Сатаҕай үөрэнээччилэрэ «Туос мааскы» дипломаннара буоллулар

Майатааҕы Д.Ф. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр оҕо-аймах муһунна. Саха сиригэр Оҕо саас, култуура эйгэтигэр оҕо театральнай искусствотын сылларыгар аналлаах 25-с төгүлүн ыытыллар “Туос мааскы” аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи театральнай бэстибээл буолла.


Бэстибээлгэ  Өймөкөөн, Сунтаар, Ньурба,Томпо, Нам, Уус-Алдан, Чурапчы, Хаҥалас, Амма,  Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кэлэн  икки күн устата элбэх оҕо мустан тыйаатыр сырдык уораҕайыгар  испиктээкиллэри көрдөрдүлэр. Бэстибээл бастакы күнүгэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор уонна оскуола алын кылаас үөрэнээччилэрэ, иккис күнүгэр 18 оскуола үөрэнээччилэрин театральнай кэлэктииптэрэ 2 бөлөххө арахсан, артыыс оруолун толороннор бииртэн биир үчүгэй испиктээкиллэри  үрдүк сценаҕа көрдөрөн көрөөччү биһирэбилин ыллылар. “Туос Мааскы” бэстибээл-куонкурус дьүүллүүр сүбэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан Майатааҕы народнай тыйаатыр режиссера, СӨ култууратын туйгуна Данил Осипов, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Саха сирин норуодунай тыйаатырдар куратордара, СӨ култууратын туйгуна Алексей Захаров, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин “Геокультурнай сайдыы института” судаарыстыбаннай тэрилтэ сүрүннүүр исписэлииһэ, РФ театральнай деятеллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылаана Адамова үлэлээтилэр. Бэстибээл олус тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымҥа ааспытын кэлбит салайааччылар бары махтанан тылларын эттилэр.

Театр волонтердара, үлэһиттэрэ олус истиҥник көрсөн, ыйан-кэрдэн, көмөлөһөн, түргэн-тарҕан туттунуулара астыннарда. Испэктээк кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ тутатына салайааччылары кэпсэтиигэ ыҥыран, туох итэҕэс-быһаҕас баарын этэн, сүбэ-ама бөҕөтүн биэрдэ, туһалаах ырытыыны оҥордо. Чахчы даҕаны, үрдүк таһымнаах профессионаллар сүбэлэрэ элбэҕи биэрдэ. Видеограф үлэтин олуһун сэҥээрдибит.  Ол курдук уста охсон улахан тэлэбиисэринэн  тэрээһин көстө турара астыннарда.
Орто бөлөххө барыта 16 испэктээк көһүннэ. Балаһыанньанан испэктээк кылгаһа 15 мүнүүтэ, уһуна 30 мүнүүтэ буолуохтаах. Бары театральнай кэлэктииптэр таҥастара-саптара үчүгэйэ сөхтөрдө, биллэн туран норуодунай театрдаах нэһилиэктэр улахан таһымнаахтара көрүөхтэн үчүгэй.

Биһиги  “Дьиктилээх эйгэ” диэн театральнай кэллэктииппит норуот тапталлаах суруйааччыта Василий Яковлев-Эрилик Эристиин “Хачыгыр”кэпсээниттэн быһа тардан туруордубут. Хачыгыр оруолун 6 кылаас үөрэнээччитэ Айаал Лукин  бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоото, олус кырыктаах Кэччэгэй Кэтэриинэни 8 кылаас үөрэнээччитэ Валерия Никитина кыайда, Күтүр Көстөкүүнү 7 кылаас үөрэнээччитэ Баир Артемьев бэркэ толордо, Бачыгаратар Баһылай оруолун 6 кылаас үөрэнээччитэ Алеша Попов оонньоон жюри хайҕабылын ылла, Тоттук уолу 6 кылаас үөрэнээччитэ Юра Лукин кыһаллан арыйда, Айгылла хамначчыты 7 кылаас үөрэнээччитэ Саша Яковлев олус үчүгэйдик оонньоото.

Ол түмүгэр бэстибээл lll истиэпэннэх дипломана  буолан үөрдүбүт. Салайааччылар Ольга Никитина, Христина Скрябина артыыстары бэлэмнээн бу маннык улахан испэктээк  көрүү бэстибээлигэр кыттыбыппытыттан үөрэн, астынан кэллибит, элбэҕи биллибит, үөрэннибит.

Христина СКРЯБИНА

Читайте дальше