Ааспыт өрөбүлгэ соморсуннар күһүҥҥү муҥха „күүлэйигэр” Ойбон күөл уонна Тоҥус кыыһа эбэлэргэ баай Байанай ый барыылаах аанын алгыстаан арыйдылар. Бу күн тэрээһиҥҥэ элбэх киһи оҕотуттун кырдьаҕаһыгар диэри түмсэн, күөл боллох бэлэҕиттэн күндүлэнэн, муҥха күрэхтэригэр, оонньууларыгар кыттан, үөрдүлэр-көттүлэр.
Ол курдук,“Бастыҥ анньыыһыттар” анал аат кыайыылаахтарынан Роберт Еримеев, Гаврил Катакинов, ”Бастыҥ дружбист” Амматтан Олег Катакинов, “Сахалыы таҥастаах нырыыһыт” Марина Иннокентьевна Нестерева, “Саамай ыраахтан кэлбит муҥхаһыттар” — бу эбэлэр муҥхаларын өрүү көтүппэккэ сылдьар Амматтан Борохиннар дьиэ кэргэннэрэ буоллулар.
Нэһилиэкпит аҕам саастаах соҕотох олорор кырдьаҕастарын, доруобуйаларынан хааччахтаах дьонугар көмөлөһөн, муус ылыытын акциятыгар нэһилиэк тэрилтэлэрэ куруук көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, А.П. Рязанскай аатынан оскуолатын уолаттара, эр дьоно тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр, бэтэрээннэригэр, оскуолаҕа иһэр муустарын ылан тиэйдилэр.
Оттон сэтинньи 4 күнүгэр нэһилиэк тэрилтэлэрин эр бэртэрэ „Үлэ күүһэ“ күрэххэ, муус ылыытыгар иккис сылын турууластылар. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн бастакы миэстэҕэ 9-с нүөмэрдээх баһаарынай чаас байыастара кыайыылаах таҕыстылар, кинилэртэн бэрт кыранан хаалан олох-дьаһах хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ иккискэ таҕыстылар. 3-4-с миэстэлэргэ олохтоох дьаһалта, кулууп холбоһуктаах хамаандата уонна орто оскуола хамаандалара таҕыстылар. Кыайыылаахтарга олохтоох дьаһалта туруорбут 10000 солкуобайдаах сэртипикээтэ, кыттыбыт хамаандаларга биир дойдулаахпыт Дмитрий Старостин туруорбут харчынан бирииһэ туттарылынна. Бу тэрээһиннэр түмүктэринэн нэһилиэк 50-ча ыала кыһын иһэргэ ыраас мууһунан хааччыллыахтара.
Эмиэ бу күн олохтоох библиотекаҕа нэһилиэк кэрэ аҥардара байыаннай көстүүмнэри тигиигэ биир дойдулаахпыт, элбэх оҕолоох эдэр ийэ „Амарах сүрэх“ общественнай түмсүү волонтера – Сардана Попова маастар кылааһыгар сылдьан, көстүүмнэри тигэргэ үөрэннилэр. Биир күн устата кыргыттар 4 комплект көстүүмү дьиэни-уоту умнан, тура тэбинэн тигэн бүтэрдилэр. Сардана бу күһүн Дьокуускайга кыра оҕотун көрдөрө сылдьан, быыһыгар биир да күн өрөөбөккө иистэнэр сыахха баран, элбэх көмөнү оҥорбута. Сорох көстүүмнэри дьиэтигэр илдьэ кэлэн тикпитэ, салгыы биир дойдулаахтарын үөрэтэн, кыайыы туһугар кылаатын киллэрэн барыларын түмтэ.
Нэһилиэк түөлбэлэрэ бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга иккистээн эмтэниини ааһан уонна анал байыаннай үөрэх кэнниттэн дойдуларын көмүскүү баран эрэр биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөн 130000 солкуобайы хомуйан ыыттылар.
Бу курдук соморсуннар Дойдуга ил-эйэ олохтоноругар, дьоммутугар-сэргэбитигэр күннээҕи түбүктэрин кыччатан көмөлөһөн үтүө-санаа тэрээһиннэригэр сомоҕолостулар.
Надежда Белолюбская.