Соморсун оҕолоро сайыннарын сэргэхтик атаардылар

Соморсун оскуолатын «Эрэл» лааҕырыгар икки сезоҥҥа 3 хайысханан  40 оҕо сынньанна. Сыл аайы оҕолор үлэҕэ үөрэнэллэрэ үтүө үгэскэ киирдэ. Сибэкки арааһын, хортуоппуйу көрөн-истэн, сыыс отун ыраастаан, уу кутан күһүн элбэх үүнүүнү ылаллар. Маны таһынан араас таһымнаах тэрээһиннэр, бэсиэдэлэр, күрэстэр буоллулар. Төрөөбүт дойдуну таптыырга, дойду сирин-аатын билэргэ, сиэрдээх буоларга, тутта-хапта сылдьарга, оҕо дьоҕурун арыйыыга элбэх үлэ барда.  Оскуола түмэлигэр оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэттилэр. Маны таһынан баһаарынай чааска сылдьаннар уоттан, суолга,  ууга сэрэхтээх буоларга бэсиэдэлэри иһиттилэр.

Соморсун орто оскуолатын оҕолоро «Дьулуур» этэрээккэ сүүрэн-көтөн, эттэрин-хааннарын тэниттилэр. Чэбдик салгыҥҥа оҕо успуордун тириэньэрэ, иитээччи Марианна Садоковна Нестерова, экологическай туризмҥа эдэр учуутал Дьулус Ефимович Караканов анаан дьарыктаатылар. Иитээччи, муусука учуутала Марианна Валерьевна Тараховская «Дуолан» ырыа лааҕыра 10 оҕону хабан олус айымньылаахтык уонна таһаарыылаахтык  үлэлээтэ. Лааҕыр үлэтин түмүгүнэн Алтана Артемьева тылларыгар, Марианна Тараховская матыыбыгар, Николай Кучутов сатабыллаах устуутунан «Уол оҕо-эр хоһуун» диэн бэртээхэй клип уһулунна.

Иккис сезоҥҥа «Өбүгэ ситимэ» диэн хайысханан иитээччи Галина Иннокентьевна Кутукова 10 оҕону дьарыктаан төрөппүттэр махталларын ылла.

Ол курдук 120 саастаах хос-хос эһэтэ туппут өбүгэлэрин балаҕаныгар араас дьарыктары, маастар кылаастары ыыттаран оҕолор интэриэстэрин тарта, сахалыы эйгэлээх дьиэҕэ-уокка, сахалыы эйгэлээх тиэргэҥҥэ талааннаах дьону балаҕаныгар ыҥыран олус туһалаах тэрээһиннэр буоллулар. Оҕолор  суоруна тааска  бэйэлэрэ тардыбыт бурдуктарынан Нина Афанасьевна Башкина саха лэппиэскэтин астаан оҕолору күндүлээтэ, Варвара Алексеевна Рязанская өбүгэлэрбит оонньоон кэлбит остуол оонньууларыгар, Анна Егоровна Кононова кылтан, сиэлтэн тымырдаайы оҥоруутугар маастар кылаастары ыытан оҕолор интэриэстэрин тартылар.

 

Түмүккэ оҕолор бэйэлэригэр бэлэх курдук тымырдаайы оҥостон үөрүүлэрэ үксээтэ. Олохтоох кулууп үлэһиттэрэ Туйаара, Айаал Белолюбскайдар өбүгэлэрбит туттар муусука үнүстүрүмүөнэригэр кырыымпаҕа оонньоотулар, оҕолору үөрэттилэр. Маны таһынан иитээччи Галина Иннокентьевна сыал ытыытыгар, дартска күрэстэри, сүүрүүлээх оонньуулары  ыытта. Бу курдук биһиги оҕолорбут бу сайыны олус интэриэһинэйдик уонна туһалаахтык атаардылар.

 

Светлана ДЬЯЧКОВСКАЯ

Читайте дальше