Амматааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениета олус интэриэһинэй «Ситим» бырайыагы бэлэмнээн таһаарда. Дьэ бу туох бу туох бырайыагый, тугу сырдатарый?
Бырайыак ааптарынан управление методическай отделын сэбиэдиссэйэ, «Содружество» НКО салайааччыта Мария Марина буолар. Бырайыак сүрүн сыалынан улууспут 14 нэһилиэгин култууратын, олоҕун-дьаһаҕын, туох уратылааҕын көрдөрүү буолар. Маныаха нэһилиэктэрэгэ анал хамыһыйалар тэриллэннэр күүстээх, биир ситим үлэ барда. Ол түмүгэр биэриилэри оҥорууга нэһилиэк барыта кытынна. Үлэни, устууну култуура уонна норуот айымньытын управлениета сүрүннээтэ. Мантан аллараа «Ситим» биэриилэрин билсиҥ, улуускут нэһилиэктэрин билиҥ, төрөөбүт, олорор дойдугут туһунан олус элбэҕи билиэххит.
«Амма олоҕо» хаһыат