СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө бүгүн Сатаҕай нэһилиэгэр сырытта. Отчуоттуур бөлөҕү СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ, улуус куратора Нюргуна Соколова салайда. Олунньу 14-16 күннэригэр Сатаҕайга отчуот ыытыллыбатаҕа. Ол гынан баран хайаатар да олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсөр сыаллаах ситэриилээх былаас чилиэннэрэ кэлэн ыытыллыбыт үлэни кэпсээтилэр, боппуруостарга эппиэттээтилэр. Ону таһынан Нюргуна Афанасьевна үөрэх миниистирэ буоларынан олохтоох уһуйааны уонна оскуоланы көрдө.
Миниистири оскуолаҕа дириэктэр Иванна Шишигина көрсөн барытын көрдөрөн, хас биирдии кылааһынан, кабинеттарынан сырытыннаран билиһиннэрдэ, ситиһиилэрин, турар кыһалҕаларын сырдатта. Оскуолаҕа төһө да эбиэт кэнниттэн буоллар,эбии бэлэмнэниилэр бара турар буоланнар, үөрэнээччилэр бааллар эбит. Онон Нюргуна Афанасьевна үөрэнээччилэри да, учууталлары да кытта кэпсэттэ.
Отчуотка сатаҕайдар хаһан да буоларын курдук бэрт көхтөөхтүк кэлбиттэр. Мунньаҕы боротокуоллааччы аахпытынан 57 киһи кэлэн отчуоту иһиттэ. Ол гынан бу сырыыга барыта өйдөнөр буолан дуу, барыларын туһугар санаатын тириэрдэр Иосиф Никитин этиллэри этэн кэбиһэн дуу, тыл этээччи суох буолла. Боппуруостар да кэмчилэр. Онон отчуоту бэлиэтэммит блокноппар суруйуум үс илиискэ эрэ батта. Ити гынан сатаҕайдар саамай тыын боппуруостарын ситэриилээх былааска тириэртилэр. Ол курдук биллэн туран кинилэр саамай туруорсар туруорсуулара саҥа оскуола тутуута. 1971 сыллаахха тутуллубут оскуола эргэрэн, чахчы да саҥардыллар кэмэ кэллэҕэ. Манна улуус салалтата тутуу инвестбюджеткэ хаһан киирэрин кэтэспэккэ, сирин-уотун боппуруоһун быһаарсан, бырайыактыыр үлэлэри саҕалаан оскуола тутуутун боппуруоһа биир сиргэ турбат. Бу туһунан миниистир Нюргуна Афанасьевна бэлиэтээн эттэ. Кини Амма улууһугар оскуолалар, уһуйааннар да тутуулара барыта бэрээдэктэнэн, чопчуланан турар. Атын улуустарга оннук буолбатах. Онон бу өртүгэр аммалары куруутун холобурга тутабын диэн эттэ. Кини оскуоланы көрөн, олус таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлии турар оскуола эбит диэн бэйэтинэн көрдө уонна саҥа оскуоланы тутуу боппуруоһунан ыкса салалтаны кытта үлэлэһэбит диэн эттэ. Отчуотка төрөппүт кэмитиэтин чилиэнэ Саргылана Иванова төрөппүттэр ааттарыттан оскуола тутуутун туруорсар суругун туттарбытын, хайаатар да манна эппиэт кэлиэҕэ диэн эттэ.
Сатаҕай нэһилиэгэ биир сыллата туруорсар боппуруоһунан Бүтэйдээххэ тиийэр суол буолар. Манна санаатын эппит ОДьКХ бэтэрээнэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо Иосиф Никитин муҥ саатар бу суолу сайылыкка тиийэр гына оҥоруҥ. Оччоҕо сайынын үүт таһыытыгар игин харгыстар үөскүө суох этилэр, стратегическай суолталаах суол курдук көрөн олох болҕомтолорун ууралларыгар эттэ. Аны биир суол долгутар боппуруос – ыраас уу. Ол курдук сатаҕайдар хайа да улуус нэһилиэктэринээҕэр ордон, сиртэн тахсар ууну туһанан олорбуттара ыраатта. Хаһаайкалар сир анныттан кэлэр ууну хайа баҕарар дьиэлэригэр кыраанынан ылан таҥас да сууйаллар, оҕуруоттарыгар да тутталлар. Ол гынан баран бу уу хаачыстыбатын боппуруоһа долгутар. Бу туһунан олохтоох Николай Адамов ыйытта. Маныаха “СӨ ОдьКХ” ГУП производственнай –техническэй управлениетын начальнига Павел Емельянов алтаннар курдук ууну ыраастыыр станция тутарга үлэлэһиҥ, федеральнай бырагыраамаҕа киирсиҥ диэн эттэ. Маныаха өр сылларга ОДьКХ Сатаҕайдааҕы учаастагын начальнигынан үлэлээбит Иосиф Никитин, скважинаттан ууну ылбыттара ырааппытын, онон манна фильтр туруорарга туруоруста. Гаастааһын да боппуруоһа бу сырыыга умнууга хаалбата. Хаһан кэлиэй диэн быһаччы ыйытыыга эппиэт да быһаччы буолла. СӨ промышленноска уонна геологияҕа министиэристибэтин промышленность Департаменын салайааччытын солбуйааччы Михаил Винокуров эппиэти биэрбитинэн, быйыл бырайыактааһына бүтэн, икки сылынан күөх төлөн кэлиэ диэн буолла. Сатаҕайдар маны сэргэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэм хайдах баран иһэрий диэн ыйытыыларыгар баһылык Степан Кузьмин бэрт сиһилии эппиэттээтэ. Ону сэргэ кини олохтоохторго Ил Дархан Айсен Николаев кэлэ сылдьыытын туһунан сырдаппытын бэркэ сэргээн иһиттилэр.
Отчуот кэнниттэн Нюргуна Соколова уһуйааны баран көрдө. Үлэһиттэри кытта көрсөн, кэлэктиип сэргэхтик үлэлии олорорун хайҕаата. Оскуола тутуллар түгэнигэр уһуйаан онно эмиэ киирэн, биир тутуунан нэһилиэккэ икки социальнай эбийиэк боппуруостара быһаарыллар кыахтаахтарын бэлиэтээтэ.
Ити курдук улууспут биир кырыы сытар нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэбит Бырабыыталыстыбатынан болҕомтоҕо ылыллан, олохтоохтор астынан, сүҥкэн үлэ ыытыллыбытын, сайдыы барарын бэлиэтээн туран, биһирииллэрин биллэрдилэр.
“Амма олоҕо” хаһыат