Аан дойду кырдьаҕастарын күнүн чэрчитинэн Алтаммытыгар алтынньы 1 күнүттэн декада биллэриллэн бэрт сэргэхтик ааста. Декада чэрчитинэн нэһилиэк үтүө санаалаах таксистара Валерий Окороков уонна Алексей Васильев аҕам саастаах дьону чэпчэтиилээх бырайыаһынан Дьокуускай уонна Амма хайысхаларынан илтилэр-аҕаллылар. Олохтоох бибилэтиэкэ нууччалыы-сахалыы ааҕар кинигэлэри, сурунааллары наардаан баҕалаах дьоҥҥо бэлэх уунна. Нэһилиэк тэрилтэлэрэ бэтэрээн үлэһиттэригэр субуотунньуктары тэрийдилэр. Түмүктүүр тэрээһининэн «Чэйиҥ эрэ, эбээлэр!» күрэх, нэһилиэк чиэһин куруук көмүскүүр актыбыыс дьоммутугар наҕараадалары туттарыы, үбүлүөйдээх саастаахтары эҕэрдэлээһин уонна остуол тула түмсэн истиҥ сэһэргэһии, үҥкүү-битии буолла.
Эбээ күнүгэр сөп түбэспит күрэхпит нэһилиэк биэнсийэлээхтэрин түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Марина Лыткина идиэйэтинэн уустуга суох бэрт солун, сэргэх түһүмэхтэрдээх буолла. Күрэххэ уопсайа биэс эбээ кыттан хас да күн инниттэн бэлэмнэнэн, күннээҕи түбүктэн сынньанан, астынан-дуоһуйан бардылар. Ол курдук, эбэлэри билиһиннэрии кэннэ бастакы түһүмэххэ «Күһүҥҥү көстүү» диэн дьиэтээҕи сорудахха зонтигы күһүҥҥүлүү киэргэтэн аҕалан көрөөччү дьүүлүгэр таһаардылар. Иккис түһүмэх «Эдэр сааһым муодата» диэн ааттаах буолла. Эбээлэрбит аҕыйах мүнүүтэҕэ бэйэлэрин эрчимнээх кэмнэригэр түһэн ыллылар, таҥнан-симэнэн муода көрдөрдүлэр, сыана устун аргыый устан хаамтылар. Үһүс түһүмэх «Эбээ туһа киһитэ» — сууллубут таҥаһы аныгылыы куурдарга (сушилка) бириэмэҕэ ыйааһын буолла. Төрдүс түһүмэх «Имигэс эбээ» — өркөн өйдөөх, сатабыллаах төрүттэрбит айбыт оонньууларын икки өттүгэр мас уктаах ситииттэн хатыллыбыт быаны ким урут эрийэ тутарын бэрэбиэркэлээтилэр.
Түөрт түһүмэх түмүгүнэн бастакы миэстэни Раиса Адамова, иккиһи Ольга Ноева, үсүһү Анастасия Дьячковская ыллылар, кырааматалары, бириистэри туттулар. Актыыбынай кыттыы иһин сэртипикээттэринэн Елена Романова уонна Александра Окорокова бэлиэтэннилэр.
Тэрээһин чэрчитинэн бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит, саха төрүт үгэстэрин үйэтитиигэ ылсыһан үлэлэспит, 17 сыл устата Алтаннааҕы «Алгыс» дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайа тутан кэлбит, уопсастыбаннай үлэҕэ 35 сыл ыстаастаах, быйыл 70 сааһын тору-томточчу туолбут Мария Григорьевна Неустроеваҕа «Алтан нэһилиэгин киэн туттуута» бэлиэ туттарылынна. Маны сэргэ нэһилиэк чиэһин араас күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ көмүскүүр актыбыыстарбыт Ольга Ивановна Никифорова, Елена Васильевна Неустроева уо.д.а. бэлиэтэннилэр.
Аҕыйах хонуктааҕыта үбүлүөйдээх саастарын туолбут дьоммутугар Мария Григорьевна, Гаврил Егорович, Герасим Герасимович Неустроевтарга, Федор Степанович Пономаревка биэнсийэлээхтэр түмсүүлэрэ бэртээхэй сырдатынар лаампалары бэлэх ууннулар.
Итии чэйдээх, хотойорунан астаах остуол тула олорон уруккуну-хойуккуну санастылар, баҕа санааларын үллэһиннилэр, эҕэрдэ ырыалары дуоһуйа иһиттилэр, эдэр саастарыгар түһэн үҥкүүлээн имиттилэр. «Сааһырыахха син – ол биһигиттэн тутулуга суох, кырдьыахха сатаммат – ол бэйэттэн тутулуктаах» диэн бэргэн этиини тумус тутта сылдьар аҕам саастаах дьоммутунан биһиги киэн туттабыт. Киһи олоҕун хас биирдии кэмэ туспа кэрэлээх диэн санаа куруук эһигинниин аргыстастын.
Татьяна АТЛАСОВА