Бөтүҥ нэһилиэгэр аҕам саастаахтар декадалара алтынньы 13 күнүгэр диэри ыытылынна. Бу күннэргэ кинилэргэ анаммыт араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылыннылар. Онтон декаданы түмүктүүр киэһэбит олус интэриэһинэйдик ааһан, аҕам саастаахтарбыт үөрэн-көтөн, астынан бардылар.
Ол курдук, алтынньы 2-3 күннэригэр тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар анаан олохтоох балыыһа үлэһиттэрэ кыттыылаах дьиэнэн сылдьан көрүү буолла. Кинилэргэ анаан нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрин күүһүнэн улуустааҕы «Амма олоҕо» уонна өрөспүүбүлүкэ «Забота арчы» хаһыаттарга суруттарыы ыытылынна. 3-с көлүөнэ оскуола кыттыылаахтара анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан Амма нэһилиэгэр киирэн сиэткэ баайыытыгар үөрэннилэр. Дьэ онтон түмүктүүр тэрээһин С. Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинигэр ыытылынна. Манна аҕам саастаах дьон декадатын Индия истииллээх «Shakti-party» киэһэтэ буолан ааста.
Үгэс быһыытынан олохтонуллубут, нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ бары түмсэн, аҕам саастаахтарга анаан ас арааһын астаан, баай байылыат остуолу тартылар. Ытык дьоммутугар баһылык солбуйааччыта Алексей Стручков, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Тамара Давыдова үтүө тылларын анаатылар, доруобай, уһун үйэлээх буолалларыгар баҕа санааларын эттилэр. Маны сэргэ үбүлүөйдээх кырдьаҕастарга тэрилтэлэр истиҥ эҕэрдэлэрэ, сэмэй бэлэхтэрэ туттарылыннылар. Нэһилиэк «Күн Куо» ырыа ансаамбылын кэрэ куолара бииртэн биир истиҥ ырыалары бэлэхтээн тэрээһини киэргэттилэр. «Лучший индийский образ» күрэххэ 9 далбар хотун кытынна. Түмүккэ 1-кы миэстэ — Екатерина Афанасьевна Рахмонова, 2-с миэстэ — Надежда Афанасьевна Неустроева, 3-с миэстэ Тамара Федоровна Дьяконова буоллулар.
Бары кыттааччыларга өйдөбүнньүк бэлэхтэр, кыайыылаахтарга Грамоталар, сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Индия дойдутугар аналлаах фотозонаҕа дьон астына хаартыскаҕа түстүлэр. Кэлбит ыалдьыттарбыт кулууп дьиэтин иһинэн «Cinema club» киинэ салаата үлэлии турарын, туох, хайдах оборудованиелар кэлбиттэрин, кыракый видео көрөн үөрдүлэр-көттүлэр, астыннылар. Ону таһынан көрдөөх оонньуулар ыытылыннылар, истиҥ кэпсэтиилэр, иһирэх санаалар этилиннилэр. Күндү ытык-мааны дьоммут, оҕолоргут-сиэннэргит тустарыгар өссө да уһуннук олорон чэгиэн-чэбдик сылдьарыгытыгар баҕарабыт! Биэчэри тэрийсибит тэрилтэлэргэ махтал тылларын тиэрдэбит.
Марианна КЫРБАСОВА, норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ