Муус устарга, Аан дойдутааҕы Көр-күлүү уонна тыйаатыр күннэригэр аналлаах Сэргэ-Бэс тэрилтэлэрин икки ардыларыгар «Тыйаатыр быыhын сэгэтэн» сыанка күрэҕэ буолан ааста.
Күрэх олус тэрээһиннээхтик ааста. Ол түмүгэр «Кылаан чыпчаал» — сүрүн бирииһи М.Н. Сибиряков аатынан оскуола коллектива ылыан ылла. «Дьээбэ хообо» анал ааты уһуйаан коллектива, онтон «Бэрт бэтиэхэ» анал аат хаһаайыннарынан балыыһа, ветеринария холбоһуктаах хамаандата буолла.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Мария Андреевна Дьячковская, Жанна Григорьевна Максимова, Алевтина Брониславовна Сутакова үлэлээтилэр. Манна туһаайан эттэххэ, Сэргэ-Бэстээҕи кулууп Х.Максимов аатынан Сулҕаччытааҕы культура киинин филиала буолар. Кулууп өрүү итинник, дьоҥҥо сонун, сэргэх тэрээһиннэри ыытарын хайҕыыбыт.
Елена Попова