Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Николай Рязанскай улуус бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай 150 сылыгар анаан ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Соморсун нэһилиэгэр, үөрэммит оскуолатыгар анал уруһуйдарын быыстапката буолан ааста.
«Үтүөнү өйдүүр, кэрэни кэриэстиир көлүөнэ эрэ үрдүк аналга тиксэр дьылҕалаах» диэн саха народнай суруйааччыта Софрон Данилов этэн турардаах. Ол курдук Аан Дойдутааҕы худуоһунньуктар федерацияларын уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, Амма улууһун, Сулҕаччы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, Арасыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун Кыһыл көмүс мэтээлин уонна Амма улууһун “Уран ууһа” бэлиэ хаһаайына Николай Рязанскай, улуус бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай 150 сылыгар анаан ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Соморсун нэһилиэгэр, үөрэммит оскуолатыгар анал уруһуйдарын быыстапкатын дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарар бэлиэ түгэнэ буолан ааспыта. Худуоһунньук 1990 сылтан уруһуй кэрэ эйгэтигэр сыстан, айымньы алыбар ылларан үгүс элбэх үлэни оҥорон таһаарда. Кини уруһуйдарын сүрүн темата — тыа сирин дьонун олоҕун сырдатыы, хас биирдии киһи үтүө өйдөбүлэ – умнуллубат оҕо сааһы ойуулааһын буолар.
Худуоһунньук Николай Рязанскайы кытта көрсүһүүнү үөрэнээччилэр, учууталлар, олохтоох нэһилиэнньэ олус диэн сэҥээрдилэр, интэриэһиргиир үгүс ыйытыыларын биэрдилэр, истиҥник сэһэргэстилэр. Николай Николаевич олоҕун аргыһа, өйүүр-өйдүүр чугас киһитэ Екатерина Филипповна Москваҕа, Санкт Петербург куораттарга ыытыллыбыт анал быыстапкаларын туһунан олус үчүгэй кэпсээнэ дьон болҕомтотун тарта. Николай Николаевич кэргэнинээн оскуола музейын олус сөбүлээн, интэриэһиргээн көрдүлэр. Оскуолаҕа үөрэммит сылларыгар ананан оҥоһуллубут альбому көрөн оҕо сааһын санаан, ахтан ылла. Бу күн Николай Николаевич дьикти хартыыналарын дьон-сэргэ кэрэхсии, умсугуйа, олус диэн сэҥээрэ көрдө, хас биирдии уруһуй ис хоһоонун бэйэтигэр иҥэрэн, чугастык ылынан дууһалыын дуоһуйан тарҕаста. Худуоһунньук Николай Рязанскай айар үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, араас өҥүнэн суһумнуур аптаах киистэтиттэн көрөөччү сэҥээриитин, дьон кутун тутар уруһуйдар кынаттанан тахса турдуннар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Анисия ГОТОВЦЕВА , Надежда ОХЛОПКОВА