Амматааҕы Ф. Потапов норуот айымньытын дьиэтигэр бу сайын Олоҥхо ыһыаҕар сүрэхтэммит 1944 сыллаах ыһыах туһунан киинэ өссө төгүл көрдөрүллүннэ, өссө уратыланан көһүннэ. Киинэҕэ көстүбүт геройдар чугас дьонноро кыттыылаах олус истиҥ кэпсэтии буолла.
Киинэни хаттаан көрүүгэ, саалаҕа элбэх киһи муһунна. Солобуода 372 сааһын бэлиэтиир күҥҥэ күндү ыалдьыттарынан, улууспутугар сэдэх киинэни булан аҕалбыт И. С. Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизальнай нэһилиэстибэтин киинин пуондатын кылаабынай харайааччыта Анна Пшенникова уонна киин аудиовизуальнай докумуоннар харайыы уонна учуотун отделын сэбиэдиссэйэ Вера Никифорова буоллулар. Кинилэр өссө төгүл мустубут дьоҥҥо киинэ хайдах булуллубутун, кини сыаннаһын билиһиннэрдилэр. Көрсүһүүнү Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова салайан ыытта. Кини ыалдьыттарга махтанан туран улуус дьаһалтатын Махтал суруктарын туттарда.
Киинэ кэнниттэн санаа атастаһыыта буолла. Манна бэйэлэрин санааларын уонна эҕэрдэлэрин Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев эттилэр уонна наҕараадаларын туттардылар. Саамай долгутуулаах түгэнинэн киинэҕэ көстөн ааспыт биир дойдулаахтарбыт чугас дьоно кэлэн махтал тылларын эппиттэрэ, санааларын тириэрдибиттэрэ буолла.
Ол курдук Бөтүҥ нэһилиэгиттэн нэһилиэк дьаһалтатын сүрүн исписэлииһэ Тамара Давыдова салайааччылаах дэлэгээссийэ кэлэн кытынна. Колхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, сэрии кэмигэр биир да дьонун хоргуппатах, нэһилиэгэр уот биэрэр станцияны аҕалбыт Михаил Тимофеевич Нестерев төрөппүт уола, кыраайы үөрэтээччи Алексей Нестерев, өр сыл агрономунан, Сэбиэт бэрэссэдэтэлинэн үлэлээбит Семен Михайлович Нестерев уола Анатолий Нестерев (киинэҕэ Семен Михайлович 14 саастаах пионер уол), нэһилиэк түмэлин дириэктэрэ Ольга Егорова, оскуола историяҕа учуутала, түмэли салайыыны туппут Егор Никифоров санааларын үллэһиннилэр. Салгыы Саха АССР Үөрэҕин наркомунан үлэлээбит, сэрии кэмигэр интернаттары олохтоон элбэх оҕону аччыктаан өлүүттэн быыһаабыт, кэлэр сылга төрөөбүтэ 120 сылын туолар Василий Назарович Чемезов аймаҕа Гаврил Чемезов, бу ыһыахха 2 саастаах сылдьан Эмистэн киирэн дьонун кытта сылдьыбыт Матрена Барашкова, сэрии кэмигэр элбэх тулаайаҕы ылан иитэн атахтарыгар туруорбут, үөрэхтээбит, Чакыр нэһилиэгэр Сэбиэтинэн үлэлээбит Мария Семеновна Кузнецова-Сэбиэт Маайа сиэннэрэ, аймахтара Нина Карамзина, Мария Игнатьева, норуот ырыаһыта Екатерина Иванова хаан аймаҕа Ирина Кондакова, бу ыытыллыбыт ыһыахха дакылаат оҥорбут, оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Василий Егорович Константинов төрөппүт кыыһа Анна Филиппова бэйэлэрин дьоннорун туһунан олус долгуйан туран кэпсээтилэр, кинилэри бу баардыы көрөр түгэни бэлэхтээбит аудиовизуальнай киин үлэһиттэригэр дириҥ махталларын биллэрдилэр. Мария Игнатьева бэйэтин санаатын үллэстиитигэр Кыайыы 80 сылын көрсө манна киинэҕэ көстүбүт дьон аймахтара, дьоммут туһунан түмэн кинигэтэ таһаарыаҕын, ол бу киинэ салгыыта буолуо этэ диэн этии киллэрдэ.
«Сэдэх киинэ-докумуону киэн эйгэҕэ Аммабыт олохтоохторугар таһаарар дьоһун күммүтүгэр, төһө да тымныы, ардахтаах күн буоллар дьон хото кэлбитэ кэрэхсэбиллээх. Олус истиҥ кэпсэтии буолла. Киинэҕэ көстүбүт биир дойдулаахтарбыт аймахтара кэлэннэр, бэйэлэрин санааларын үллэстибиттэрэ, дьоннорун туһунан кэпсээбиттэрэ хайҕаллаах. Киинэбитин хас көрдөхпүт аайы саҥаттан арыллан иһэр курдук. Холобура, бу көрүүгэ Амма олохтоох Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, Ыһыахтыыр парканы туттарбыт Иннокентий Андреевич Швердины булан көрдүм. Бөтүҥтэн Анатолий Нестерев бастаан киинэни көрөрүгэр эһэтин булан көрбүт буоллаҕына, бүгүн аны аҕатын булан үөрүү бөҕөтө. Ити курдук киинэбит өссө да үөрэтиллэрэ элбэх, историческай суолтата сүҥкэн. Элбэх киһи ыһыах ыытыллыытын сиэригэр-туомугар, дьон таҥаһыгар-сабыгар болҕомтотун уурда, саҥаны биллэ. Бу киинэни Дьокуускай куоракка Арктическай форумҥа сүрэхтиирбитигэр элбэх учуонай, этнограф кыттыыны ылан санааларын эппитэ. Онно ити ыһыахха киириигэ саламаны быһаҕынан быһа сотуу бу эргэ олохтон саҥа олоххо үктэнии сиэрэ-туома буоларын, кымыһы иһии бэрээдэгин, ыһыахха хайдах хааман киириллэрин, аттары сэргэҕэ хайдах быһыылаахтык баайалларын барытын сүрдээх үчүгэйдик наука өртүттэн дакаастаан кэпсээбиттэрэ. Бу барыта биһиги өбүгэлэрбититтэн кэлбит Ыһыаҕы ыһыыга умнуллубут үгэстэрэ бу киинэттэн үөрэтиллэн сөргүтүллүөн сөп. Мин аҕам Сольскай Васильевич Скрябин бу 1944 сыллаах ыһыах Кыайыыга туһуламмыт улахан тэрээһиннээх ыһыах буолбута диэн кэпсиир этэ. Колхуос туруу үлэһиттэрэ нэһилиэктэртэн атынан айаннаан киирэн ыһыахтаабыттар. Элбэх ыалдьыт кэлбит. Саха тыйаатыра тахсан “Ньургун Боотур” испэктээҕи көрдөрбүт. Дьэ маннык дьон санаатын көтөҕөр, Кыайыыны түстүүр ыһыах олус үчүгэйдик үйэтиллибитин өрөспүүбүлүкэбит аудиовизуальнай киинин үлэһиттэрэ сыралаах үлэлэринэн булан аҕалан биһиэхэ, Амма дьонугар-сэргэтигэр бэлэхтээбиттэригэр истинник махтанабыт”, — диэн Амма улууһун муниципальнай архыыбын салайааччыта Катерина Окорокова санаатын үллэһиннэ.
Киинэттэн киинэ диэбит курдук, бу күн аудивизуальнай киин улууска ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын устан үйэтиппитин диискэҕэ киллэрэн муниципальнай архыыпка бэлэхтээбитэ биир умнуллубат түгэн буолла. Маны сэргэ бу кэлэ сылдьан салгыы бииргэ үлэлэһэргэ улуус култууратын уонна норуот айымньытын салаатын кытта Сөбүлэһии түһэристэ.
Сиһилии киин үлэтин уонна киинэ туһунан хаһыаппытыгар сырдатыахпыт. Улуускут соҕотох хаһыатын сурутун, ааҕыҥ, сэргээҥ.
“Амма олоҕо” хаһыат