалары толордулар.

 

Күрэх дьүүллүүр сүбэтинэн бэтэрээн учуутал Анастасия Лукина, «Дьүрүһүй» народнай ансаамбыл ырыаһыта Елена Скрябина, Д.Г.Готовцева аатынан оҕону сайыннарар киин уус-уран салайааччыта Елена Федорова үлэлээтилэр. Түмүккэ  үһүс хамаанда кыайыылааҕынан тахсан Кубогынан наҕараадаланна.

Христина СКРЯБИНА

 

 

 

 

Читайте дальше