Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Сатаҕай нэһилиэгин ыһыахтыыр түһүлгэтигэр субуотунньук тэрилиннэ. Бу күн тэрилтэлэртэн эр дьон мустаннар, нэһилиэк бэтэрээннэрэ, ыччаттар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр охтубут буойуттары кэриэстээн, кинилэргэ ытыктабыл бэлиэтинэн хатыҥ мастары олортулар. Элбэх киһи айылҕаҕа үөрэ-көтө тахсан, санаа атастаһан, ирэ-хоро кэпсэтэн көхтөөхтүк үлэлээтилэр.
Нэһилиэкпит бэтэрээннэрэ Любовь Романовна Гурьева, Иван Николаевич Адамов, Олег Петрович уонна Анастасия Николаевна Лукиннар үтүө дьыалаттан туора турбакка көхтөөхтүк кытыннылар.
Субуотунньук нэһилиэк дьоно кэлэн күргүөмнээхтик үлэлээбиттэрэ үөрүүлээх. Тоҕо диэтэр кинилэр олордубут мастара көннөрү көҕөрдүү эрэ буолбакка, көҥүл олох туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут саллааттарбытыгар, Кыайыы туһугар тыылга үлэлээбит дьоммутугар кэриэстэбил буолан, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө чэчирии үүнүөхтэрэ.
Мааны мастар хас сайын аайы түһүлгэбитин киэргэтэн нуоҕалдьыһыахтара, ардыгар Кыайыы ыһыаҕын санатан, өйдөбүнньүк тыыннаах туоһулара буолан оргууй суугунаһа туруохтара…
- Христина СКРЯБИНА,
- «Амма олоҕо» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, оскуола педагог-бибилэтиэкэрэ.