Соморсун оскуолатын тэрээһиннэрэ дьиэ кэргэттэри сомоҕолууллар

Алтынньы ыйга А.П. Рязанскай аатынан Соморсун орто оскуолатыгар бииртэн-биир интэриэһинэй тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар. Төрөппүтү кытта былааннаах, ситимнээх үлэ дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ төһүү күүс буоларын таба өйдөөн, оскуола дьаһалтата манна сүрүн болҕомтотун уурар.

Ол курдук, алтынньы 16 күнүгэр оскуолаҕа үөрэнээччилэр Аҕа күнүгэр аналлаах фотоколлаж бэлэмнээтилэр, эбиэттэн киэһэ аҕа оҕотунаан  кыттыылаах “Дартс” күрэҕэ буолан ааста. Күрэххэ барыта 10 хамаанда кытынна.

“Дартс” — бу бэргэн быраҕыыны, хомуллууну эрэйэр күрэх. Бэйэтэ бэрт судургута суох быраабылалаах. Күрэҕи оскуола физкультураҕа учуутала Кононов Николай Егорович иилээн-саҕалаан ыытта.

Бу ыытыллыбыт күрэххэ кыра сүһүөх кылаас хамаандаларыттан кыайыы өрөгөйүн биллилэр: Александр Александрович, Артур Неустроевтар – I миэстэ; Семен Владиславович, Паша Нестеревтэр – II миэстэ; Александр Федотович, Саша Капитоновтар — III миэстэ.

Улахан кылаас хамаандаларыттан: Аркадий Михайлович, Дамир Протопоповтар — I миэстэ; Николай Николаевич, Талбан Андросовтар – II миэстэ; Семен Иванович, Саша Аммосовтар – III миэстэни ыллылар.

Бары хамаандалар күрэх өссө кэнники салгыы ыытылларыгар баҕа санаалаах тарҕастылар.

Оттон ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһин чэппиэр киэһэ бырааһынньыктыы киэргэтиллибит саалаҕа истиҥ-иһирэх ийэлэри биир сиргэ муста. Хас биирдии кылаас төрөппүттэрэ — ийэлэр долгуйан, бэлэмнэнэн кэлэннэр, 4 түһүмэхтээх күрэххэ кытыннылар. Ол курдук, 19 ийэ “Оҕолорбут таайбараҥнара”, квест-оонньуу, таба таай, киинэ геройдарын персонажтарын таҥнан, артыыстаан көрдөрдүлэр. Хас биирдии түһүмэх сытыы өй, түргэн хамсаныы, бэйэ-бэйэни өйдөһүү баар буоллаҕына ситиһии баар буоларын бигэргэттэ. Түһүмэхтэр икки ардыларыгар оскуола “Дуолан-Уолан”, “Ай-Куо” ырыа бөлөхтөрө, Айсаана Охлопкова, Галя Мартынова, Тамила Терентьева, Милана Горохова, Сайнаара Кузьмина, Анжелика Борохина ырыанан, Ангелина Мартынова,Айсана Охлопкова “ Хотугу үҥкүү” толорон эҕэрдэлээтилэр.

Көрөөччүлэр болҕомтолорун саамай тардыбыт түһүмэҕинэн 4-с түһүмэх буолла. Манна ийэлэр “Гарри Поттер”, “Зита и Гита”, “Бандитки”, “Морозко”, “Люди в черном”, “Женитьба Бальзаминова”, “Семейка Адамс”, “Астерикс и Обеликс”, “Малифисента”, “Кавказская пленница” курдук киинэлэр персонажтарын итэҕэтиилээхтик дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан көрдөрдүлэр.

“Ийэ истиҥ мичээрэ” биэчэр күрэҕин түмүгүн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Надежда Гаврильевна Белолюбская иһитиннэрдэ. Күрэх түмүгүнэн хас биирдии ийэҕэ Махтал сурук, сертификаттар туттарылыннылар уонна кыайыылаахтар ааттаннылар. Бастыҥ кыттааччыларынан: М.Н. Степанова, И.В. Аммосова (5 кылаас), М.В. Тимофеева, Н.М.  Окорокова (6 кылаас), Н.Н. Протопопова, А.Е. Мартынова (10 кылаас) төрөппүттэрэ буоллулар.

Ийэ күнүгэр аналлаах күрэхтэн көрөөччүлэр, кыттааччылар дуоһуйан, астынан тарҕастылар.

Даайа Давыдова, 9 кылаас,  Айыына Мартынова, 10 кылаас  үөрэнээччилэрэ, Соморсун.

Читайте дальше